СӨ Ил Дархана Айсен Николаев 2023 сылга, Үлэ сылыгар биллэрбит, 300 тыһ. солк. кээмэйдээх харчынан наҕараадалаах «Үлэ киһитэ» диэн саҥа бириэмийэтэ мантан ыла өрөспүүбүлүкэ 50 бастыҥ үлэһитигэр сыл аайы туттарыллар.
Биһиэхэ үлэни өрө туппут, улуус, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах үгүс дьонноохпут. Олортон биирдэстэрэ, культура эйгэтигэр 50-с сылын үлэлии сылдьар Елена Александровна Кутукова буолар.
Бу үөрүүлээх күнүнэн, айар куттаах Наммыт улууһугар культура уонна искусство эйгэтигэр таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар, киэн туттар ытыктыыр киһибит — Елена Александровна «Айар талааммар таба тайаммытым — дьылҕам бэлэҕэ» диэн интервьютун ааҕааччыларбытыгар таһаарабыт.
Елена Александровна Кутукова — ССРС культуратын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Российскай Федерация «Бастыҥ культура үлэһитэ» үрдүк бэлиэ хаһаайына, Нам улууһун, Ленскэй уонна Таастаах нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, үөрэммит Дьокуускайдааҕы культура уонна искусство колледжын «Күн Өркөн-2019» анал бириэмийэтин лауреата, «Грани Алмаза-2019» өрөспүүбүлүкэтээҕи культура уонна искусство эйгэтин бириэмийэтин лауреата, «За вклад в развитие традиционного художественного творчества РС (Я)» уонна «Медаль Материнства ССРС», «За вклад в развитие Намского улуса» үрдүк бэлиэлэр хаһаайына, Нам улууһун культуратын бочуоттаах үлэһитэ, самодеятельнай композитор.
-Елена Александровна, айар куттаах эйгэҕэ хайдах сыстыбыккыный уонна оҕо сааһыҥ, төрөппүттэриҥ тустарынан кэпсии түһүөҥ дуо?
— Мин Нам оройуонун Таастаах нэһилиэгэр 1947 сыл олунньу 6 күнүгэр төрөөбүтүм. Ийэм Мария Ивановна Атласова-I Таастаахха Сэбиэт сэкиритээринэн үлэлээбит. Сүрдээх сытыы-хотуу, грамотнай киһи эбит. Үлэҕэ сүүрэн-көтөн, тэрийэн, дьону-сэргэни кытта биир тылы булан, түмэр талааннаах этэ диэн кэпсииллэрэ. Ийэбит биһиги балтыбынаан Зоялыын 5-3 саастаах эрдэхпитинэ ыалдьан эрдэ бу олохтон барбыта. Инньэ гынан, ийэм бииргэ төрөөбүт балта Мария Ивановна Атласова-II, күтүөтүм Василий Иванович Винокуров, таайым Павел Иванович Атласов уонна эбэм Ылдьаана көрө-истэ хаалбыттар. Билигин санаатахха, оччолорго дьонум, баара-суоҕа, 24-25 эрэ саастаах дьон эбиттэр.
1952-53 сс. Таастаахха улахан кураан туран, нэһилиэк барыта Бартыһаан, I Хомустаах нэһилиэктэригэр көһөргө күһэллибиттэрэ. Төһө да кырам иһин, ол хомунуу түгэннэрэ, көһүү сүпсүлгэнэ өйбөр хатанан хаалбыттар. Таастаахтан оҕуһунан көһөн киирбиппитин өйдүүбүн. Билигин санаатахха, Кэҥкэмэ үрэҕи сыарҕа үрдүгэр олорон туораабыппыт. Балтым Зоя ити түгэҥҥэ утуйан хаалбыта. Онтон мин олох көрө-истэ олорбутум. Эдьиийим оҕуһун талаҕынан оҕус да оҕус буолара, сыарҕаны уу таһыйбатын диэн. Дьэ, оннук Бастакы Хомустаах олохтоохторо буолбуппут. Биир кыра дьиэҕэ дьукаахтаһан 4 ыал эйэ-дэмнээхтик олорбуппут.
