Ыччакка өбүгэ ситимин тиэрдэр сыал-сорук турар

Дьиэ кэргэн үгэс буолбут сыаннастарын уонна дьиэ кэргэни көмүскүүр судаарыстыбаннай политиканы күүһүрдэр, киэҥник тарҕатар, биллэрэр сыаллаах РФ Президенэ Владимир Путин дойдуга 2024 сылы Дьиэ кэргэн сылынан, онтон Сахабыт сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев Оҕо саас сылынан биллэрэн үгүс үлэ ыытыллар.

Дьиэ кэргэнинэн, аймахтарынан, аҕа уустарынан төрүччү оҥорон үйэтитэр, билсэр, ыһыах ыһар буолан эрэллэр. Ол курдук, И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыытааҕы история уонна кыраайы үөрэтии музейын сэбиэдиссэйэ Афанасий Христофоров бэйэтин баҕа санаатынан төрүччү оҥоруутунан дьарыктанар, архыып матырыйаалын интэриэһиргээн үөрэтэр, хасыһар. Итиннэ даҕатан эттэххэ, бэйэтин аймахтарын, удьуордарын толору үөрэтэн төрөччү оҥорон, кэлэр ыччатыгар көлүөнэттэн көлүөнэҕэ хаалларар сыаллаах оҥорууттан дьарыгын саҕалаабыт. Биир улахан үлэтинэн Илья Егорович Винокуров төрүччүтүн оҥоруута буолар. Бу элбэх үлэттэн, улахан сыраттан тахсара саарбаҕа суох.

Афанасий Христофорович Хабаровскайга «Генеалогия Дальнего Востока. История, реальность, перспективы развития» диэн ааттаах төрүччү оҥоруунан дьарыктанааччылар конференцияларыгар, Саха сирин делигациятын састаабыгар киирэн кыттыыны ылан кэлбит. Төрүччүгэ ыытыллар үлэлэри араас хайысхаларын түмэн биир систиэмэҕэ киллэрии тула кэпсэтии буолбут.

Конференцияҕа Уһук Илиҥҥи регионнарыттан төрүччүнэн дьарыктанааччылар, араас бу хайысханан бэйэлэрин регионнарын иһинэн төрүччүнэн интириэһиргээччилэри түмэр инниттэн тэрэһиннэри ыытар энтузиастар бииргэ түмсэн, санаа атастаһан, атах тэпсэн олорон кэпсэппиттэр. Саха сирин аатыттан Төрүччү общественнай научнай институтун иһинэн аҕыс киһи састааптаах делегация тиийэн бары дакылаат аахпыттар, тус санааларын үллэстибиттэр.

«Мин «Древо жизни» диэн Д. Киркинскай компьютернай программатынан туһанабын. Ким баҕарар туһанар кыахтаах платформата. Сайтка киирэн поисковика көрдөбүлгэ «Древо жизни» диэни көрдөтөҕүн, босхотун хачайдаан ылаҕын. Бастаан холонорго 40 киһини киллэриигэ диэри босхо туһаныллар, ол кэнниттэн дьиҥнээх программатын атыылаһан ылан, төһө баҕарар киһини киллэриэххэ сөп. Туттарга уонна оҥорорго олус судургу, мунаахсыйар боппуруостары форумнарыгар киирэн быһаарыахха сөп. Төрүччүнү өрөспүүбүлүкэ таһымыгар эрэ буолбакка, Уһук Илиҥҥи уокурук таһымыгар таһаардахха бары биир ситимҥэ киирэн үлэбит күүһүрүөҕэ дии саныыбын. Биир идэлээхтэрбит, биир санаалаахтарбыт биһиги үлэбит таһымын олус сэргээтилэр. Итиэннэ, Камчатскай кыраайтан сылдьар, суруйааччы, кинематограф, Нуучча географическай уопсастыбатын чилиэнэ Сергей Вахрин «Россия – Дальний Восток: 400 лет вместе – связь времен и народов» диэн бырайыагар кыттарга бэлэммитин эттибит.

СӨ Национальнай архыыба уонна СӨ Национальнай библиотеката бииргэ үлэлэһэннэр дьон-норуот биллин, көрдүн диэн библиотека анал сайтыгар 1927 сыллаахха ыытылыбыт Саха сирин нэһилиэнньэтин перепиһин сыһыарыы быһыытынан киллэрбиттэрэ төрүччү ситимин оҥорорго күүс-көмө буолар. Хас биирдии дьиэ кэргэн төрдүн-ууһун билиэхтээх. Билигин оҕо саадыттан, оскуолаттан саҕалаан маннык үлэ сайдан, тэнийэн эрэрэ кэрэхсэбиллээх», — диэн Афанасий Христофоров санаатын үллэһиннэ.

«Сахабыт сиригэр төрүччү оҥоруутугар, үлэтигэр ыытыллар тэрээһиннэрбит араас таһымнарын көрдөрүүгэ общественность, олохтоох салайыныы уонна государственнай былаас уорганнара бары бииргэ үлэлэһэн, көмөлөсүһэн, дьоммутун-сэргэбитин, биир санаалаахтарбытын түмүүлэрбит таһымын конференция кыттыылаахтарыгар төһө кыайарбытынан өйдөттүбүт, көрдөрдүбүт.

