Үөдэйгэ халаан уутун куттала суох аһарарга бэлэмнэнэллэр

Быйылгы сааскы халаан уутун куттала суох аһарыыга бэлэмнэнии үлэлэр чэрчилэринэн, ыам ыйын 8 күнүгэр нэһилиэк ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын мунньаҕа буолан ааста. Сүбэ мунньаҕы Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Иван Васильевич Гаврильев иилээн-саҕалаан ыытта.

Баһылык хамыыһыйа чилиэннэригэр сөптөөх, былааннаах үлэни саҕалаан бэлэм буолалларыгар кытаанах соругу туоруорда.

Ол курдук, муус устар 1 күнүнээҕи 54 нүөмэрдээх нэһилиэк баһылыгын дьаһалынан сааскы халаан уутун куттала суох аһарарга сүрүн соруктары толорорго уонна куттал суох буолуутун хонтуруолун хааччыйар үлэ саҕаламмытын биллэрдэ.

Хамыыһыйа чилиэннэрин сүрүн быһаарыытынан ыам ыйын 10 күнүттэн сүөһүлэри, сылгылары баардаан-суохтаан үрдүк сиргэ таһаарыы үлэтин саҕалыырга сорук турда. Тыа хаһаайыстыбатын специалиһа Николай Гуляев иһитиннэрбитинэн сүөһү ахсаана 1054, олортон ыанар ынаҕа — 330, саҥа төрүөх ньирэй — 196, сылгы — 1027. Билиҥҥи туругунан Тоҥ-бас, Мохсоҕоллоох сайылыктарыгар күрүө-хаһаа, оттук мас, олорор дьиэни оҥостуу субуотунньуктара ыытылла тураллар. Бу күннэргэ “Сиэр-биэ” сайылыгар субуотунньук ыытыллара былааннанар.

Маны сэргэ, доруобуйаларынан хааччахтаах сытар ыарыһахтар — 7, оҕо күүтэр ийэлэр — 2, 75 үөһэ аҕа саастаах көлүөнэ — 19, 3 диэри саастаах кыра оҕолордоох дьон15 чопчу ханна бараллара биллэн, былааннаммыт быстах кэмҥэ олорор сирдэргэ эвакуацияланалларыгар быһаарыы ылылынна. Билиҥҥи туругунан ыарыһахтартан 2 киһи эвакуацияланна.

Түөлбэ олохтоохторугар уонна оскуола, уһуйаан тэрилтэлэригэр эвакуация араспыыската толорулунна. Уопсайа нэһилиэнньэ дьонун ахсаана 1051, ол иһигэр оскуола үөрэнээччитэ -137, уһуйаан иитиллээччитэ — 53. Олорор дьиэ ахсаана 236.  

Халаан уутун кэмигэр эмтиир пуун Тоҥ-бас сайылыгар Намнааҕы киин балыыһа тэрийиитинэн олохтонуоҕа. Онтон “Арыылаах” сайылыгар Үөдэйдээҕи эмтиир амбулатория фельдшера Лена Егоровна Петрова бастакы эмтиир көмөнү оҥорор эппиэтинэстээҕинэн ананан тахсара былааннанар.

Дьон быстах кэмҥэ олорор пууна 80 миэстэҕэ бэлэмнэнэн 1-Хомустаах нэһилиэгин спортивнай саалатыгар олохтонор.

Ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйата ыам ыйын 14 күнүттэн оскуолаҕа үөрэҕи, уһуйааҥҥа дьарыгы тохтотон толору эвакуацияны саҕалыырга диэн быһаарыы ылынна.

Халаан уутун кэмигэр кутталы үөскэтэр көрдөрүү быһаарыллыбыт таһыма 800 см. Дьуһуурунай биригээдэ уукэлиитин бэрэбиэркэлиир кэтээн көрүү үлэтин ыытыахтара. Уу таһымын кэтээн көрөр рейка уопсайа 8 сиргэ турда. Ол курдук, 4 киһилээх 4 дьуһуурунай бөлөх үлэлиэҕэ, техникаларга 2 моторнай лодка, 1 ДТ, 4 МТЗ трактор, 1 водовоз, 1 автобус, УАЗ массыына сүүрэргэ бэлэм тураллар.

Билиҥҥи туругунан “Суол” ХЭТ биэрэги бөҕөргөтөр үлэни ыытар. Салгыы үлэ хаамыыта нэһилиэк баһылыгын тустаах хонтуорулугар ылыллан, былаан быһыытын тэтиминэн тэрээһиннээхтик ыытыллар.

Екатерина Эверстова, Үөдэй

Читайте дальше