Биһиги балтыбынаан Зоялыын, төһө да кыра буолларбыт, ийэтэ-аҕата суох хаалларбыт, эдьиийим аах олох төрөппүт оҕолорун курдук көрбүттэрэ-истибиттэрэ, үөрэттэрбиттэрэ, үлэһит оҥортообуттара. Олох тулаайах курдук санамматахпыт.
Оччолорго I Хомустаахха оскуола суох этэ. Өйдүүбүн ээ — эдьиийим аах куораттан оскуола суумкатын, атылаас лиэнтэни дьонунан ыллартарбыттара. Суумкам дьиҥнээх тирииттэн тигиллибит, сыта-сымара үчүгэй да этэ. Утуйарбар сыттаан утуйарым, турарбар лиэнтэбин көрбүтүнэн уһуктарым. Бу курдук бастакы оскуолаҕа киириим күннэрэ наһаа үчүгэй өйдөбүллээхтэр.
Бартыһааҥҥа «0» кылааска хас да буолан үөрэммиппит. Дьонум миигин сарсыарда 6 чааска туруораллар. Аһатан-бэрийэн баран 5-6-с кылаастарга үөрэнэр уолаттарга туттартаан ыыталлара.
Күн аайы 7 км сатыы сылдьар буоламмыт, биир үтүө күн сүрэҕэлдьээн, кыргыттар Арыы Тииккэ сыыр анныгар саһан хаалбыппыт. Уолаттарбыт, кэпсээннэригэр аралдьыйан, инники түһэ турбуттара. Биһиги сыыр анныгар киирэммит учуутал буола оонньообуппут. Суумкабытын арыйан, өйүөбүтүттэн үссэнэн, кинигэ, тэтэрээт арыйан уруокпутун аахпыта буолбуппут. Күн ортото буолла быһылаах — үөһэнэн биир убайбыт билисипиэтинэн I Хомустаахха ааһан иһэрин көрөн, куттанан кирийэн сыттыбыт. Онтон «үөрэхпит бүттэҕэ буолуо» диэн сатыы дьиэлээтибит. Ол быыһыгар төрөппүттэрбит мөҕүөхтэрэ диэн куттана саныыбыт. Ол билисипиэттээх уолбутун учууталбыт биһиги төрөппүттэрбитигэр «Оҕолоругутун мөҕөөххүтүй» — диэн илдьиттээн ыыппыт эбит. Мин дьиэҕэ киирбэккэ түннүгүнэн көрбүтүм — эбээм Ылдьаана барахсан: «Лена, киир-киир. Олох мөхпөппүт,» — диэн ааттаһа сатаата. Мин өсөһөн турдум. «Күтүөт Баһылай Покровскайтан кэллэ, эйиэхэ наһаа үчүгэй былааччыйа аҕалла», — диэн эбэм көөчүктээн дьиэҕэ киллэрбитэ. Итинник биир көрдөөх түгэн буолан ааспыта.
Бартыһааҥҥа оччолорго олорор ыал аҕыйах этэ. Ол иһин күһүн хойукка диэри Арыы Тиитинэн (I Хомустаах-Бартыһаан анныларынан) ардах-хаар быыһынан сатыы сылдьарбыт. Кэлин, эбэм барахсан, хаар түһүүтэ, биир сыарҕа оттук маска кэпсэтэн ыалга олордубута. Иккис кылааска киирэрбитигэр, дьэ, интернат аһыллыбыта. Оччолорго, биир кэмҥэ, кыһынын сыарҕалаах атынан оҕолору оскуолаҕа таһаллар этэ. Сыарҕанан кэлии-барыы кэмэ оҕолорго туһунан көр этэ. Оннук иллээхтик, түмсүүлээхтик, үөрэ-көтө айанныыр да, үөрэнэр да этибит.
