Убаастабыллаах Нам улууһун ытык-мааны дьоно-сэргэтэ, биир дойдулаахтарым!

Кулун тутар 15-17 күннэригэр ураты эппиэтинэстээх, инники сайдыыбытын, кэскилбитин түстүүр Россия Федерациятын бэрэсидьиэнин быыбара түмүктэннэ.

Нам улууһун дьоно-сэргэтэ Владимир Путин туһугар 89,36% бырыһыаны ылары ситистибит. Быыбар түмүгэ Дойдубут Президенэ норуотун туһугар ыытар үлэтэ сайдыы суолунан бигэтик баран иһэрин, ону бар дьон өйдүүрэ, өйүүрэ билиннэ.

Улууһум дьонугар-сэргэтигэр Нам улууһун дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан быыбарга кыттан, быыбардыыр быраапкытын толору туһанан, ытык иэскитин толорбуккутугар, дойдубут сайдыытын туһугар куоластаан бэйэҕит баҕа санааҕытын биллэрбиккитигэр махталбын тиэрдэбин.

Инникитин даҕаны модун Россия чэчирии сайдарын, үүнэр көлүөнэбит туһугар бары сомоҕолоһон, түмсүүлээхтик үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырабын!

Бука барыгытыгар этэҥҥэ буолууну, эйэлээх халлааны баҕарабын.

Махталы кытта, «Нам улууһа» МТ баһылыга Ю.И. Слепцов

Читайте дальше