Нам улууһун нэһилиэктэригэр сыл устата ыытыллар комплекснай спартакиада быйылгы сылы дуобатынан түмүктээтэ. Спорт ветерана Иннокентий Гоголев кэриэһигэр ыытыллыбыт улуустааҕы дуобакка Фрунзе, Арбын, Хатыҥ Арыы, Модут, Ленскэй нэһилиэк, Салбаҥ, Хатырык, Таастаах, Хамаҕатта, Үөдэй, 1 Хомустаах, Бөтүҥ, Партизан хамаандалара көрүстүлэр.
Модут нэһилиэгэ хамаандалары ахсынньы 16-17 күннэригэр олус тэрээһиннээхтик көрсүбүтүн күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Надежда Протопопова этэр.
Иннокентий Гоголев кэриэһигэр ыытыллыбыт улуустааҕы дуобатка Хатыҥ Арыы муҥутуур кыайыылааҕынан ааттаммыт, Ленскэй нэһилиэк иккис, Хамаҕатта үһүс миэстэлэргэ тахсан турбуттар.
Дуобакка биэс дуосканан оонньоон бириистээх миэстэлэргэ тахсыбыттарга, кыайыылаахтарга Гоголевтар аймах харчынан бириистээбиттэрэ этиллэр.
“Күрэхтэһии устата дуобат энтузиаһа Анатолий Матвеев улахан күүс-көмө буолла. Анатолий Матвеевич дуобат хайысхатыгар саамай сүүрэр-көтөр, ыалдьар убаастыыр киһибит.
Күрэхтэһии тэрийиитигэр Модут баһылыга Ефим Гоголев улахан көмөнү оҥорбутун бэлиэтиибин. Спортсменнары нэһилиэк баһылыга Гоголев Ефим Ефимович уруйдуу-айхаллыы көрсүбүтэ. Тэрээһин өттүнэн олох таһыччы үчүгэй оҥорбуттарыгар модуттарга махтанабыт”, – диэн кэпсиир “Олимпик” спорт оскуола тренерэ, кылаабынай судьуйа Надежда Георгиевна.
Харысхан Попов
Түмүк:
Эр дьон, 1 дуоска:
1 миэстэ – Александр Азаров;
2 миэстэ – Василий Прокопьев;
3 миэстэ – Иван Эверстов.
Эр дьон, 2 дуоска:
1 миэстэ – Анатолий Матвеев;
2 миэстэ – Григорий Местников;
3 миэстэ — Михаил Иванов.
Дьахталлар, 3 дуоска:
1 миэстэ – Эмма Софронова;
2 миэстэ – Сардана Григорьева;
3 миэстэ — Сахая Кириллова.
Эр дьон, 4 дуоска:
1 миэстэ – Валерий Эверстов;
2 миэстэ – Егор Леонтьев;
3 миэстэ – Дмитрий Филиппов.
Дьахталлар, 5 дуоска:
1 миэстэ – Розалия Егорова;
2 миэстэ – Анисия Эверстова;
3 миэстэ – Екатерина Захарова.