Нам улууһугар ааспыт сыл түмүгүнэн 230 инбэлиит оҕо баар. Хомойуох иһин, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕо ахсаана сыл аайы элбээн иһэр. 2022 сылга инбэлииккэ бастаан тахсар (первичное) оҕо ахсаана 14 эбит, оттон 2023 сылга икки төгүл элбээн, 39 оҕо буолбут.
Бүгүн СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министерствота, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору реабилитациялыыр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин, СӨ общественнай палатата, СӨ Ыччат уонна социальнай коммуникацияларын министерствота, Намнааҕы социальнай харалта управлениета кыттыылаах “Особым семьям – открытые возможности” диэн десан ыытыллар.
Ол курдук, “Берегиня” дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмөлөһөр өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин Намнааҕы салаатыгар буолар десан чэрчитинэн ыытыллыбыт төгүрүк остуолга Нам улууһун оскуолаларын учууталлара, төрөппүттэрэ, тэрилтэ салайааччылара кыттыыны ыллылар.
Маны тэҥэ, күн бастакы аҥарыгар ыарахан быһыыга-майгыга сылдьар оҕолору өйүүр Бүтүн Арассыыйатааҕы фонда гранын ылыыга көһө сылдьар Микрореабилитационнай киин быраастара инбэлиит оҕолоох ыалларга дьиэнэн сылдьан үлэлээтилэр. Күн иккис аҥарыгар доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор, кинилэр төрөппүттэрэ анал үлэһиттэртэн сүбэ-ама ылыахтара, араас маастар-кылаастарга сылдьыахтара.
Майя Федорова