Ыйыт-хоруйдуубут

1.Үөдэйгэ быраас тоҕо суоҕуй? Хаһан баар буолар?

2.Урукку курдук автобус сылдьарын сөргүтүөххэ наада, саатар ыраах турар нэһилиэктэргэ.

Николай Обутов, Үөдэй нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы

— Үөдэй нэһилиэгэр билиҥҥи туругунан Е.И.Кондакова аатынан олохтоох эмтиир амбулаторияҕа анал үөрэхтээх терапевт быраас чахчы суох, ити сүрүн кыһалҕабыт. Анаммыт терапевт быраас миэстэтэ (штат) баар, аһаҕас турар, улуус киин балыыһатын кытта дуогабар түһэрсэн, “Земский доктор” бырагырааманан кэлэн үлэлииллэригэр бары кыах баар. Уопсай биричиинэтин этэр эбит буоллахха, специалистар олорор усулуобуйаны билсэн баран аккаастыыр түгэннэрэ баар, үрдүк толору хааччыллыылаах олорор усулуобуйаны туруорсаллар. Ити боппуруоска киин балыыһа уонна биһиги өттүбүттэн үлэ барар.

 

Үөдэй нэһилиэгэр инники сылларга “Айан-транс” тэрилтэ тэрээһиннээхтик үлэлиир кэмигэр автобус бириэмэтигэр сылдьара олус туһалаах этэ, дьон кэлии-барыы өттүгэр кыһалҕаны көрсүбэтэхтэрэ. Үөдэй нэһилиэгэ Нам улууһун кииниттэн бэрт чугаһа суох, кэлии-барыы өттүгэр олохтоохтор ыарахаттары көрсөллөр. Бу кэлиҥҥи сылларга улуус баһылыгын өйөбүлүнэн, чэпчэтиилээх маршрутнай 8 миэстэлээх такси күҥҥэ үстэ нэдиэлэҕэ 5 күн сылдьар. Такси сүрүн кыһалҕата — саас, күһүн, сайын суол алдьаннаҕына аҕыйах кэмҥэ сырыыта тохтуур. Онон, манна даҕатан эттэххэ 1 Хомустаах уонна Үөдэй суолугар капитальнай өрөмүөн оҥоһуллуон наада. Автобус сырыыта урукку курдук сөргүтүллэрэ наадалаах дии саныыбыт, олохтоохтор да олус күүтэллэр.