Улууска оҕо хамсааһыныгар туһуламмыт маҥнайгы фестиваль

Балаҕан ыйын 29  күнүгэр М.К .Аммосов аатынан культура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар Нам улууһугар оҕо хамсааһынын фестивала үөрүүлээхтик ыытылынна. «Бастакылар күннэрэ» фестиваль киэҥ  программалаах, олус өрө тахсыылаахтык ааспыт.

В.П. Артамонов аатынан саха-француз лицейтэн «Биир  ситим» оҕолор түмсүүлэрэ үөрүүлээх чааска, быыстапкаҕа, анал темалаах күрэххэ, семинардарга көхтөөхтүк кыттыбыттар. Дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Светлана Новгородова биир саамай интэриэһинэй түгэнинэн Дьокуускайдааҕы культура колледжын устудьуоннара «Молодёжь против наркотиков» профилактическай бырайыак чэрчитинэн «Я иду искать» диэн театрализованнай представлениены оҕолор сэргээн көрбүттэрин этэр. Нам улууһун бары оскуолаларыттан оҕо түмсүүлэрэ, республикаҕа оҕо хамсааһынын тэрийэр комитетыттан, Нам улууһун дьаһалтатыттан,  үөрэҕирии салаатыттан кыттыыны ылан фестиваль үрдүк таһымҥа ааспытын, инники өттүгэр хамсааһын тахсарыгар болҕомто ууруллубутун бэлиэтиир.

Мария Винокурова

Читайте дальше