Быйылгы сыал-сорук – оҕо спордун өрө тардыы!

Нам улууһугар 2024 сыл Оҕо спордун сылынан биллэрилиннэ. Спортсмен кыра сааһыттан спордунан дьарыктаннаҕына, спорка көрдөрүүлээх буолан тахсара, эрэл үөскүүрэ хас да бүк улаатар. Спорт эйгэтигэр сыл устата күүстээх үлэ ыытыллара былааннанар. Ол курдук, улууска Оҕо спорда биллэриллибитэ историческай түгэн буоларын улуустааҕы спорт управлениетын салайааччыта Павел Иванов бигэргэтэр.

2022 сыллаахха күрэхтэһии лаппа аҕыйах эбит буоллаҕына, 2023 сыллаахха улуус спордун управлениета күрэхтэһиилэри икки төгүл элбэппит – 300 тахса. Бу сыыппара быйыл өссө улаатара сабаҕаланар.

“Спортинструктордар көмөлөрүнэн, 2023 сыл ситиһиилээхтик ааста. Нам улууһугар дьон спордунан дьарыктаныыта 11 тыһ. тахса киһи (50,1 %) буолбутун  статистика көрдөрөр. Бу улахан ситиһии. Дьон спорка хото кэлээһинэ, маассабас өттүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ 3 иһигэр баарбыт. Биһиги дьон биир-икки күҥҥэ буолбакка, олохтоохтук ылсан дьарыктанарын ситиһиэхтээхпит”, – диир Павел Гаврильевич.

Спорт саала дьиэтэ – нэһилиэнньэ тоҕуоруһа мустар сирдэриттэн биирдэстэрэ. Манна олохтоох дьаһалта эмиэ интэриэстээх буолуохтаах. Ол курдук, нэһилиэги култуура, спорт, үөрэх тэрилтэлэрэ өрө таһаараллар, сайыннараллар диэн өйдөбүл урут-уруккуттан баар. Бу этиини бигэргэтэн Ленскэй нэһилиэк сэлиэнньэҕэ Оҕо спордун уонна Ыччат, Хатыҥ Арыы Спорт уонна Доруобуйа сылларын биллэрбиттэр. Павел Иванов спорт араас көрүҥнэригэр элбэх киһи дьарыктанарын этэн туран, спорт саалаҕа үгүс киһи кэлэрин ситиһиэхтээхтэрин үлэһиттэргэ өссө төгүл туһаайар.

Тылынан этэргэ боростуой, чэпчэки. Нэһилиэк төһө нэһилиэнньэлээҕиттэн улахан тутулуктаах. Былааҥҥа турар бачча үлүгэр элбэх күрэхтэһиилэргэ аҕыйах ахсааннаах нэһилиэктэргэ чэпчэтии баар буолуоҕа.

Улууска Оҕо спорда мээнэҕэ биллэриллибэтэҕэ чахчы. Салалта сөпкө өйдөөн, түһүүлээх-тахсыылаах хайысханы көннөрүүгэ, таһаарыыга араас сыллары биллэрэн кэллэ. Өрө тардыныы бириэмэтэ дьэ, саҕаланнаҕа. Бу күнтэн үөрэх тэрилтэлэригэр физкултуура учууталлара, тренердэр үлэлэрин ордук күүһүрдэллэрэ болҕомтоҕо ылыллыаҕа.

Быйылгы сыал-сорук – оҕо спордун өрө тардыы! Улуус үөрэҕин управлениета үөрэҕи уонна спорду тэҥҥэ тутан, төһө кыалларынан, үөрэнээччилэри нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар спартакиадаҕа кытыннарыаҕа, сыһыарыаҕа! Комплекснай спартакиадаҕа үөрэнээччи күрэхтэһэригэр оскуола дириэктэрэ быһаччы оруоллаах буолуоҕа. Ити курдук, хамсааһын тахсарын, туох, хайдах быһыы-майгы буола турарын улуус дьоно-сэргэтэ кыраҕатык кэтиэҕэ.

Улахан уларыйыы комплекснай спартакиадаҕа күүтэр. Холобура, 2023 сылга диэри биир көрүҥҥэ сылга 2-3 күрэхтэһии тэрийэр буоллахтарына, быйыл биир көрүҥ ортотунан 4 түһүмэхтээх буолуоҕа диэн кытаанах сыал-сорук турар. “Аҕыйах күрэхтэһиилээхпит” диэн остуол оонньуутун уонна буулдьанан ытыы представителлэрэ этэн турардаахтар.

“Нам улууһа урут сыл атаҕар баһыгар биир-икки күрэхтэһии оҥороругар, өрөспүүбүлүкэҕэ күттүөннээх утарсыы оҥорбот буола сылдьыбыт кэмнэрдээх этэ. Арай Саха норуоттарын Спортивнай оонньуулара ыытыллар кэмигэр бэйэбит улууспутугар 4-5 күрэхтэһиини ыыппыппыт. Ол хамсаныы туһаны биэрбитэ, оонньууларга үчүгэй көрдөрүүнү ситиспиппит.

Оттон бүгүн маннык быһаарыныы ылыммыппыт сөп диибин. Спорка бу суолунан бардахпытына, ханнык баҕарар күрэхтэһиигэ бэлэмнээх буолуохпут дии саныыбын”, – диэн этэр 1 Хомустаах спортинструктора Семен Охлопков.

Билигин улуус спорда бу көрүҥнэргэ ыарахаттары көрсөр – мас тардыһыыга, гиирэ спордугар, көҥүл тустууга, биирдиилээн маассабай оонньууларга. Өрүттүү барарыгар бары тренердар, энтузиаст дьон, тустаах үлэһиттэр турунан саҕалаан эрэллэр. Холобура, “Манчаары оонньууларыгар” гиирэлэр хамсааһын таһааран дьарыкка туруннулар.

“Тохсунньуттан саҕалаан сайыҥҥааҥҥы диэри комплекснай спартакиадаҕа мас тардыһыыга үс күрэхтэһии турда. Мантан сүүмэрдэнэн тахсыбыт мадьынылар аны күһүн мас тардыһыыга федерация Кубогар хамаанда туруоруохтара”, – диир Эҥсиэли хочотун күүстээх мадьыныта Анатолий Гладков.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Аан дойду чемпионуттан Артем Варданян, Сардаана Осипова, Олег Барашков, Никита Ширяев, Тамерлан Икаев мас кистэлэҥэр сүбэ-ама ылаллар. Сотору кэминэн, мас тардыһыыга тылларын биэрэн ылсыбыттар үгүс таһымнаах күрэхтэһиини ааспыт Анатолий Гладков тула мустуохтара, дьарыгы саҕалыахтара.

“Күрэхтэһии икки арда уһаан-тэнийэн ыытыллыбат буоллаҕына, спортсмен оонньуур сатабылын, дьарыгын умнуо суоҕа этэ” диэн үлэни, күрэхтэһиини хайдах быһыылаахтык ыытары торумнааччылар этэллэр. Ону тэҥэ, Нам улууһун таһымнаах “Манчаары оонньуулара” күүтэр. Биллэн турар, бириэмэ ыгым. Маныаха диэри күрэхтэһиилэри ааһан бэлэмнэнии үлэлэр ыытыллан кэллилэр. Аны билигин Нам улууһа бары күүһүн мунньунан бүтүн хамаанда тэринии көнө суолугар тахсыаҕа!

ХАРЫСХАН

Читайте дальше