Ыарахан кэммитигэр соҕотох буолбатахпыт

Ыам ыйын 20 күнүгэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Нам улууһугар кэлэн үлэлээтэ.

Дьону кытта көрсүһүү Хатырыкка Максим Кирович Аммосов аатынан орто оскуолаҕа тэриллибит быстах кэмҥэ олорор пууҥҥа буолла. Манна 140 кэриҥэ киһи баар. Кинилэргэ итии аһылык, иһэр уу, ас-үөл, утуйар таҥас-сап,  туохха наадыйаллара барыта тэриллибит. Айсен Сергеевич олохтоохтору кытары кэпсэтиитигэр гуманитарнай уонна материальнай көмө толору көрүллүөҕэ диэн бэлиэтээтэ.

«Наадалаах көмө толору көрүллүөҕэ диэн эрэниҥ. Чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ саҕаланнылар: Хатырыка диэри суол аһылынна, мантан антах суол оҥоһуутугар үлэ салҕанан барыаҕа. Бу күннэргэ халаан содулун ааҕан-суоттаан хоромньу толору сыаналанан, компенсация төлөнөн саҕаланыаҕа«, – диэтэ Айсен Николаев.

Ил Дархан сырыытын кэмигэр быыс булан Хатырык нэһилиэгин кырдьаҕас олохтооҕо, 87 саастаах Даниил Данилович Пахомовы кытта көрүстэ. Бары билэрбит курдук, Даниил Данилович 90-с сылларга нэһилиэги салайбыта. Кини бэлиэтииринэн, маннык улахан уу улууска өссө халаанныы илигэ.

Хатырыкка сырыытын кэмигэр Айсен Сергеевич халаан уутун уонна ойуур баһаардарын туоратыыга, бохсууга ыксаллаах быһыы-майгы комиссиятын мунньаҕын ыытта.

«Халаан уута эмискэ балысханнык кэлбитин түмүгэр, Нам улууһугар 5 нэһилиэк улаханнык эмсэҕэлээтэ. Чөлүгэр түһэрии үлэтэ номнуо саҕаланна. Хатырыкка суол арылынна эрээри, Маймаҕаҕа уонна Түбэҕэ диэри трасса түөрт сиринэн суураллан турар. Уу олоччу түстэ да, суол оҥорооччулар суһаллык өрөмүөн үлэтигэр ылсыахтарын наада», – диэн Ил Дархан сорудахтаата.

Балаһыанньа уустук, ол гынан баран, хонтуруолланар диэн Айсен Николаев бэлиэтиир. Халаан уутун кэлиитин бастакы күннэригэр түүннэри-күннэри үлэлээбиттэргэ, Аппааныга даамбаны бөҕөргөппүттэргэ улахан махталын тиэртэ. Билигин саамай бастакы соругунан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөлөһүү буоларын чопчулаан эттэ. Онуоха улууска бары суһал дьаһаллар ылыллан, наадалаах барыта тэриллибит. Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэргэ оттук сезона уһатыллыаҕа. Бу комиссия мунньаҕар Айсен Сергеевич дьон-сэргэ түргэнник көмө төлөбүрдэри ылалларын туһугар, хоромньуну ааҕыыны суһаллык түмүктүүллэригэр сорудахтаата.

«Кылгас кэм иһигэр уоту, гааһы холбоон үлэлэрин сөргүтүҥ, итиэннэ өрөспүүбүлүкэтээҕи «Нам» уонна муниципальнай суоллары. Уон хонук иһигэр аграрийдарга көмө механизмнарын оҥорон киллэриҥ, кинилэргэ эмиэ көмө наада», – диэн Айсен Николаев соруктары туруорда. Кинилэри тэҥэ, эмсэҕэлээбит урбаанньыттарга эмиэ улахан болҕомто ууруллуоҕа.

Улууһу тутуу матырыйаалларынан хааччыйыыга биир кэлим операторы быһаарарыгар, өрөспүүбүлүкэ тутуутун министерствотыгар ыйыы биэрдэ. Үөрэх министерствотыгар оҕо сайыҥҥы сынньалаҥар, ОГЭ, ЕГЭ графигын быһыытынан ыытылларыгар усулуобуйа тэрийэригэр эттэ. Халаан уутуттан улаханнык эмсэҕэлээбит Хатырык, Маймаҕа, Граф Биэрэгэ, Бөтүҥ, Модут нэһилиэктэригэр тустаах министерстволар солбуйааччылара сыһыарыллан, чөлүгэр түһэрии үлэлэрин хонтуруоллуохтара, көмөлөһүөхтэрэ. Оттон бу үлэни бүтүннүүтүн I вице-премьер Дмитрий Садовников сүрүннүөҕэ.

Ыам ыйын 20 күнүнээҕи туругунан, халаан уутуттан Нам улууһугар 2190 киһи эмсэҕэлээбитэ биллэр.

Ыам ыйын 21 күнүн туругунан, халаан уутуттан барыта 188 тиэргэн, ол иһигэр 10 нэһилиэккэ 151 олорор дьиэ босхолонно. Маймаҕа, Көбөкөн, Фрунзе, Үөдэй, Никольскай, Аппааны, Кыһыл Дэриэбинэ, Партизан нэһилиэктэриттэн уу олоччу түстэ. Билигин даҕаны 459 тиэргэн, ол иһигэр 338 олорор дьиэ 8 нэһилиэккэ ууга турар. Быстах кэмҥэ олорор 9 пууҥҥа 308 киһи, ол иһигэр 71 оҕо олорор.

Халаан содулун туоратыыга барыта 500 киһи уонна 120 араас кыамталаах техника, ол иһигэр ЫБМ састаабыттан 100 үлэһит, 17 техника, 3 оҥочо үлэлииллэр. Быыһааччылар дьиэлэринэн сылдьан малы-салы, миэбэли таһааран, уу хачайдаан, мунньуллубут бөҕү-сыыһы, суолу ыраастаан үгүс көмөнү оҥороллор.

Бэлэмнээтэ Л. Ноговицына

Хаартыска: А. Сорокин

Читайте дальше