Ол кэмҥэ Бартыһаан оскуолатыгар Үөдэйтэн, Хамаҕаттаттан, I уонна II Хомустаахтартан оҕолор үөрэнэр этилэр. Интернакка улахан кылаас кыргыттара кыра кылаастары көрөр-истэр эбээһинэстээхтэр этэ.
— Оҕо сааскыттан сүрдээх интэриэһинэй уонна үтүө өйдөбүл хаалбыт эбит. Онтон ырыаҕа, музыкаҕа хайдах сыстыбыккыный?
— Интернакка биир гармошка баара. Ким баҕалаах талкыйар-илкийэр этэ. Мин уһун переменаҕа сүүрэн киирэн ол гармошкаҕа мелодия таһаара сатыыр этим. Сотору кэминэн ырыаны икки илиибинэн таһаарар буолбутум. Оччотооҕу 30 мүнүүтэ уһуннаах переменаҕа оҕолорго үҥкүү тэриллэрэ, онно оонньуур этим (күлэр). Аны туран, I Хомустаахха бастакы кулууп аһыллыбыта. Сэбиэскэй кэмҥэ саамай ыччат түмсэр киинэ кулууп тула буолара. Күтүөтүм Баһылай, таайым Байбал дэриэбинэҕэ кэнсиэртэргэ, үҥкүү киэһэлэригэр баянныыллар этэ. Миигин онно кулууп дириэктэрэ ыҥыран дьоммун кытта оонньотор этэ. Бу сырыттахпына, дьонум миэхэ баян атыылаһан үөрдүбүттэрэ. Онтон ылата мин музыка алыптаах эйгэтигэр сыстыбытым.
Бартыһаан 8 кылаастаах оскуолатын ситиһиилээхтик түмүктээн, Нам орто оскуолатыгар салгыы үөрэнэ кэлбитим. 9-10-11 кылааска үөрэнэр оҕолор оччолорго Намнааҕы культура дьиэтигэр тэриллибит «Ньургуһун» үҥкүү коллективыгар ырыаҕа-үҥкүүгэ дьарыктаналлар этэ. Онтон мин оскуолабытыгар хор куруһуогар сылдьарым.
— Бу үлэлии сылдьар идэҕиҥ хайдах талбыккыный?
— Оччолорго профориентационнай үлэ ыытыллыбат этэ. Инньэ гынан, оҕолору батыһан, СГУ Тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар Ветеринар идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Үөрэнэ киирэн баран, бу идэ мин испэр киирбэтин тута өйдөөммүн, тохтообутум. Онон салгыы дойдубар I Хомустаахха дьыссаакка иитээччинэн үлэлээбитим. Ол күһүнүгэр Дьокуускайдааҕы Культурнай-сырдатар училищеҕа үөрэнэ киирбитим. Дьэ, бу айар куттаахтар үөрэхтэригэр киирбитим эмиэ туһунан остуоруйалаах. Арай туран, Киров уулуссатыгар 3 нүөмэрдээх оптуобус тохтобулугар турабын. Ол турдахпына, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кыыһым Айта сүүрэн кэллэ уонна этэр: «Лена, манна ырыаҕа үөрэтэллэр эбит.
Эксээмэннэр буола тураллар. Манна туттарсыбаккын дуо? Иккиэн киириэххэ!» — диэн икки этээстээх мас дьиэҕэ сиэтэн киллэрбитэ. Онно киирэн кыыһым этэр: «Вот эта девушка пришла поступать», — диэтэ. Онуоха учуутал фортепианоҕа олорон миигин музыкальнай слухпун бэрэбиэркэлээтэ. «Чох хара түүммүт уһунуон…» диэн былыргы биир билэр ырыабын ыллааччы буоллум (күлэр). Учуутал, истэн баран, син сөбүлээтэ быһылаах: «Приходите 1 сентября, по списку посмотришь, » — диэтэ. Бүттэ. Мин үөрэ-көтө дьиэлээтим. Болдьохтоох күммэр кэлэн көрбүтүм — «Атласова Лена » диэн испииһэккэ үсүһүнэн суруллан турар эбиппин. Үөрдүм аҕай, дьэ уонна ол кэннэ, киирбит оҕолордуун Чурапчыга хортуоппуй хостооһунугар практикаҕа барбытым.
