Күн түһэр утаҕын көрөбүн,
Күүтэбин ээ, бу сырдык утахтан,
Дьылҕам инники омоонун,
Дьоллоохтук бу сиргэ сылдьаары.
Илиибин ууна, харахпын симэ
Уруйдуом биир саҥа күнү,
Уруйдуом олоҕум биир кэрэ күнүн,
Айхаллыам дьиктилээх үтүө күнүн…
Бу этиллибит хоһоон строкалара олоххо тардыһыы, олохтон үтүөнү, кэрэни эрэнэ күүтүү күүһүн, күн сардаҥаларыттан дьол сырдык утаҕын ситимнээн, олох хас биирдии күнүн бэлэх курдук ылынан, сырдыкка талаһыыны көрдөрөллөр. Бу маннык дууһаны таарыйар ис хоһоонноох строкаларынан, балаҕан ыйын 2 күнүгэр З.П.Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолатын түмэлигэр “Бар дьоҥҥо уйгулаах олоҕу анаары” кинигэ-альбом сүрэхтэнэр өйдөбүнньүк күнэ буолан ааста.
Альбом-кинигэ биир бастакынан бэбиэскэ тутан, 2022 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр байыаннай дьайыыга мобилизацияҕа ыҥырыллан, дойдубут туһугар сырдык тыынын толук уурбут Үөдэй нэһилиэгин эрэллээх ыччата Иван Иванович Яковлев сырдык кэриэһигэр ананан бэчээккэ таҕыста.
Эргиллибэт оҕо саас
Ваня туһунан кылгастык сырдатан аастахха, 1991 сыллаахха Валентина Эдуардовна, Иван Дмитриевич Яковлевтарга үһүс оҕонон уол оҕо буолан күн сирин көрбүтэ. Кыра эрдэҕиттэн кыахтааҕа, дьулуурдааҕа, спорка дьоҕурдааҕа биллэн, дэгиттэр спортсмен буолан иитиллэн тахсыбыта. Улахан кылаастарга волейболга утумнаахтык дьарыктанан, Александр Романов тренердээх Амма спортивнай оскуолатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Оскуола кэнниттэн Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтун үөрэнэн физкультура учууталын идэтин ылбыта. Ытык иэһин толорон, Владивосток куоракка этэҥҥэ сулууспалаан кэлбитэ.
Үлэтин маҥнайгы хардыытын Ньурба улууһун Антоновка орто оскуолатыгар физкультура учууталынан ананан саҕалаабыта, онтон оҕо спортивнай оскуолатыгар волейбол тренеринэн ситиһиилээхтик, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн испитэ. Дьылҕа хаан ыйааҕынан ыал буолан, икки уол оҕоҕо тапталлаах аҕа дэтэн, кырачааннарыгар эрэллээх эркин, дурда-хахха буола туруох эрэлэ туолбакка, байыаннай дьайыы эпэрээссийэтэ саҕаланан барыта тосту уларыйбыта…
Сырдык аата мэлдьи ахтылла туруоҕа
Төрөппүттэрэ Иван, Валентина Яковлевтар уолларын сырдык аатын үйэтитэн кинигэни оҕолуу бүөбэйдээн күн сирин көрдөрөн сүрэхтээтилэр. Чахчы атын кинигэлэртэн уратытын, ыччаты, дьону-сэргэни элбэххэ үөрэтэр, патриотическай тыыҥҥа иитэр ис хоһооннооҕун кэлбит дьон бары бэлиэтээн эттилэр. Кинигэни таҥан, редакциялаан, бэчээккэ таһааран үлэлэспит оскуола түмэлин салайааччыта Алексей Дмитриевич Яковлев кинигэ ис тутулун дириҥэтэн билиһиннэрдэ.
