Үлэҕэ дьулуурдаах, общественнай олоххо көхтөөх, сайаҕас санаалаах учуутал Дьөгүөрэптэр

Убаастыыр коллегаларбыт, оскуолабыт бастакы директора Валерий Ефремович, ветеран уччууталбыт Евдокия Васильевна!

Эһигини олоххутун холбоон ыал буолбуккут 50  сылынан уонна 75 сааскытын туолар өрөгөйдөөх үбүлүөйгүтүнэн И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан аатынан Нам алын кылаастаах оскуолатын коллектива итиитик, истиҥник эҕэрдэлиир.

Оруобуна 50 сыл анараа өттүгэр Бүлүү педучилищетын бүтэрбит кэргэннии учууталлар, Ньурба кыыһа Евдокия Староватова уонна Бүлүү уола Валерий Егоров, Нам оройуонун II Хомустааҕар ананан кэлбиттэрэ.

Үлэҕэ дьулуурдаах, общественнай олоххо көхтөөх, сайаҕас санаалаах учуутал Егоровтар дьиэ-кэргэн 15 сыл устата Торуой Хомустаах дьоһун ыала буолбуттара. Ыал буолбуттарын хара маҥнайгы сылларыттан өбүгэлэрбит төрүт дьарыктарынан — сүөһү иитэн, бултаан-алтаан, балыктаан, аччыктаабыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр итии чэйдээх, сахалыы тыыннаах, мааны майгылаах ыал буолбуттара.

Эдэр ыаллар иккиэн да талааннаах дьон буолан биэрбиттэрэ, иккиэн үчүгэйдик остуол тенниһигэр оонньууллара. Егоровтар кэлиэхтэриттэн Торуой Хомустаахха остуол тенниһэ өрө күөдьүйэ түспүтэ. Эдэр учууталлар үлэһит быһыытынан бастакы хардыыларын II Хомустаах оскуолатыгар оҥорбуттара. Элэккэй, холку, сымнаҕас  майгылаах эдэр учууталлар оскуола коллективын кытта тута биир тылы булбуттара, туох да эҥкилэ суох сайдыы суолугар үктэммиттэрэ. Валерий Ефремович баяҥҥа оонньуур буолан, ырыа уруогун ыытара, мелодист быһыытынан бастакы ырыаларын айбыта. Онуоха кыра саастаах оҕолорго сөптөөх ырыа дэбигис көстүбэтэ төрүөт буолбута. Манна олорон тэрийэр дьоҕурдаах Валерий Ефремович, нэһилиэк Сэбиэтин председателинэн быыбарданан үлэлээбитэ. Нэһилиэк социалистическай куоталаһыыга кыайан Кыһыл знамянан наҕараадаламмыта. Евдокия Васильевна учуутал быһыытынан чочуллубута. Эдэр учуутал төрөппүттэри түмэ тардан, бэрт кылгас бириэмэҕэ баай матырыйааллаах бэртээхэй кабинеты тэрийбитэ, оройуоҥҥа бастыҥнар ахсааннарыгар киирбитэ. Хас биирдии төрөппүт санаатын табан, бииргэ үлэлиир ньымаларын көдьүүстээх туһанара холобурга сылдьыбыта.