Сити курдук, ырыа эйгэтин профессиональнай суолугар үктэммитим. Кэлин өйдөөбүтүм — «Хормейстер» диэн идэҕэ үөрэнэ киирбит эбиппин. Күн аайы фортепиано, дирижирование, баян, сольфеджио, хоровой кылаас уруоктарыгар ис сүрэхпиттэн сөбүлээн, күннэри-түүннэри дьарыктанарым. Оччолорго инструмент диэн олус кэмчи буолан, дьарыктанааччыларга былдьаһыктаах этэ. Икки сыл туйгуннук үөрэммитим. Хормейстер идэлээх биэс оҕону салгыы Хабаровскайдааҕы культура институтугар ыыппыттара. Ити курдук, Дьокуускайга уонна Хабаровскайга икки улахан комиссияны ааһаммын, институт устудьуона буолбутум. Бу — ыра санаам туолуута этэ.
-Эдэр киһи оччолорго киэҥ сиргэ тиийэн өссө ордук умсугутуулаах эйгэҕэ киирдэҕиҥ. Салгыы, Хабаровскай куорат эйигин хайдах көрсүбүтэй?
— Хабаровскай куорат сүрдээх үчүгэйдик көрсүбүтэ. Бастаан, онно тиийэн дойдубун, дьоммун ахтар ахан этим. Ол гынан баран, устудьуон көрдөөх, сэргэх олоҕо ыксары кууспута. Хабаровскайга Саха сириттэн Культура уонна Физкультура үөрэхтэригэр элбэх саха оҕото үөрэнэрэ. Түмсүүлээх, туохха барытыгар көхтөөх ыччаттар этэ. Араас студенческай тэрээһиннэргэ мин эмиэ кыттан да биэрбитим. Ол сылдьан, биир дойдулаахпын, Физкультура институтун 4 курсун устудьуонун Кутуков Валераны көрсөбүн. Доҕордоһон, сыыйа билсэн, 1971 сыл сайыныгар студенческай сыбаайба тэрийбиппит. Онтон 1972 сылга бастакы оҕобут Вася күн сирин көрбүтэ. Валера аҕата Роман Петрович, Сэбиэскэй киһи буолан, оччолорго: «Оҕону мин көрүөм. Эн хайаан да үөрэххин бүтэриэхтээххин!» — диэн туран академ ыллартарбакка, үөрэхпин бүтэртэрбитэ. Онон биһиги дьоммутугар махталым муҥура суох.
1974 сыллаахха үрдүк үөрэхпин бүтэрэн баран, кэргэним Валерий Романович Граф Биэрэгэр СПТУ-га тренеринэн ананан, онно барсыбытым. Онно 10 сыл олорбуппут. Мин олохтоох кулуупка уус-уран салайааччынан, кэлин директорынан үлэлээбитим. Ону сэргэ, СПТУ кэлэктиибигэр хормейстердаабытым.
Ол үлэлиир сылларбар, Профтехүөрэхтээһин училищеларын икки ардыларыгар ыытыллыбыт Саха сиринээҕи уус-уран самодеятельнай күрэххэ кыайаммыт, СПТУ коллектива уонна курсаннара буолан, Красноярскай куоракка Бүтүн Сойуустааҕы ыччат Фестивалыгар кыттан, Лауреат үрдүк аатын ылан кэлбиппит. Оччолорго фонограмма диэн хантан кэлиэй? Баянынан доҕуһуоллаах сылдьарбыт. Ону кытта хомус, дүҥүр, дьаҕа, күпсүүр народнай инструменнарынан бэйэбит доҕуһуоллаан дьону-сэргэни сөхтөрбүппүт. Улахан айаммыт итинэн эрэ бүппэтэҕэ — эһиилигэр СПТУ хоровой коллективым Владивосток куоракка тиийэн кыттан турабыт. Баяҥҥа СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, мелодист, оччолорго профтехүөрэхтээһинигэр уус-уран салайааччынан үлэлии сылдьар Галина Шахурдина оонньообута. Онон ити кэмнэргэ сүрдээх тахсыылаахтык, ыраах сиргэ тиийэ кыттан үлэлээбит эбиппин.
