Түөлбэлэр эр дьоно, уолаттара тургутустулар

Сэтинньи 3 күнүгэр 2 Хомустаах нэһилиэгэр, Россияҕа Аҕа уонна Суоппардар күннэрин чэрчитинэн, түөлбэлэр икки ардыларыгар «Эркин курдук эрэнэр эр дьоммутугар, ордоо-дугуй уолаттарбытыгар» анаммыт күрэх өрө күүрүүлээхтик ыытылынна.

Күрэхтэһиини «Сэргэлээх» ЭКК специалиһа Василий Чемпин уонна спорт киинин инструктора Ньургуяна Протопопова иилээн-саҕалаан, тэрийэн ыыттылар.  Күрэхтэһии 4 түһүмэҕинэн ааста: 1 түһүмэх — «Корнхол», 2 түһ. — «Сыал ытыыта», 3 түһ. — «Хапсаҕай», онтон +45 саастарыттан үөһэ «Муҥха тардыһыыга» кииристилэр. Бүтэһик 4-с түһүмэххэ долгутуулаах «Канат тардыһыыта» буолла. Күрэххэ 4 түөлбэ көхтөөхтүк кытынна. Түмүгэр 1 м. «Сайдам», 2 м. — «Дьулуур», 3 м. — «Чагда» уонна 4 м. «Сатас» түөлбэлэр ыллылар.

Кыайыылаахтар грамоталарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаланнылар.  Манна кэлбит хас биирдии көрөөччү күрэх кыттааччыларыгар ыһыытаан-хаһыытаан, түөлбэлэригэр ыалдьан долгуйдулар, ытыс дохсун тыаһынан үөрэ-көтө көрүстүлэр, умнуллубат кэрэ түгэни атаардылар.

Саргылана Попова, «Сэргэлээх» ЭКК методиһа, 2 Хомустаах.

 

 

 

 

Читайте дальше