Кинигэ Иван Яковлев орто дойдуттан суох буолбута биир сылыгар ананан “Офсет” тэрилтэҕэ “Дани – Алмас” хааччахтаммыт эппиэттээх тэрилтэҕэ бэчээттэммит. Хорсун буойун, “Эр санаа” уордьанынан наҕараадаламмыт Иван Яковлев (Вано) олоҕун кэрдиис кэмнэрин кэпсиир кинигэ 15 салааҕа наарданан оҥоһуллубут. Олоҕун үтүө түгэннэрин кэпсиир 357 хаартыска, төрөппүттэрин, чугас дьонун, учууталларын, доҕотторун, байыаннай дьайыыга сылдьыбыт табаарыстарын ахтыылара, маны сэргэ куйаар куодунан көстөр сэттэ видео таҥыллан киирбитэ ураты буолла. “Эн сырдык аатын мэлдьи ахтылла туруоҕа” түмүк салааҕа 2024 сылга Ваня сырдык кэриэһигэр ыытыллыбыт тэрээһиннэр киирбиттэр. Ол курдук, олунньу 24 күнүттэн кулун тутар 11 күнүгэр диэри улуустааҕы “Бастакылар хамсааһыннара” уонна П. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлин тэрийиилэринэн “Гордимся! Храним память” быыстапка-экспозиция, “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа Павел Никифоров устубут “Дойдубут туһугар” биэрии, Ньурба улууһугар эр дьоҥҥо ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи волейбол күрэҕин түгэннэрэ , Ньурбаҕа, Үөдэйгэ, Хомустаах Бастакы нэһилиэгэр туруоруллубут баннердар хаартыскалара киирбиттэр. Аныгы олох тэтиминэн кинигэҕэ киирбит сорох хаартыскалар телефон нөҥүө көрдөххө хамсыыр гына оҥоһуллубута кэрэхсэбиллээх буолла.
Киэн туттабыт!
Өйдөбүнньүк күҥҥэ Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Иван Васильевич Гаврильев, З.П. Саввин аатынан орто оскуола директора Вероника Ранвиловна Барашкова, Нам улууһун дьаһалтатын аатыттан муниципальнай хамсаабат баай-дуол салаатын кэмитиэтин слайааччытын солуйааччы Алексей Петрович Аммосов, Ньурба улууһун Антоновка нэһилиэгин баһылыгын сүбэһитэ Артур Янович Яковлев, Хомустаах 1 нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Алексей Григорьевич Захаров, Намнааҕы П.И. Сивцев аатынан История уонна этнография музей салайааччыта Александр Иванович Копырин, Ваня учууталлара, байыаннай дьайыыга сылдьыбыт доҕотторо, төрөппүттэрин табаарыстара, чугас аймахтара кыттыыны ыллылар.
Кэлбит дьон “Киэн туттабыт! Кэриэстиибит Эн үрдүк аакккын” диэн Иван Яковлевка анаммыт быыстапка-экспозицияны сэҥээрэ, ахта-саныы, уйадыйа көрдүлэр. Быыстапкаҕа Ваня дэгиттэр уруһуйдуур талаанын, спорка үрдүк ситиһиилэрин, олоххо тардыһыылаах күүһүн көрдөрөр, кэпсиир матырыйааллар, байыаннай дьайыыга сылдьан тутта сылдьыбыт мала-сала турбута кини күлүм гынан ааспыт олоҕун арылхайдык кэпсиирин саҥата суох, чуумпутук иһийэн, ахта-саныы, кэриэстии, ытыктыы, сыаналыы көрдүбүт.
Төрөппүттэрэ кинигэни таҥан, сааһылаан бэчээккэ таһаарбыт ытыктабыллаах Алексей Дмитриевич, Евдокия Кононовна Яковлевтарга, кинигэ тахсыытыгар күүс-көмө буолбут чугас аймахтарыгар, доҕотторугар махтанан туран түмэл дьиэтигэр Үөдэйтэн төрүттээх байыаннай дьайыыга сырдык тыыннарын толук уурбут уолаттарга аналлаах туспа муннук оҥоһулларыгар этиилэрин киллэрэн туран сэмэй кылааттарын уктулар. Маны сэргэ, Валентина, Иван Яковлевтар чугас доҕотторун аатыттан Александра Петровна Колесова байыастар сырдык ааттарын үйэтитэргэ көмөлөрүн түмэл салайааччытыгар Алексей Яковлевка туттарда.
Кинигэ олох сыаннастарын анааран көрүүгэ, майгы-сигили төрүттэрин, бэйэ-бэйэҕэ, дьиэ кэргэҥҥэ, уопсастыбаҕа сыһыаны, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии уонна гражданскай-патриотическай тыыҥҥа үөрэтэр, иитэр суолтата күүстээҕин биһирээтибит.
Екатерина Эверстова, Үөдэй
Алексей, Евдокия Яковлевтар хаартыскаҕа түһэриилэрэ