Аҕабытын аны Көбөкөн орто оскуолатын директорынан, миигин кулууп директорынан анааннар, оҕолорбутун кыбыммытынан онно көспүппүт. Көбөкөн нэһилиэгин дьоно ураты айылҕалаах, талаан бөҕөлөөх дьон, сылаас дьиэ бэлэмнээн наһаа үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Үлэбитигэр-хамнаспытыгар сүрдээҕин көмө-өйөбүл буолбуттара. Биир бастыҥ үлэлээх Сойууска биллэн, «Кыһыл Знамя» бэлиэлээх оскуола буолбута. Оччотооҕу агитзона, женсовет түмсүүлээхтик үлэлээннэр, кулууп культурнай-тэрийэр үлэтигэр нэһилиэнньэ төһүү күүс буолаллара. Бөһүөлэк иһэ ырыа аргыстаах көхтөөх олоҕунан ньиргийэн олорбута.
— Эдэр специалиска сүрдээх тэтимнээх хамсааһыны саҕалаабыт эбиккин. Соҕуруу дойдуларынан кытта эргийэн кэлэр оччотооҕу кэмҥэ ыарахаттардаах этэ буоллаҕа дии. Дьэ, онтон, «Ньургуһун» народнай хоругар кэлбитиҥ:
— 1986 сыллаахха Намҥа УПК оскуолата аһыллан, аҕабытын онно директорынан анааннар, Көбөкөнтөн дьиэ кэргэнинэн көһөн кэлбиппит. Миигин онно оройуоннааҕы культура дьиэтин «Ньургуһун» народнай үҥкүү-хор кэлэктиибигэр хормейстерынан үлэҕэ ылбыттара. Дьэ, онтон ылата бу «Ньургуһуммар» сырыттаҕым.
Хорга нэһилиэк араас тэрилтэлэригэр үлэлиир олохтоохтор сылдьаллара. Оччотооҕу сылларга үлэ кэлэктииптэрин икки ардыларыгар сыл ахсын ыытыллар фестивалларга, ырыа куонкурустарыгар хорум дьоно олус көхтөөхтүк кытталлара. Чуолаан РайПО, балыыһа, Быткомбинат, оскуола үлэһиттэрэ олус түмсүүлээх этилэрэ.
-Улахан кэлэктииби салайар эмиэ сатабыл, дьону мунньан, биир эйгэҕэ илдьэ сылдьыы — туһунан сыра буоллаҕа. Кэлэктииптэргиттэн кэпсии түһүөҥ дуо?
— «Ньургуһун» хоровой кэлэктииппин 35-с сылбын салайа сылдьабын. Сылын аайы ыытыллар күрэхтэргэ кытыннаран, өрүү миэстэлэһэн, таһыммытын түһэрбэккэ сылдьабыт. Хас биирдии ырыаһытым толоруутун 3-4 куоласка араартаан, улахан гиимнэри, улуу композитордарбыт уонна олохтоох ааптардарбыт айымньыларын доҕуһуола суох (акапелльно) уонна оркестрдаах толоробут. Бу туһунан үгүстүк хаһыакка, араадьыйаҕа, тэлэбиисэргэ көрдөрөн-иһитиннэрэн турабын.
«Дьүөгэлэр» народнай ырыа ансаамбылын туһунан кэпсээтэххэ — «Ньургуһуҥҥа» кэлэн бараммын, кыргыттарга туспа ырыа ансаамбылын тэрийэр санаам кэлбитэ. Ол курдук, ыллыыр баҕалаах, нэһилиэккэ араас тэрилтэлэргэ үлэлиир 10 кыыһы кэпсэтэн, куоластарын истэн, мунньубутум.
