Үөдэй уола Леонид Зырянов өрөспүүбүлүкэтээҕи күүлэй күрэҕэр Нам улууһун чиэстээхтик көмүскээн, кыайыылаах аатын ылла.
Күүлэй Таатта улууһун Уолба нэһилиэгэр Хайа анна диэн алааска илиинэн оту охсууга рекорд олохтообут стахановец Алексей Иванович Кладкин уонна “Уолба” тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин дириэктэрэ Николай Николаевич Соломонов кэриэһигэр Таатта улууһун көҕүлээһининэн ыытыллыбыт.
Күрэххэ 3 улуустан Намтан, Амматтан, Тааттаттан түмсэн далааһыннаах күрэх буолан ааспыт.
Намтан үһүө буолан ситиһиилээхтик кытынныбыт диэн Леонид Зырянов санаатын үллэстэр, 76 саастаах ветеран Ион Васильев уонна Григорий Зырянов. 4 көрүҥҥэ күрэх ааспыт, ол курдук 4 чаас устата илии хотуурунан 5 суотайы охсуу, 1 суотай сири мотокосанан охсуу, саха хотуурунан кылгас дистанцияны бириэмэҕэ охсуу.
Леонид таһыччы бэлэмнээҕин, кыахтааҕын көрдөрөн илии хотуурунан охсууга 45 саастарыгар диэри эр дьоҥҥо бастакы, мотокосанан охсууга иккис миэстэни ылан сүрүн бириис убаһа хаһаайына буолан үөрүүтэ үгүс.
Кылгастык эбэн этэр эбит буоллахха, Леонид Зырянов баҕа өттүнэн, ис кыаҕынан өбүгэ үгэһин утумнаан, удьуордаан кэлбит илии хотуурунан охсууну тус бэйэтэ ордорон бэлэмнэнэн маннык өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах күрэхтэргэ инники сылларга үгүс ситиһиилэрдээх. Күүлэйгэ 2014 сылтан саҕалаан кыттыыны ылар, Нам улууһугар Үөдэйгэ Үөттээх алааһыгар бастакытын кыттан улууска бастаабыта. Ол кэнниттэн Нам улууһун аатыттан Мэҥэ-Хаҥалас Чүүйэ нэһилиэгэр кыттан элбэххэ үөрэммитим диэн кэпсиир, хайдах охсоллорун, туох наадатын бэлиэтии көрөн, тутан-хабан уопут ылан кэлбитэ киниэхэ өссө күүс-уох биэрбитэ. 2015 сылга Тааттаҕа ыытыллыбыт күүлэйгэ иккис миэстэни ылан, сыыһаларын-халтыларын көннөрүнэн өссө кынат үүннэринэн баҕа санаата күүһүрбүтэ. Күн-бүгүҥҥэ дылы көтүппэккэ маннык уустук күүстээх илии үлэтин көрүҥэр кыттан, куруутун бириистээх миэстэҕэ тиксэр. 2019 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥаласка ыытыллыбыт аһаҕас күрэххэ түргэн охсууга уонна абсолютнай көрүҥҥэ кыайыылааҕынан тахсыбыта. Онтон ыла уһун тохтобул кэннэ быйыл Мэҥэ-Хаҥаласка Хорообут нэһилиэгэр бэйэтин саастыылаахтарыгар иккис миэстэни ылбыт. Уонна Тааттаҕа ыытыллыбыт күрэххэ ылыммыт санаатын ыһыктыбакка муҥутуур кыайыылааҕынан ааттаммытынан истиҥник эҕэрдэлиибит.
Леонид салгыы Хаҥаласка күрэххэ кыттыыны ыла барда, киниэхэ ситиһиилэри, дьулууру, тулууру баҕарабыт. Илии хотуурунан оту охсуу төрүт өбүгэлэрбит илдьэ кэлбит үгэстэрин Леонид Зырянов энтузиаст быһыытынан илдьэ сылдьан холобур буоларыттан үөрэбит, киэн туттабыт.
Екатерина Эверстова, Үөдэй