От ыйын 14 күнүгэр Хамаҕатта нэһилиэгин «Убаһа муммут» сайылык олохтоохторо, Елизавета Степановна Аргунова саҕаттан ыытыллар тэрээһини салҕаан, кыыһа Аграфена Находкина көҕүлээһининэн, сылын ахсын «Доярка ыһыаҕын», атыннык эттэххэ «Сайылык ыһыаҕын» тэрийэн ыыттылар.
Бу сайылыкка 7 ыал тахсан быр-бааччы олороллор. Хороҕор муостаах мэччирэҥнээх сиргэ кэлэн үүттэрэ эбиллэн, ыанньыксыттар үөрүүлэрэ үгүс.
Хамаҕатта нэһилиэгин баһылыга Евгений Ушницкай үлэни өрө туппут сайылык дьонугар эҕэрдэтин тириэртэ, махтал сурук туттартаата.
Бу үөрүүлээх күн хомоҕой хомус дьүрүһүйэ оонньоото, эйэҕэс ырыа эйээрдэ.
Сайылык дьоно оонньууну оройуттан тутан, кырдьаҕастар кумахтаах мөһөөччүк быраҕа күрэхтэстилэр, сэппэрээтэр хомуйууга куоталастылар, онтон эдэрдэр волейбол оонньоон элэҥнэстилэр.
Кырачаан оҕолор туора турбакка күөгүнэн балык тута оонньоотулар, тиһэххэ бары бириис тутан үөрдүлэр.
Бу бэртээхэй тэрээһиҥҥэ остуол хотойорунан ас мааныта -үтэһэлээх эт,ис, кыынньыбыт быыппах, субу сүүрдүллүбүт сөп сөрүүн сүөгэй…киһи эрэ сайылыкка олоруох, үлэлиэх баҕата кэлэр
Лена Корякина
📸 Касьян Олесов