2001 сыллаахха Дьокуускайга улахан Өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕэ буолбута. Онно биһиги саҥа «Дьүөгэлэр» диэн ааты ылынан кыттыбыппыт. «Төрөөбүт дойду туһунан бастыҥ ырыа» диэн Бастакы Президент М.Е. Николаев анаабыт номинацияҕа Гран-При бириэмийэтигэр тиксэн олуһун соһуйбуппут да, үөрбүппүт да. Мантан сиэттэрэн, олохтоохтук дьарыктанан барбыппыт. Ол түмүгэр, 2011 сыллаахха «Народнай» аат иҥэриллибитэ. Хара маҥнайгыттан тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ кыттан, үрдүк ситиһиилэрбит элбэхтэр. Аан дойду таһымыгар тиийэ кыттаммыт Россиябыт, Сахабыт сирин аатын норуоттарга билиһиннэрбиппит. Ааспыт сылга бу тэрийбит, бэйэм оҕом курдук саныыр ансаамбылым 30 сылын бэлиэтээтэ. «Дьүөгэлэрим» таһынан «Нарыйаана» диэн иккис ырыа ансаамбылын тэрийбитим. Кыргыттарым номнуо кэккэ ситиһиилэрдээхтэр, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэргэ куруутун кыттаннар лауреат, дипломан буолаллар.
Бу барыта күн ахсын кэриэтэ дьарыктан тахсар буоллаҕа дии. Кыргыттарбын хайгыырым, кинилэргэ махтанарым үгүс. Нэһилиэккэ, улууска, өрөспүүбүлүкэбит таһымыгар тиийэ ыллаан-туойан, үтүө дойдубут, дьоммут ааттарын ааттаталлар. Бары даҕаны ырыаны ымыы оҥостубут, сүрэхпитинэн сөбүлүүр дьон буоламмыт, айымньылаах үлэбит таһыма сыллата тубустар тупсан, сылдьар айаммыт кэҥээн, ыраатан истэхтэрэ. Репертуары талыы, сыымайдааһын эмиэ туһунан үлэ. Хаама, сыта-тура сылдьаммын бастаан бэйэбэр ыллаан киҥинэйэбин. Хас куоласка арахсан толоруллуон сөбүн аттаран, кыргыттарбар иһитиннэрэбин. Ол кэннэ аны, нуотанан аранжировката саҕаланар. Үлэ кэмигэр 4 видеоклип уһултарбыппыт. Дьэ итинник, ырыаһыттарбар хас биирдии үөрэтэр, чочуйар үлэм күннээҕи олоҕум кэһиллибэт сокуона диэбит курдук буолар. Билигин «Дьүөгэлэр» народнай ааттаах ансаамбылым атыттарга холобур буола үүннэ-сайынна. Онон олуһун киэн туттабын — дьаныардаах үлэм, талан ылбыт идэм ситиһиитэ бу буоллаҕа дии.
Мин кыргыттарым ыллыыр эрэ буолбатахтар. 2018 сыллаахха “Туойуоҕуҥ, Эҥсиэли хочотун” диэн Нам улууһун, нэһилиэктэр Өрөгөй ырыаларын, мелодистар олорор-үлэлиир нэһилиэктэрин туһунан хоһуйбут ырыаларын мунньан бэртээхэй ырыанньык таһаарбыппыт. Мелодистар биллэр да ырыалара нуотаҕа түһэриллибэтэх буолан күчүмэҕэйдээх этилэрэ, ону ырыаларын диктофоҥҥа ыллатан кыргыттар нуотаҕа түһэрэн, ырыанньык-кинигэ уонна диискэ таһаартаран, үбүлүөйдээх сылбытыгар биир улахан бэлэх курдук саныыбыт. Ол эмиэ улахан үлэ, ситиһии буолар. Урукку сылларга композитор В.А. Зырянов ырыаларбытын тупсарар этэ. Онон ырыаларбыт сүрдээх ураты оҥоһуулаах буоланнар, биир эйгэлээхтэрбитигэр, көрөөччүлэрбитигэр олус биһирэнэллэр. Билигин миэхэ Дора Корякина көмөлөһөр, ырыаларбытын аранжировкалыыр. Ол курдук, Намҥа ыытыллыбыт 13 өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар “Уруйдан, Эҥсиэли хочото” диэн Марта-Мария хоһоонугар мелодия айбыппын, хорга анаан оҥорон “Ньургуһун” народнай хор репертуарыгар бигэтик киирдэ.
