Үөдэй оскуолатын эйгэтэ Россияҕа бастыҥынан ааттанна

Нам улууһун З.П. Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолата Бүтүн Россиятааҕы “Бастакылар хамсааһыннара” оҕо хамсааһынын нөҥүө “Оскуола эйгэтин тупсарыы” күрэҕэр “Бииргэ оҥоробут” номинацияҕа кыайыылаах үрдүк аатын ылла.

Бүтүн Россиятааҕы “Оскуола эйгэтин тупсарыы” күрэх 3 номинациянан ыытыллыбыт: “Бастыҥ оскуола эйгэтэ”, “Саҥа кыахтар”, “Бары бииргэ оҥоробут”. Манна оскуола салалтата “Бары бииргэ оҥоробут” номинацияҕа сайаапка биэрэн, үлэ саҕаланыаҕыттан түмүк тэрээһинигэр диэри барытын ымпыгар-чымпыгар видео сырдатыынан кыттан, 2-с миэстэни ылан бастыҥнар кэккэлэригэр киирбитэ барыбытыгар үөрүүлээх сонун буолла. Күрэххэ 5 экспозициянан, “Бастыҥнар хамсааһыннара” уонна Россиятааҕы оҕо көҕүлээһинин өйүүр киин чэрчитинэн кыттыыны ыллылар. Үрдүк ситиһии үөрэх эйгэтигэр коллективнай үлэ, түмсүү, сомоҕолоһуу, аныгылыы көрүүнэн билиини баһылааһын, иитии саҥа ньыматын тэтимэ сайдан иһэрэ Үөдэй оскуолатыгар уратыта көһүннэ.

Сиһилии сырдатар буоллахха, 2023 сыл от ыйын 1 күнүгэр Россия үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцов бары үөрэх тэрилтэлэригэр “Оскуола эйгэтин тупсарыы” бэрээдэгин бигэргэтэн турар. Оҕо үөрэнэр, сайдар эйгэтин тупсарыыга туһуламмыт саҥа сонун бырайыак З.П. Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолатыгар улууска биир бастакынан үлэҕэ киирбитэ. Нам улууһун үөрэҕин управлениетын өйөбүлүнэн үп көрүллэн, ааспыт сыл атырдьах ыйыттан саҕалаан оскуола ис өттүн саҥардыы, тупсарыы, киэргэтии үлэтэ ыытыллыбыта.

Тупсарыы үлэтэ хас даҕаны тематическай ис хоһоонноох. 10-н тахса сүрүн экспозициялар харахха тута быраҕыллан, оскуола ис эйгэтин тутулун уратытык көрдөрөн, оҕо чахчы үүнэр, сайдар, үөрэнэр оҥкулун тирэхтээхтик көрдөрөр эйгэҕэ кубулуйда. Дизайн ис тутула барыта инструкциянан оҥоһуллубут, киирии аан, кирилиэс, коридор икки этээһинэн оҕолор саастарыгар сөп түбэһиннэрэн уруһуйдаммыт. Өҥө, дьүһүнэ, киэргэтиитэ уопсай халыыпка толору эппиэттиир.

Бу кэрэ эйгэни тупсарыы үлэтин оскуола учууталлара, үөрэнээччилэрэ уонна төрөппүттэрэ бары биир хамаанда буолан түмсэннэр, бэйэлэрэ илиилэринэн оҥорон, уруһуйдаан, чочуйан Россия таһымыгар эппиэттиир гына, оскуола иһинээҕи көстүүнү тупсарыыга, киэргэтиигэ үлэлэспиттэрэ чахчы ситиһиилээх буолла. Ол курдук, бастакы этээс — “Орлята России”, “Юнармия”, иккис этээскэ “Оҕо көҕүлээһинин киинэ” федеральнай программанан “Бастакылар хамсааһыннара” тиэмэтин арыйар хабааннаах оҥоһуллубут. Манна оҕо хамсааһынын хайысхата, сыаннастара, дойду картата, иһитиннэрэр истиэндэ, сүдү историческай суолталаах педагог, суруйааччы Антон Васильевич Макаренко портрета ойууламмыт. Оҕо хамсааһыннарын үлэлэтэр федеральнай бырайыактар логотиптара кюар-кодтаах сыһыарыллан уруһуйдаммыт. Кюар-кодунан оҕолор бырайыактары сиһилии билсэн, саҥа сонун тэрээһиннэр, үлэлэр буола туралларын билэр кыахтаналлар.

Директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Валентина Матвеева: “Саҥа тэриллибит эйгэҕэ оҕолор күннэтэ мустан үлэлэрин былаанныыллар, бэйэлэрин идиэйэлэрин, көрүүлэрин, санааларын үллэстэллэр. Оскуола иһинэн ыытыллар линейкалар, тематическай хабааннаах тэрээһиннэр, түмсүүлэр барыта манна буолаллар. Маннык саҥа хамсааһын киирбитэ ураты эйгэни үөскэттэ. Кыра кылаастан саҕалаан оҕо хамсааһыныгар кыттар оҕо лидер, патриот буолан үүнэн тахсарыгар күүстээх тирэх буолуо диэммит бигэ эрэлээхпит. Оҕо сөптөөх хайысханы талан тус олоҕор, инники талан ылар идэтигэр, үлэтигэр ситиһиилэнэригэр кыахтанар”.

Ити курдук, оскуола эйгэтин тупсарыыны биир кэлим ситимҥэ киллэрэн, “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак “Россия гражданнарын патриотическай тыыҥҥа иитии” федеральнай бырайыак чэрчитинэн уонна “Бастыҥнар хамсааһыннарын” программатынан, РФ президенэ Владимир Путин көҕүлээһининэн Бүтүн Россиятааҕы үөрэх министерствотын иһинэн улахан хамсааһын үлэтэ бара турара суолталаах. Олор истэригэр Нам улууһугар З.П. Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолата бастыҥнар ахсааннарыгар киирбитэ үрдүк таһымы көрдөрдө.

 

Екатерина Эверстова