#ЯкутияВперед
Нам улууһугар 2022 сыллаахха государственнай уонна политическай деятель Максим Аммосов үбүлүөйдээх 125 сылыгар баараҕай тутуу олоххо киирбитэ – М.К. Аммосов аатынан култуура дыбарыаһа.
“2019 сыл тохсунньу 12 күнүгэр Ил Дархан Намҥа үлэтинэн кэлэ сылдьан “Улуу убайбыт Максим Аммосов үбүлүөйдээх сылын 2022 с. ахсынньы 22 күнүгэр саҥа култуура дыбарыаһыгар бэлиэтиэхпит” диэн чопчу эппитэ”, – диир култуура дыбарыаһын дириэктэрэ Николай Жирков.
Ити курдук, үлэҕэ табыгаһа суох уонна хаарбах туруктаах дьиэлэргэ олорбут Нам сэлиэнньэтин культуратын тэрилтэлэригэр эрэл сахпыта – 2020 сыл муус устар ыйыгар дыбарыас кыһыл көмүс сыбаайата түспүтэ. Дыбарыас ол кэмтэн, Саха сирин кэлэр көлүөнэтин фондаттыттан АК Алроса үбүн суотугар тэтимнээхтик тутуллан саҕаламмыта.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Нам улууһа киэн туттар дьиэтигэр алта тэрилтэ үлэлиир – А.Ф. Шестаков аат. улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ; Намнааҕы библиотека, история уонна этнография музейа; улуустааҕы ЗАГС, Намнааҕы художественнай музей, култуура управлениетын салалтата.
Улуустааҕы ЗАГС урукку үлэлээбит сиригэр биир хоһу аҥаардаһан олорбута. Тэрилтэҕэ тапталлаахтар олохторун холбуу кэлэллэригэр, ЗАГС үлэһиттэрэ саҥа тэриллэн эрэр ыалга үөрүүлээх сиэр-туом ыытаарылар аҥаардаммыт хосторун холбуулларын этэллэр. Ити курдук, култуура дыбарыаһа арыллыар диэри ЗАГС кыбыстыы, нэһилиэнньэ өттүттэн астыммат буолуу аҥаардаах үлэлээн кэлбитэ.
Марина Кокарева, улуустааҕы ЗАГС салайааччыта:
Таптаһар сүрэхтэр, харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, санааларын холбуур кэрэ-бэлиэ күннэрин кумааҕыга туоһулаан сырдык, ыраас сиргэ түстүөхтээхтэр. Наммыт улууһун киин сиригэр, култуура дыбарыаһыгар, ЗАГС тэрилтэтэ баар буолбута олус үчүгэй.
Майя Софронова, модельнай киин библиотека салайааччыта:
Дыбарыаска киириэхпититтэн күн аайы үөрэ-көтө кэлэбит, “кынаттаахпыт буоллар” көтөн кэлиэ эбиппит. Усулуобуйабыт тосту уларыйда, баҕа санаабыт, туруоруммут былааннарбыт туолан иһэллэриттэн киһи астынар. Үлэһиттэргэ саамай, сөптөөх усулуобуйа тэрилиннэ.
Намнааҕы киин библиотека 20 филиаллаах. 65 үлэһиттээхпит, онтон 39 специалист. Специалистарбыт бары үрдүк үөрэхтээхтэр. Республикаҕа биир бастыҥ үлэлээх библиотека буоларбытынан киэн туттабыт. Кэнники сылларга эдэр специалистар кэлэллэрэ хайҕаллаах.
Оскуолалары кытта ыкса сибээс тутабыт. Бу хайысхаҕа уопуттаах специалистардаах буоламмыт, кыра саастаах үөрэнээччилэр библиотекаҕа сылдьыыларыгар боппуруос турбат. Билигин ыччаттары ааҕыыга сыһыарыахха наада. Улаатан эрэр оҕолор аралдьыйыылара элбэҕэ өйдөнөр. Ол эрээри, куруук ааҕар оҕолор кэлэллэр. Ону тэҥэ, билиҥҥи улаатан эрэр оҕо манго, комикс ааҕарын ордорор, интэриэһиргээн ааҕар буолбута өтө көстөр. Кинилэргэ сөптөөх литература баар да буоллаҕына сыаналаах буолар. Библиотекабытыгар федеральнай модельнай ааты ылары ситиһээри, кэлэр өттүгэр култуура национальнай бырайыагар кыттар баҕа санаалаахпыт. Библиотекабытын ыччакка туһаайар суоллаах барыахпытын баҕарабыт. Ол туһуттан айымньылаах үлэбитин салгыыбыт.