-Айар үлэҕэр өссө ханнык тэрилтэлэри, кэлэктииптэри кытта үлэлэһэҕиҥ?
— Сүрүн үлэм таһынан, З.П. Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо искусствотын оскуолатын кытта ыкса үлэлэһэбин. Саха бастакы композитордарыттан биирдэстэрэ З.П. Винокуров 100 сыллаах үбүлүөйүнэн ырыаһыттарбытын мунньан, оркестр доҕуһуолунан ыллаттыбыт. «Эҥсиэли» араадьыйаҕа быһа эфиргэ кытынныбыт. Үлэбин олохтоох «Эҥсиэли» хаһыат куруутун сырдатар. Аны, хамсык дьаҥын хааччаҕын кэмигэр, үлэбин тохтоппокко ситим нөҥүө Инстаграм-страницаҕа «Лики культуры Намского улуса» культура деятеллэрин туһунан ахтыылары таһаартаабытым.
Общественнай үлэбэр «Туллук хаара» улуустааҕы мелодистар түмсүүлэригэр салайааччы быһыытынан сылдьан элбэх үлэ барбыта. Ол курдук, «Умнуллубат ааттар» хорум солистарын туһунан ахтыы балаһаҕа араадьыйаҕа Егор Барамыгин, Фома Протопопов ырыаларын иһитиннэрбиппит. Бу ырыалар Саха-радио фондатыгар эмиэ киирбиттэрэ. С. Кудрина, И. Христофоров, А. Шестаков, В. Зырянов, Т. Кириллина үбүлүөйдээх сылларыгар уонна «Ньургуһун» НҮХК 60 сыллаах тэрээһинигэр ахтыы киэһэлэрин тэрийэн, араадьыйаҕа биэриитигэр тахсыбытым.
-Ырыаҕа анаммыт идэҕинэн, үлэ хаамыытынан бэйэҥ ааптарскай тэрээһиннэриҥ дьон биһирэбилин ылаллар. Бу туһунан сырдатыаҥ дуо?
— Биһиги Наммытыгар ыллыыр талааннаах эр дьон үгүстэр. Олору биир улахан түһүлгэҕэ мунньан, улахан кэнсиэр тэрийэр баҕалаах этим. Онтубун, дьэ, 2017 сылтан саҕалаан, «Эҥсиэли уолаттара ыллыыллар» диэн Намтан төрүттээх, Намҥа олорор талааннаах уолаттары мунньан кэнсиэргэ кытыннарбытым быйыл 5-с сыла буолар. Манна өрүү бааллар: СӨ Народнай артыыһа А. Емельянов, эдэр ырыаһыттар Кирилл Матвеев, П. Попов, И. Татаринов салайар «Махсыым уолаттара» ансаамбыл уо.д.а. «Далбар Хотун ырыата” диэн дьахталлар вокальнай ансаамбылларын икки ардыларыгар ыытыллар аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ араас улуустартан вокальнай ансаамбыллар кытталлар. Ааспыт сылга Хамаҕатта «Кытыл кыыма» ансаамбыла Гран-При буолбута. 1 миэстэни «Бүлүү» диэн Бүлүүттэн вокальнай ансаамбыл ылбыта. Сылтан сыл кыттааччы ахсаана элбиирэ үөрдэр. Ити барыта ырыа жанра, вокальнай ансаамбыллар сайдалларыгар улахан олук буолар. Бу мин үлэм биир хайысхата, сүрүн сыала-соруга.
