Ахсынньы 19 күнүгэр Нам улууһугар М.К. Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар Россия Федерациятын юстицияҕа бастакы кылаастаах судаарыстыбаннай сүбэһитэ, генерал-полковнига, РФ уонна СӨ үтүөлээх юриһа, прокуратура уонна силиэстийэлиир уорганнар бэтэрээнэ, М.К. Аммосов аатынан СӨ государственнай бириэмийэтин лауреата, Кэбээйи, Нам улууһун Ытык киһитэ Василий Колмогоров 80 сааһыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин буолла.
Үөрүүлээх тэрээһин Василий Колмогоров төрөппүттэрин Василий, Мария Колмогоровтарга анаммыт скергэ тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурууттан саҕаланна. Онтон үөрүүлээх тэрээһинэ дыбарыаска буолла. Мустубут бар дьон иннигэр Василий Колмогоров оҕо сааһын сылларын көрдөрөр, дьиэ кэргэнин билиһиннэрэр пролог-эпизоду Намнааҕы норуот театрын артыыстара олус итэҕэтиилээхтик, долгутуулаахтык көрдөрдүлэр. Василий Васильевыһы Намнааҕы Ис дьыала уорганын, прокуратуратын сотрудниктара, бэтэрээннэрэ, Нам улууһун прокурора Андрей Яковлев, Намнааҕы 2-с №-дээх оскуола эдэр армеецтара чиэстии көрүстүлэр.
Эҕэрдэ тэрээһини Нам улууһун депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Винокуров иилээн-саҕалаан ыытта. Василий Колмогоровы «Нам улууһа» МТ баһылыга Юрий Слепцов, РФ президенигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, СӨ Правительствотын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, В.В. Колмогоров үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Андрей Федотов, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, М.К. Аммосов аатынан СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ Ытык киһитэ, биллиилээх судаарыстыбаннай деятель, Василий Васильевич олоҕун, үлэтин сырдатар «Өрөспүүбүлүкэ уһулуччулаах дьоно» сериянан тахсыбыт кинигэ ааптара, Василий Колмогоров бииргэ үлэлээбит, алтыспыт чугас доҕоро Егор Ларионов, «Төлөн» ААУо генеральнай дириэктэрэ, норуот депутата Прокопий Рахлеев эҕэрдэ тыл бастыҥын анаатылар, доҕотторугар, коллегаларыгар, ыччакка үтүө холобур, сүбэһит буоларын бэлиэтээн эттилэр.
Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов «Ытык саас» бэлиэни, РФ президенигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, СӨ Правительствотын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Андрей Федотов Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕын иһитиннэрэн туран «Хотугу Сулус» уордьаны туттардылар.
Итиэннэ, СӨ олохтоох бэйэни салайыныы департаменын салайааччыта Иван Попов, прокуратура бэтэрээнэ, полковник Михаил Коркин, өрөспүүбүлүкэтээҕи сэрии, үлэ уонна быраабы араҥаччылыыр уорганнар бэтэрээннэрин сэбиэтин аатыттан юстиция полковнига Никита Ноев үлэлээн-хамсаан ааспыт кэмнэрин, ирдэбиллээх, тэрээһиннээх, көхтөөх салайааччы буоларын ахтан-санаан аастылар.
Моряк, буойун-интернационалист, Вьетнам сэриитин кыттыылааҕа Тит Сивцев, моряк, атомнай подводнай лодкаҕа сулууспалаабыт Егор Лукин эдэр саастарын санаан доҕордорун бэрт уратытык уонна истиҥник эҕэрдэлээн туран бэйэлэрин бэлэхтэрин туттардылар.
Ытык киһибит үбүлүөйдээх тэрээһинигэр оскуола үөрэнээччилэрэ кыттыыны ылбыттара кэрэхсэбиллээх. Киһи быраабын араҥаччылыыр, көмүскүүр сокуоннары тутуһар эппиэттээх үлэ ис хоһоонун, биир дойдулаахпыт туһунан элбэҕи билбит буолуохтаахтар. Дойдуга бэриниилээх буолууга иитии биир сүрүн тосхоло буолла.
Василий Васильевич Колмогоров төрөппүттэрэ Нам улууһугар кэлэн үлэлээбиттэрин билэбит. Василий оскуола кэнниттэн икки сыл совхозка үлэлээн баран дьонугар Намҥа кэлэн кылгас кэмҥэ суоппардыы сылдьыбытын ахтан ааста. Студенныы сылдьан сайынын кэлэн оттоһор эбит, аҕатынаан тэҥҥэ сылдьыһан элбэххэ үөрэммит, үтүө холобуру ылбыт. Аҕата Василий Егорович Колмогоров буойун-учуутал, сэбиэскэй-партийнай үлэһит, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, доруобуйа харыстабылын туйгуна, Нам уонна Кэбээйи улуустарын бочуоттаах гражданина, Аҕа дойду сэриитин иккис истиэпэннээх, Үлэ Кыһыл Знамята, «Бочуот Знага» уордьаннар, үгүс мэтээллэр, ол иһигэр Монголия народнай республикатын мэтээлин кавалера. Ийэтэ Мария Ивановна бэтэрээн учуутал, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Нам улууһун Бочуоттаах гражданина.
Василий Колмогоров Кэбээйи Сангаарыгар төрөөбүт. Оскуоланы бүтэрэн баран 1961-1963 сс. «Кэбээйи» совхозка суоппарынан үлэтин саҕалаабыт. 1971 сыллаахха Свердловскайдааҕы юридическай институту бүтэрэн старшай следователинэн, силиэстийэ отделын начальнигынан, өрөспүүбүлүкэ прокурорун солбуйааччытынан үлэлээбит. СӨ Үрдүкү сэбиэтин XII-с ыҥырыылаах мунньаҕын депутата буолар. 90-с сылларга СӨ прокурорунан үлэлии сырыттаҕына, 1994 с. Российскай Федерация генеральнай прокурорун солбуйааччытынан анаммыт.
Семен Аргунов