Туох да үлүннэриитэ суох дойдубут таһымынан төрүччү хайысхатыгар ситиһиилэрбитин кэпсээтибит, хас биирдии делегат практикатынан биир ситим дакылаат оҥорорбут быһыытынан темаларбытын сибээскэлээһин буолла. Манна биһиги биирдиилээн аҕа уустарын төрүччүлэринэн конференция иһигэр киирбэккэ эрэ, төрүччүнэн Сахабыт сирин бүтүн таһымынан тыһыынчанан киһи, детсад, оскуола оҕолоруттан саҕалаан туран аҕа саастаахтарбыт дьарыктаналларын уонна араас таһымнаах тэрээһиннэри ыыталларын, кинигэ таһааралларын, онно нэһилиэк, улуус баһылыктара, активтара көмөлөрүн, биһиги кинилэри кытары Институт нөҥүө үлэлэһэрбитин дакаастаан кэпсээтибит. Правлениебыт чилиэттэрин кытары государственнай уонна олохтоох салайыныы уорганнарын, өрөспүүбүлүкэ чулуу учуонайдайдарын уонна кыраайы үөрэтээччилэри кытары биир тэтимнээхтик холбоһон үлэлиирбитин, Саха сирин делегаттара үрдүк таһымнаах кыттыбыппытын атын регионнар бэрэстэбиитэллэрэ биир санаанан бэлиэтээтилэр», — диэн Саха сирин хотугу омуктарын төрүччүлэрин үөрэтэр-чинчийэр уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Константин Аргунов бэлиэтээн суруйбут.

Конференцияҕа М.К. Аммосов аатынан ХИФУ философия кафедратын сэбиэдиссэйэ, профессор Андрей Саввинов төрүччү нэһилиэстибэтин сүрүн концепциятын хайысхаларын туһунан билиһиннэрбит. Төрүччү институтун дириэктэрэ Константин Аргунов Саха сиригэр төрүччүгэ туох хабааннардаах уонна хайысхалардаах үлэни ыыталларын сырдаппыт. Ыччат, Култуура уонна духуобунай сайдыы министерстволарын төрүччүгэ кылааттарын, Саха сирин наукаҕа академията уонна государственнай, олохтоох салайыныы былааһын уорганнара өрөспүүбүлүкэ төрүччү үлэтигэр көмөлөрүн таһымын холобур быһыытынан, төрүччү биһиги өбүгэлэрбит саҕаттан кэлбит норуот духуобунай баайа буоларын кэпсээбит. «Төрүччү нэһилиэстибэтин» cокуонун барылын бэлэмнииллэрин билиһиннэрбит. Томпо улууһун Мэҥэ-Алдан нэһилиэгин баһылыга Юрий Комиссаров бэйэтин нэһилиэгин холобуругар олоҕуран нэһилиэк иһинээҕи музей, библиотека, олохтоох дьаһалта дьонун-сэргэтин түмэн, төрүччүгэ араас таһымнаах тэрээһиннэри ыыталларын, ситиһиилэрин, ыччаты иитиигэ төрүччү суолтатын, ханнык баҕарар нэһилиэк баһылыга бу үлэҕэ дьону түмэр суолтатын быһаарбыт. Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил – оҕо издательствотын» салайааччыта Ольга Семенова өрөспүүбүлүкэ таһымыгар редакцияҕа оҕолор ортолоругар төрүччү хайысхатынан ыытар куонкурустарын, манна учууталлар коллективтара төрөппүттэри кытары холбоһон биир коллектив курдук турунан үлэлэһэллэрин сырдаппыт. «Кэскил» редакция ситиһиилэрин, былааннарын, оҕону иитиигэ төрүччү туох суолталааҕын дьиҥ-чахчы дакаастаан уонна оҕону иитиигэ төрүччү дойдуга бэриниилээх буолууга иитиигэ духуобунай суолтатын арыйбыт. Амма улууһун Сатаҕай оскуолатын дириэктэрэ Иванна Шишигина педагогическай коллектива төрүччүгэ бэтэрээн учууталлар үлэлэрин сырдатан туран, кинилэр үлэлэрин утумнаан билиҥҥи кэмҥэ оскуола, төрөппүттэр, нэһилиэк дьаһалтата биир ситимнээхтик үлэлээннэр «Сатаҕай нэһилиэгин төрүччүтэ» диэн кинигэни таһааттарбыттарын уопут быһыытынан билиһиннэрбит. Таатта улууһуттан кыраайы үөрэтээччи, Чөркөөх нэһилиэгин олохтооҕо Гаврил Вырдылин сирдэр ааттарын тилиннэриигэ, итиэннэ алаастарынан ханан тэнийэн олорбуттарын интерактивнай каартаҕа киллэрбитин, электроннай каарта оҥорбутун көрдөрөн туран, кэнэҕэски ыччаты иитигэ суолтатын кэпсээбит. Өбүгэлэрэ ханнык алааска, ханан олорбуттарын тута билэр суолталаах үлэ буоларын конференция кыттыылаахтара биһирээбиттэр.

Конференция кыттыылаахтара Саха сиригэр төрүччүгэ үлэ олох үрдүк таһымын биир санаанан билинэн туран, дойдуларыгар холобур оҥосторго санааларын этиммиттэр. Кэлэр 2025 сылга төрүччүгэ аналлаах Уһук Илиҥҥи регионнар форумнара Дьокуускайга ыытыллара былааннанар.

Семен Аргунов

Читайте дальше