«Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спорт оонньууларыгар бүгүн, от ыйын 3 күнүгэр, «Сулус» спорткомплекска кикбоксиҥҥа финал түмүктэннэ.
Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыттан кыттыбыт уолаттар бары мэтээл кэтэри ситистилэр. Нам улууһуттан икки кикбоксер «Олимпик» оҕо спордун иитиллээччилэрэ Маркел Саввинов үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайына буолла. Ярослав Габышев кимиилээхтик киирсэн сыалын ситтэ.
Ярослав Габышев:
— Намнааҕы педагогическай колледжка үөрэнэбин. Ньурбаттан төрүттээхпин. Тренерим Д.А. Черноградскай. Дойдубаҕа Ньурбаҕа Д.В. Алексеевка дьарыктаммытым, кыайыыбын киниэхэ аныыбын. Оҕо эрдэхпиттэн спордунан дьарыктанарбын сөбүлүүр этим. Бастаан футболтан саҕалаабытым. Салгыы кикбоксаны боруобалаан көрүөххэ дии санаан баран, боксанан дьарыктанан саҕалаабытым, сыыйа кикбоксаҕа көспүтүм.
Ккүрэхтэһиигэ утарылаһааччым Саха сирин хамаандатыттан этэ, онон бэйэ-бэйэбитин билсэбит. Бастакы раунд ыарахан этэ, иккистэн арыллан эрэллээхтик кииристим.
Юрий Балаганскай, «Олимпик» спорт оскуола директора:
«Олимпик» спортивнай оскуола иитиллээччилэрэ 2 оҕо кикбоксаҕа, 1 боксаҕа кытынна. Алина Аммосова боксаҕа үһүс, кикбоксаҕа Ярослав Габышев бастаата, Маркел Саввинов иккис миэстэлэри ыллылар. Онон үс оҕобут мэтээл кэттилэр.
Семен Аргунов