2 Хомустаах, Хатырык библиотекалара саҥа дьиэҕэ киирэн эрэллэр. Үөдэй библиотеката эмиэ саҥа дьиэҕэ киирэригэр үлэлэри ыытабыт. Партизан библиотеката өрөмүөннэнэн үлэтин салгыаҕа. Инникитин библиотекаларбытыгар ааттаах-суоллаах, киэн туттар айар куттаах дьоммутун Анна Парникова-Сабарай Илгэ (Партизан), Илья Винокуров-Чаҕылҕан (Хатыҥ Арыы) ааттарын иҥэриэхпитин баҕарабыт.
Николай Жирков, М.К. Аммосов аат. култуура дыбарыаһын салайааччыта:
2019 сыллаахха Намнааҕы А.Ф. Шестаков аат. норуот айымньытын дьиэтигэр дириэктэр эбээһинэһин толорооччунан анаммытым. Ол сарсыҥҥы күнүгэр Саха сирин Ил Дархана улууспутугар үлэ быһыытынан кэлэн, дьиэбитин көрөн-истэн барбыта. Олус диэн долгуйбутум…
Республикабыт салайааччытын көрсөн бараммыт, иннибэр үрдүкү эппиэтинэс, сыал-сорук үөскээбитэ, турбута: дьон-сэргэ тохтоло, быыстала суох кэлиэхтээх, таптыахтаах саҥа дыбарыаспыт, култуурабыт храма хайаан даҕаны кэмигэр киириэхтээх диэн. Сүрүнэ, көрөөччүгэ, норуокка анаммыт дыбарыас баар буолуохтаах диэн өйдөбүл иҥмитэ.
А.Ф. Шестаков аат. улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин 33 специалиһа уһуйаан оҕолоруттан саҕалаан аҕам саастаахтарга тиийэ хабан ырыа, үҥкүү, театр, декоративнай-прикладной искусство, тыл-өс, сыанаҕа туттуу-хаптыы, звукооператор сүрүнүгэр үөрэтэр формированиелардаах. Уопсайа 40 формирование баар. Ону тэҥэ, М.К. Аммосов аат. култуура дыбарыаһыгар үлэлиир тэрилтэлэр бэйэлэригэр формированиелардаахтар. Биир тылынан – дыбарыаспытыгар сарсыардаттан киэһээҥҥи диэри үлэ күөстүү оргуйар.
Харысхан Попов
П.И. Сивцев аатынан Нам улууһунааҕы история уонна этнография музейа М.К. Аммосов аатынан культура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар саҥалыы аттаран, тэринэн үлэлиир. Икки этээһинэн уопсайа 1 тыһ кв. м иэни хабар. Саҥа тэриллэнэн, миэбэллэнэн, саҥа истиэндэлэрдэнэн бэрт сонун музей буолла. Биэс экспозиционнай уонна конференциялыыр сааллаах. Музей фондатыгар 7 тыһ. кэриҥэ экспонат дьон көрүүтүгэр турар. Күн аайы араас тэрээһиннэр ыытыллаллар, дьон-сэргэ, оҕолор кэлэннэр сэргии, астына көрөн бараллар. Хас саала аайы интерактивнай остуоллар баар буоллулар, кулгаахха анал аппараат иилинэн аудиогид өҥөтүн туһанар кыах баар буолла.
Бу туһунан музей директорын быстах кэмҥэ толорор Рустам Федоров санаатын бу курдук үллэстэр:
Ааспыт 2022 сылга өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан улуус дьаһалтатын өттүттэн эбии үбүлээһиннээх 1 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах субсидия көрүллүбүтэ. Онон билиҥҥи кэм ирдэбилинэн 4 интерактивнай остуол уонна кинилэргэ аналлаах программалары, 22 устуука аудиогид ылбыппыт. Саҥа эбийиэккэ көһөн киирэрбитигэр үгүс элбэх үлэ ыытыллыбыта. Ол курдук, СӨ культура уонна духуобунай сайдыы министерствота болҕомто ууран саҥа экспозициялары туруордубут. Ону таһынан экспозициялары хаххалыыр таас хаххалар, техническэй тэрил, саҥа миэбэл ылыллыбыттара. 2020 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ үлэбит сыаналанан «Тыа сирин бастыҥ музейа» буоламмыт 100 тыһ. наҕараадаламмыппыт.
2010 сыллаахха Аппааныга филиал быһыытынан И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыытааҕы историко-краеведческай музей аһыллан үлэлиир. Манна үлэни тупсарар сыалтан 2021 сыллаахха интерактивнай остуол баар буолбута. Ону таһынан ааспыт сылга 8 устуука экспонаттары көрдөрүүгэ уурар өстүөкүлэ сабыылаах остуоллар бэриллибиттэрэ.