Сылын аайы Нам улууһун Ырыа айааччыларын ортолоругар «Туойуоҕуҥ, олох кэрэтин» күрэҕим ыам ыйыгар ыытыллар Ырыа бырааһынньыгын киэргэтэр.
— Эн айар үлэҕэр үрдүк ситиһиилэргэр сүрүн кынаттарыҥ — дьиэ кэргэниҥ буоллаҕа дии:
— Оннук, саамай-саамай өйдүүр дьонум — мин оҕолорум буоллахтара дии. Кэргэмминээн, Валерий Романович Кутуковтыын, 5 оҕону төрөтөн, үөрэттэрэн, дьиэлээн, үлэһит оҥортоотубут. Өрөспүүбүлүкэҕэ балай да биллэр үлэһиттэр буоллулар. Онон киэн туттабын. Уолаттар бары Намҥа олороллор. Улахан уолбут Василий — боксаҕа спорт маастара, тренер, Вадим — «Нам-Строй» тутуу тэрилтэтин директора, Петр — бааһынай хаһаайыстыбалаах, Роман — үөрэҕирии салаатыгар үлэлиир, ис-иһиттэн тарбаҕар талааннаах мас ууһа. Соҕотох кыыспыт Мария идэтинэн учуутал, Дьокуускайга олорор, үлэлиир. Барыта 16 сиэннээхпин, биир хос сиэннээхпин.
-Елена Александровна, олохтон дуоһуйуу диэн Эн өйдөбүлгэр хайдаҕый?
-Мин, уопсайынан, сүрдээх сымнаҕас майгылаахпын. Оҕо эрдэхпиттэн мэникпин, дьээбэлээхпин. Ол эрээри, сөбүлэспэт түгэннэрбэр санаабын аһаҕастык малтаччы этэбин. Үлэбэр да, дьиэбэр да тугу эмит ылыстахпына, тиһэҕэр диэри хайаан да тиэрдиэхтээхпин диэн толкуйдаахпын. Олохпор кэргэним Валерий Романович үлэбэр түүннэри-күнүстэри сылдьарбын өйдүүр уонна өйүүр буолан, бачча сааспар диэри айа-тута үлэлии сылдьабын. Билигин, аҕабытын суохтаппакка, оҕолорум тула көмөлөһөллөр, өйүүллэр.
Мин бу талан ылбыт сөбүлүүр идэбинэн эдэр кэлэктииппин кытта тэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьарбыттан олуһун үөрэбин уонна онон Дьоллонобун!
Биир идэлээхтэрбэр баҕарабын — айар-тэрийэр үлэҕит таһаарыылаах буоллун. Биһиги үлэбит дьиҥинэн олус дьэрэкээн, сэргэх, сырдык, киэҥ ыырдаах. Культура уонна искусство эйгэтигэр сылдьар дьон ону билэллэр. Ол да иһин, олохпутун бүтүннүү айар үлэҕэ биэрэбит.
Елена Александровна, Эн кэрэни, үтүөнү, сырдык ырыаны кэрэһэлиир алыптаах дорҕоону ыллык оҥостон, сайаҕас санааҥ ырааһын, сүрэҕиҥ сылааһын, иэйииҥ истиҥин бар дьоҥҥор бэлэхтииргэр махтанан туран, Бүтүн Россиятааҕы Идэлээх күҥҥүнэн бары көрөөччүлэр-истээччилэр ааттарыттан дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлиибит уонна тус олоххор чэгиэн доруобуйаны, өссө да саҥа сүүрээннэри айа-тута сылдьаргар, дьоллоохтук уһуннук олороргор баҕара хаалабыт!
Наталья ПЕТРОВА,
СӨ культуратын туйгуна, «СӨ норуот айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин» үрдүк бэлиэ хаһаайына