1989 с. дьиэ атыылаһан оройуон киинигэр, Намҥа, көспүттэрэ. Валерий Ефремович Нам 1 №-дээх орто оскуолатыгар завуһунан, Евдокия Васильевна алын кылаас учууталынан үлэлээбиттэрэ. Манна икки эрэ сыл үлэлээбиттэрэ. 1991с. Нам алын кылаастаах оскуолата аһыллыбытыгар Валерий Ефремович директорынан, Евдокия Васильевна учууталынан анаммыттара. Бу оскуолаҕа пенсияҕа тахсыахтарыгар диэри үлэлээбиттэрэ. Валерий Ефремовичка күннээҕинэн дуоһуйбат буолуу, сэргэх суоллары көрдөөһүн, саҥаны арыйыы курдук үлэ киһитин үтүөкэн хаачыстыбалара эдэр эрдэҕиттэн баар эбиттэр. Онон айан-тутан үлэлээн ааспыт сыллара  куруук үрдүк ситиһиилэрдээх буолаллара. Ханнык баҕарар үлэҕэ, дуоһунаска  таһаарыылаахтык үлэлээн, «Трудовая слава Якутии” (Саха Республикатын “Үлэ албан аата”) кинигэҕэ аата киирдэҕэ. Ордук табыллан Нам алын кылаастаах оскуолатын салайбыта. Саҥа оскуола тэриллиитэ син-биир саҥа ыал тэринэрин курдук. Валерий Ефремович – улахан дьиэ-кэргэн аҕа баһылыга -кэскиллээх толкуйунан, хаһаайыстыбаннай көрүүтүнэн, ахсаабат кыһамньытынан, оскуола дьиэтин, остолобуойун, теплицатын кылгас кэм иһигэр ис-киирбэхтик, орун-оннугар оҥорон кэбиспитэ.  Онтон сүрүн соругун сайыннарыылаах үөрэтии систиэмэтин киллэриигэ туһаайбыта. Ис-сүрэҕиттэн кыһаллан ылсыбыта. “Хитачи” видеокамератын сүгэ сылдьан Дьокуускай куорат оскуолаларыгар уруоктары устан аҕалан завучтарыгар учууталларыгар көрдөрөрө, ырыттарара. Валерий Ефремович салалтатынан аҕыйах сыл иһигэр биир санаанан салайтаран, күргүөмүнэн үлэлиир түмсүүлээх коллектив тэриллибитэ. Үлэ түмүгэ директор тус бэйэтин уонна салайбыт оскуолатын республика таһымнаах кыайыыларыттан көстөр: “Начальная школа – 1999” республикатааҕы конкурс кыайыылааҕа, 2000 с. «Школа XXI века  республикатааҕы быыстапка дьаарбаҥка Бочуоттаах грамотата, 2001 с. – республикатааҕы методическай көрүү кыайыылааҕа, “Школа – 2001”  V Москватааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка лауреата, 2000 с. — «Лучший директор республики” бэлиэ хаһаайына. Ити кыайыылар мээнэҕэ кэлбэттэр. Директор үөрэх-иитии үлэтэ сайдарыгар толору материальнай-техническэй баазаны, сөптөөх усулуобуйаны, идэлэрин үрдүктүк баһылаабыт үлэһиттэрдээх коллективы тэрийбитэ улахан оруоллаах.

Валерий Ефремович спорка бары өттүнэн сыһыаннаах салайааччы этэ. Үөрэх тэрилтэлэрин профсоюз ыытар спортивнай күрэхтэригэр оскуолатын хамаандатын бэйэтинэн сүүмэрдиирэ. Тус бэйэтэ таптаан остуол тенниһинэн дьарыктанара, улуус остуол тенниһигэр Федерациятын салайа сылдьыбыта. Ону таһынан “Туллук хаара” ырыа айааччылар улуустааҕы түмсүүлэрин көхтөөх чилиэнэ, мелодист быһыытынан ахсаана биллибэт ырыаны айбыта, хас да ырыанньыктары таһааттарбыта.

Евдокия Васильевна учууталлаабытын устатын тухары “төрөппүт-үөрэнээччи-учуутал” өйдөһөн үлэлииллэрин күүскэ баһылаабыта, ону таһынан кылаас таһынааҕы иитии үлэни кыайа-хото тутара. Евдокия Васильевна үөрэппит оҕолоро уруокка сыламтата суох үлэлиир буолаллара, бэйэтин курдук холку, дьоһун майгыланаллара. Пенсияҕа тахсан баран доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору үөрэппитэ. Евдокия Васильевна үлэтин уопута элбэх дакылааттарынан тарҕаммыта. Учуутал үлэтин түмүгэ — үөрэппит оҕолоро, саамай үрдүк наҕараадата – кинилэр махталлара. Евдокия Васильевна үөрэппит оҕолорун күндүтүк саныыр. Баһаам элбэх үөрэппит оҕолоруттан биирдэстэрэ, Георгий Белоусов, Учуутал күнүгэр Саха телевиденинтынан маҥнайгы учууталыгар истиҥ эҕэрдэ ыытарын Евдокия Васильевна долгуйа истэр.

Коллегаларбыт иккиэн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан да баран таптыыр дьарыктарын тохтоппотохторо: Валерий Ефремович ырыа айарын, Евдокия Васильевна теннистиирин.

Валерий Ефремович ырыа айыытыгыр сыһыаннаах 5 куонкуруска лауреат, кыайыылаах аатын ылбыта. Олортон 2012 с. оҕолорго анаммыт “Бастыҥ ырыа” күрэҕэр Саха республикатын Президенин Гранын ылбытынан киэн туттабыт. Айбыт ырыалара уостан түспэккэ ыллана сылдьалларын  — 2023 с. “За вклад в создание лучших песен всех времен “Үйэлээх ырыа” диэн бэлиэ туоһулуур.  Нам улууһугар спорт сайдыытын Бочуоттаах бэтэрээнэ, «100-летию физкультуры и спорта в Республике Саха (Якутия)» бэлиэ хаһаайына Егоров В.Е. бэрт соторутааҕыта диэри КСК-ҕа теннистии сылдьарын Нам дьоно үгүстүк көрөллөрө. Валерий Ефремовиһы Нам улууһун общественноһа меценат баһыытынан сыаналыыр. Ол курдук олох уруккуттан ыытар “Ырыа кустуга” конкурска элбэхтик спонсордаабыта, Нам начальнай оскуолатыгар анал ааттаах стипендиялаах. Бүлүү оройуонугар төрөөбүт дойдутун Сыдыбыл кулуубугар 40000, Нам улууһугар Культура дыбарыаһа тутуллуутугар 60000 тыһ. солкуобай харчынан көмө онорбутун бар-дьоно махтанан ахтар.  Үөрэхтээһин, культура, спорт сайдыытыгар дьоһун кылааты киллэрэн түөһүн толору анньынар араас бэлиэлэринэн, өйдөбүнньүк мэтээллэринэн наҕараадаламмыт Саха республикатын үөрэҕириитин туйгунунан, Нам улууһун Ытык киһитинэн, оскуолабыт бастакы директорынан, Валерий Ефремович Егоровынан киэн туттабыт.

