Хамаҕатта нэһилиэгин «Эрчим» спорт комплексыгар аан бастакы «Соҕуруу» уһуйааннар табаарыстыы көрсүһүүлэрэ бэрт сэргэхтик ааста.
Тэрээһин көҕүлээччитинэн «Тускул» уһуйаан профсоюзнай тэрилтэтэ (профком председателэ Галина Готовцева) буолар.
Сыралаах үлэ нэдиэлэтин кэнниттэн спорду, чөл олоҕу өйөөн Нам улууһун 6 уһуйаанын («Улыбка», «Мичийээнэ», «Кустук», «Веснянка, «Хомус», «Тускул») үлэһиттэрэ спорт 4 көрүҥэр илин-кэлин түстүлэр.
Спортсменнары ылбаҕай ырыаларынан төрөппүттэрбит Мария Соловьева, Дана Парникова эҕэрдэлээтилэр. Уһуйаан төрөппүттэрэ бары тэрээһиннэрбитигэр көхтөөхтүк кытталлара биһигини үөрдэр.
Хамаандалар бары да ох курдук оҥостон, кыайыыга сыаллаах кэлбиттэрэ кэтэ сылдьар формаларыттан саҕалаан, спортсменныы быһыыларыттан көстөр.
Дартска «Веснянкалар» бастаатылар, корнхолга «Кустуктар» ордуктар, хабылыкка «Тускуллар» чорбойдулар, көрдөөх стартка «Хомустар». Хамаандалар бары да эгил-тэгил кииристилэр.
Саамай ыһыылаах-хаһыылаах көрдөөх стартар буоллулар. Түһүмэхтэрэ да элбэҕэ, сонун көрүҥнэрдээх, сөкүүндэнэн арахсыылаах сытыы киирсии манна буолла. Биирдиилээн көрүҥнэргэ бастаабыттар мэтээллэринэн наҕараадаланнылар.
Уопсай түмүккэ, «Хомус» уһуйаан бастаан көһө сылдьар Кубогы илдьэ барда, 2-с хаһаайыттар «Тускуллар», 3-с «Веснянкалар» буоллулар.
Үлэни, спорду, сынньалаҥы дьүөрэлээн үлэ нэдиэлэтин түмүктээтибит. Ыҥырыыбытын ылынан кыттыыны ылбыт уһуйаан коллективтарыгар махтанабыт. Үлэҕитигэр ситиһиини, барыта санаа хоту ситэри, санаа хоту толору буоллуҥ.
Маргарита Охлопкова