Нам улууһугар бу күннэргэ СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтин миниистрэ Петр Шамаев салайааччылаах ыччат десана субуотунньуктуур.
“Күммүт уһаан сылаас сааскы күннэр саҕаланнылар. Нэһилиэктэргэ хаарынан бүрүллэн сыппыт бэлиэ сирдэр, сквердэр, болуоссаттар хаартан босхолонор күннэрэ үүннэ. Устудьуоннар сибиэһэй салгыҥҥа үлэни билэллэрэ туһалаах өрүт буолар. Маннык хамсааһын үтүө үгэскэ кубулуйда. Ириэрии саҕаланнаҕына, эдэрдиин-эмэнниин бука бары ырааһырдыы үлэлэригэр тахсыахпыт турдаҕа”, – диир Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников.
Эдэр дьон сүрүн үлэлэрэ – хаар ыраастааһын. Бүгүн десант байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр тиэргэннэрин хаарын ыраастаабыт. Ону тэҥэ, ыччат П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Намнааҕы Олоҥхо сирин-уотун күргүөмнээхтик өрө тарпыт. Нам сиригэр хаһааҥҥыта эрэ Платон Слепцов-Ойуунускай тыл эппит трибуната эмиэ ыраастаммыт.
“Биһиги улууспутугар барыта 98 устудьуон кэлбитититтэн, Нам сэлиэнньэтигэр бүгүн 56 уол үлэҕэ сылдьар: биэс байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын чугас дьонноругар, дьиэ кэргэттэригэр үлэ ыыттылар уонна Александр Игнатьев аатынан стадион, трибуна хаара ыраастана сылдьар”, – диир Ленскэй нэһилиэк ыччатын лиидэрэ Майя Румянцева.
Харысхан Попов