Байыаннай таҥас тигиитигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи «Үлэ-иис күрэҕэ» түмүктэннэ.
Нам хамаандата 4-с бочуоттаах миэстэни ылла уонна иистэнэр массыынанан наҕараадаланна. Хамаандаҕа Екатерина Суздалова, Анна Ядрихинская, Татьяна Новгородова, Татьяна Омина, Мария Чепалова, Прасковья Протопопова, Розалия Местникова, Людмила Сивцева, Мария Потапова киирэн иистэннилэр. Салайааччы – Татьяна Омина.
Оттон куонкуруска бастакыга Кэбээйи, иккискэ Таатта, Чурапчы, үһүскэ Мэҥэ Хаҥалас, Халыма, Дьокуускайтан «Сахабулт» таҕыстылар.
10 улуустан 10-нуу киһилээх хамаанда кэлбит. Кинилэр от ыйын 8-11 күннэригэр 15 кэмпилиэк байыаннай таҥас тиктилэр.
Биһиги иистэнньэҥнэрбит бириистэрин, иистэнэр массыынаны, байыаннай дьайыы хонуутугар сырдык тыына быстыбыт доброволец Алексей Захаров кэргэнигэр, 5 уол ийэтигэр туттарарга быһаардылар.
«Үлэ-иис күрэҕэ» Дьокуускайта от ыйын 8-11 күннэригэр «Илии сылааһа» хамсааһын салайааччыта Ирина Саввина көҕүлээһининэн ыытылынна.
Лена Ноговицына