Оттон  Евдокия Васильевна 14 сааһыттан билиҥҥэ диэри тенниһинэн үлүһүйэн туран дьарыктаммытын дириҥник сөҕөн бэлиэтиибит. Оҕо сааһыттан Ньурба, Бүлүү оройуоннарыгар, 1974 сылтан Нам оройуонугар наар бастакы миэстэлэргэ сылдьыбыта. 1984 сылтан республика таһымыгар тахсыбыта. Итинтэн ыла республикаҕа ыытыллар дьахталлар спартакиадаларыгар, чемпионаттарыгар Нам улууһуттан ситиһиилээхтик кыттара, бириистээх миэстэлэртэн түспэт этэ. Пенсияҕа тахсан баран  Россия таһымнаах ветераннар чемпионаттарыгар Саха сирин чиэһин ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Ол курдук, 2012 с., 2016 с. Дальнай Востокка чемпионнаабыта, 2015 с. Чебоксары куоракка бастаабыта,  2016 с. Самара куоракка, 2017 с. Йошкар-Олаҕа 3-с миэстэ буолуталаабыта.  2023 с. Тамбов куоракка ыытыллыбыт чемпионакка тус бэйэтэ 2-с миэстэни ылбыта. Ону таһынан парнай теннискэ 2-с, смешаннай паараҕа 3-с миэстэлэри ылаттаабытынан биһиги киэн туттабыт. Уопсайа: региональнай (Дальнай Восток) таһымнаах 10, Россия таһымнаах 15 мэтээл Евдокия Васильевна түөһүн киэргэтэллэр.

Күндү Валерий Ефремович!  Эн сатабыллаах салалтаҕынан, Эн үтүө сыһыаҥҥынан, Эн холку майгыгынан иитиллэн тахсыбыт билигин үлэлии сылдьар коллегаларыҥ Эн дэгиттэр талааҥҥынан, Эн олоҕуҥ аргыһынаан, 2013-2017 сыллардаах Нам улууһун спордун бастыҥ ветерана, республикаҕа остуол тенниһэ сайдыытын 60 сыла, ДСО “Урожай” 50 сыла өйдөбүнньүк мэтээллэр, «За заслуги в развитие физической культуры и спорта в РС(Я)», «100-летие физкультурному движению в РС(Я)», «За вклад в развитие спорта в Намском улусе» бэлиэлэр хаһаайкалара, Евдокия Васильевналыын  ыал буолан олорбут олоххутунан  киэн туттабыт уонна холобур оҥостобут.

Убаастабыллаах Валерий Ефремович уонна Евдокия Васильевна!

Эһиги  кэргэннии буолан утуму уһатар, удьуору салгыыр үс уол оҕолонон, сэттэ сиэннэнэн, икки хос сиэннэнэн 50 сыл олорон кэллигит. Эһиги бэлиэ сааскыт уонна ыал буолбут сылгыт айылҕаттан анаммыт курдук биир сылга түбэһэр эбит. Онон оҕолоргут, сиэннэргит өйөбүллэринэн этэҥҥэ сылдьан, өссө да уһуннук олорон, доҕор-атас дьоҥҥутун ыҥыртаан, үөрдэн-көтүтэн, алгыстарын ылан өрөгөйдөөх күннэргитин өссө да элбэхтик бэлиэтээн иһиҥ диэн алгыспытын тиэрдэбит. Дом!

Өссө төгүл итии-истиҥ эҕэрдэ буолуохтун, өрөгөйдөөх үбүлүөйгүтүнэн, ытыктыыр, сүгүрүйэр дьоммут! Эһиэхэ саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, сааһырары санаабакка, кырдьары билиммэккэ аймах дьонуҥ арчытынан, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, хос сиэннэриҥ тапталларыгар угуттанан сүүс сааскар диэри сүһүөххүт үрдүгэр сылдьыҥ диэн алгыс тылбытын эһиэхэ аныыбыт! Дом!

 

И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан аатынан

Нам алын кылаастаах оскуолатын коллектива.

Бэс ыйын 11 күнэ, 2024 сыл. Нам селота.