Улуу Кыайыы күнэ оҕо хараҕынан

Хамаҕатталар Кыайыы күнүн дьоһуннук көрсөөрү араас хабааннаах үлэни тэрийэллэр, ол иһигэр оскуола оҕолоро кыттыһаллара үгүс. «Кытыл» түөлбэ олохтоохторо Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, Аҕа доҋду көмүскэлигэр сэрии хонуутугар охтубут Макар Иннокентьевич Жирков пааматынньыгын, тулатын оҕолуун-улаханныын субуотунньуктаан ыраастаатылар.

Е.М. Шапошников аатынан орто оскуола 5 «б» кылааһын оҕолоро (кылаас сал. Наталья Протопопова) үлэ уруогун учуутала Руслан Захаров көмөтүнэн гирлянда оҥорон бэлэмнээтилэр.

Нэһилиэк икки оскуолатын үөрэнээччилэрэ «Память поколений» акцияҕа кыттыһан, Кыайыы күнүгэр туттуллуохтаах гвоздика сибэккилэри оҥорон «Түһүлгэ» НАК туттардылар.

Хамаҕатта Е.М. Шапошников аатынан орто оскуолата уонна В.П. Артамонов аатынан лицейин учууталлара Кыайыы күнүн көрсүһэ сэрии кыттыылаахтара ини-бии Илья Васильевич уонна Петр Васильевич Мальцевтар, Иван Петрович, Иннокентий Петрович, Леонтий Петрович, Тарас Петрович Суздаловтар, Семен Петрович, Никита Петрович Жирковтар тустарынан сиэн оҕолоро, аймахтара — билигин оскуола учууталлара Маргарита Анатольевна Мухина, Ольга Дмитриевна Новгородова, Елена Прокопьевна Готовцева кылаас чаастарын оскуола үөрэнээччилэригэр ыыттылар. Көлүөнэлэри ситимниир патриотическай тыыннаах хамсааһын буолла.

1941-45 тыыннаахтар умнубат сыллара…

Мария Винокурова

Читайте дальше