Суздалов Николай Филиппович үлэлээбит сылларын уопсай ыстааһа холбоон 50 сылга тэҥнэһэр. Мантан 42 сыл суоппардаабыта. Ол иһигэр 26 сыл «Эҥсиэли» такси коммерческайа суох тэрилтэҕэ үлэлээбитэ.
Николай Филиппович оскуоланы бүтэрээт даҕаны үлэлээн саҕалаабыта. Бу үлэлээбит сылларын тухары кини бэйэтин мэлдьи үчүгэй эрэ өттүнэн көрдөрөн кэллэ. Дьиссипилиинэлээх, эппиэтинэстээх үлэһит быһыытынан сыаналанар. Араас категориялаах массыынаны сатабыллаахтык салайар. Бары ирдэниллэр техническэй быраабыланы, бэрэбиэркэни эндэппэккэ билэр, тутуһар уопуттаах суоппар быһыытынан билиниллэр. Туох эмит кэһиллии таҕыста да уталыппакка өрөмүөннүүр, туоратар. Бу курдук массыынатын мэлдьи техническэй туругун кэтиир, ыраас, чэнчис таксист.
Николай Филиппович дьону таһыы быраабылатын тутуһар, хаһан да кэспэт. Өскөтүн суолга күүтүллүбэтэх өттүттэн уларыйыылар таҕыстахтарына, бары үөскээбит балаһыанньалары учуоттаан сөптөөхтүк дьаһанар. Коллегаларын уонна пассажирдарын кытта мэлдьи истиҥ-эйэҕэс сыһыаннаах, элэккэй, кэпсэтинньэҥ, бириэмэни тутуһар, көмөлөһөргө бэлэм. Онон айанньыттар кинини убаастыыллар, үчүгэй эрэ өттүнэн сыаналыыллар, махтаналлар.
Суоппардаабыт сылларын тухары Николай Филиппович биирдэ даҕаны суол саахалын таһаарбатах. Онон коллективка үрдүк аптарытыаттаах. Уопуттаах таксист быһыытынан сүрүн болҕомтотун эдэр суоппардар профессиональнай хаачыстыбаларыгар ууран, билиитинэн- көрүүтүнэн сүбэлээн-амалаан көмөлөһөр. «Эҥсиэли» такси сулууспатыгар 26 сыл үлэлээбитин тухары наставник-суоппар быһыытынан үгүс эдэр киһини иитэн-такайан таһаарда. Кинилэр Николай Филипповиһы убаастаан, сыаналаан, көрүстэллэр эрэ «аксакалбыт» диэн ыҥыраллар уонна мэлдьи махтал тылларын этэллэр.
Киһи быһыытынан олоххо олус көхтөөх общественнай көрүүлээх. Доруобай, чөл олоҕу тарҕатааччы. Үлэтигэр үтүө суобастаах сыһыанынан истиҥ убаастабылы уонна билиниини ылыан ылар.
Николай Филиппович бастыҥ үлэтин иһин тэрилтэ салалтатыттан элбэхтик хайҕаммыта, Махтал суругунан уонна харчынан бириэмийэнэн
наҕараадаламмыта. Ол курдук, өр сыллаах туйгун үлэтин иһин СӨ транспорын уонна суолун хаһаайыстыбатын министриттэн Махтал суругунан, улуус баһылыгын Бочуотунай грамоталарынан бэлиэтэммитэ.
Байдам Мардьа Марха Уола, «Эҥсиэли» такси сулууспатын салайааччыта:
— Мин кинини кытта 22 сыл бииргэ үлэлээн кэллим, онон олус үчүгэйдик билэбин, дириҥник убаастыыбын, сыаналыыбын. Бэйэҥ тускунан кэпсээ эрэ диэтэххэ, ойоҕум үтүөтүнэн үлэһит буолбутум, ситиһии баар эбит да буоллаҕына, кини өйөбүлүнэн барыта ситиһиллибитин бэлиэтиир. Ону мин олус астына истэбин. Убайбыт дьон туһугар, дьон иннигэр үлэлээҥ диэн эппитэ биһиэхэ барыбытыгар холобур буолар. Холобура, пассажирдары аадырыстан аадырыска тиэрдэн биэриэххэ диэн аан бастаан Чурапчы Баһылайдыын кинилэр тыл көтөхпүттэрэ. Табаҕы тардыбат, арыгыны испэт, уопсайынан, киһи холобур туттар убайа. Онон биһиги кинини таксистарга наставник быһыытынан билинэбит, сыаналыыбыт.
«Эҥсиэли» такси профкома