Нам улууһугар СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка Министерствотын Кубогар үс күннээх волейбол түмүктэннэ. Эдэрдэр Хамаҕатта “Эрчим” спорт саалатыгар уонна КСК-ҕа Нам дьонун-сэргэтин тыҥааһыннаах оонньууларынан сэргэхситтилэр.
Кыргыттарга бириистээх миэстэлэргэ Чурапчы үһүс, Мэҥэ Хаҥалас иккис уонна кыайыылаах Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет хамаандалара таҕыстылар. Уолаттарга үһүс миэстэни хаһаайыттар Нам улууһа, иккиһи Чурапчы уонна бастакыны Таатта хамаандалара ыллылар.
Волейбол түһүлгэтигэр уолаттарга тэҥ баайыылаах хамаандалар көрсөннөр, өссө бүтэһик күҥҥэ диэри ким кыайара биллибэккэ турбута. Ону көрөөччүлэр билгэлээбиттэрэ да туоһулуур. Холобура, кинилэр финал аҥаарыгар Мииринэй тахсыа диэбиттэрэ оруннаах. Биир бөлөххө Мииринэй, Чурапчы, Нам үс күүстээх түбэһэн хайалара кыайыыга дьулуурдааҕа, оонньуур турукка бэлэмнээҕэ бүгүн көһүннэ.
Таатта эрэллээхтик кыайда. Кырдьыга, бу хамаанда 5 сыл анараа өттүгэр ортоку сылдьыбыт. Кэлин Таатта тыыллан-хабыллан баарын биллэрбитин Нам улууһун волейболга федерациятын салайааччытын э.т. Геннадий Павлов бигэргэтэр.
Нам хамаандатын уопуттаах оонньооччу Денис Осетров салайда. Көрөөччү хараҕынан, сэттис нүөмэр Осетров бүгүн киһи астынар таһымнаах оонньууну көрдөрдө. Ол курдук, кини быспыт мээчиктэрэ элбэх очукуону аҕалла диэн сыаналыахха сөп.
“Таатта хамаандата эр дьоҥҥо буоллун, ыччакка буоллун улахан уларыйыыта-тэлэрийиитэ суох оннунан хаалан оонньуур. Ол элбэҕи таайар. Биһиги кинилэртэн аҕыйах сыл балыс уолаттар биир хамаанда буолан оонньообуппут эмиэ балачча буолла. Ол да буоллар, харда эппиэт биэрдибит дии саныыбыт”, – диир сэттис нүөмэрдээх Денис Осетров.
Ону тэҥэ, Уус Алдан хамаандатын хайгыахха наада. Хамандыырдара үһүс нүөмэрдээх эдэр хапытаан туран-олорон, бииргэ оонньооччуларын турукка киллэрэрэ, санааларын бойобуойдуу көтөҕөрө тута харахха быраҕыллар. Аҥаардас мээчиги саайара күүстээҕэ, түргэнэ… Дьэ, оонньуулаах, эрчимнээх сиртэн кэлбит диэх айылаах. Кэлин истибитим, бу хапытааннара уол таһымнаах оонньооччулары кытта алтыһар, Россияҕа оҕолорго күрэхтэспит эбит. Итинник буолуохтаах хапытаан диэн, хонууга бииргэ оонньооччуларыгар үтүө тыллары этэн, түмэн.
Анатолий Чемерзанскай, кылаабынай судьуйа:
— Биэс киһи бүтүн киһи курдук бииргэ оонньуур үөрүйэхтэрэ диэн баар! Сатабыллаах, үөрүйэхтээх хамаанда, кинилэр бөлөхтөрүгэр саҥа оонньооччу киирбитин сатаан бүөлүүр буолар. Ол курдук, саҥалар киирдэр-киирэн, үгүс оонньууга бииргэ волейболлаан, күрэхтэһииттэн-күрэхтэһиигэ уопутуран иһэллэр. Хас эмэ бириэмэ бииргэ оонньоотохторуна билсэр, өйдөһөр буолаллар.
Оонньооччулар да биир кэм чаҕылхай буолбаттар. Холобура, мээчиги ыларга мөлтөөн биэрэр дьоннор бааллар. Ити курдук, ким эрэ ордуктук охсор, булуоктуур, хонууга киинтэн, кытыыттан атаакаларга үчүгэйдэр. Тренер үлэтэ манна олоҕурар буоллаҕа. Барытын бэлиэҕэ ылан, чуолаан, ким ханна күүстээҕинэн арааран дьарыктыыр. Бэйэлэрин оруолларын ылбыт оонньооччулар дьарыктара да тус-туспа ыытыллар. Быһааччы уолаттар таһыччы атыннык, уратытык оонньуур буолааччылар.
Харысхан Попов
Анал ааттар
Кыргыттарга:
“Бастыҥ оонньооччу” – ХИФУттан Саина Афанасьева;
“Бастыҥ быһааччы” – Мэҥэ Хаҥаластан Айталина Жиркова;
“Бастыҥ көмүскээччи” – Чурапчыттан Саргылаана Сивцева;
“Бастыҥ мээчиги туруорааччы” – ХИФУттан Сайаана Жиркова.
Уолаттарга:
“Бастыҥ оонньооччу” – Тааттаттан Андрей Мерикянов;
“Бастыҥ быһааччы” – Чурапчыттан Егор Попов;
“Бастыҥ көмүскээччи” – Намтан Андриан Григорьев;
“Бастыҥ мээчиги туруорааччы” – Тааттаттан Иван Потапов.