#ҮлэСылыгар
Үлэ сылынан «Үрүҥ илгэлээх Тоҥ-Бас сайылыга» сонун, сэргэх, үлэҕэ-хамнаска көҕүлүүр видеоклип күн сирин көрдө. Сүрүн идеяны киллэрбит киһинэн, видеоклип ааптара, Алгысчыт, айымньылаах үлэ үөһүгэр сылдьар, өбүгэ үгэһин, сиэрин-туомун сөргүтээччи, тарҕатааччы кэскиллээх ыччаппыт Геннадий Геннадиевич Игнатьев-Айыы оҕото буолар.
Клип Сиэйэ Уолун «Сылаас салгын» ырыатыгар табыллан оҥоһуллубут. Геннадий Игнатьев санаатын олус үөрэн, долгуйан туран үллэстэр: «Тоҥ-Бас сайылыгар «Үлэ кыһыл знамя», «Бочуот знага» уордьаннар кавалердара Николай Романович Шестаков дьиэтигэр олорон маннык идея киирбитэ. Сиэйэ Уолун ырыата баар буолан маннык сырдык тыыннаах, сайылык олоҕун, дьонун-сэргэтин, үлэтин көрдөрөр видеоклип таҕыста. Итиэннэ нэһилиэкпит историятыгар хаалар тыыннаах көстүү күн сирин көрдө дии саныыбын. Ырыа ааптара Сиэйэ Уола видеоклибы көрөн: «Олус үчүгэй, бэркэ табыллыбыт, чугас уонна билэр дьоммор тарҕатыам», – диэбитигэр ис сүрэхпиттэн махтанабын. Махтанабын: күүс-көмө буолбут миигин кытта тэҥҥэ үлэлэспит Андрей Ядреевка уонна Тоҥ-Бас сайылыгын үлэһит, сэргэх үтүө-мааны, ыалдьытымсах дьонноругар».
Сылаас сыһыан, дойдуга таптал, тыа сирин, олоҕун-уйгутун тилиннэрэр, эбээ, эһээ, ийэ, аҕа тапталларыгар угуттанан улааппыт, түптэ сыттаах сайылыгы, оҕо саас кэмнэрин санатар видеоклибы көрүҥ-сэргээҥ.
Геннадий Игнатьев — Айыы оҕото инникитин айымньылаах үлэтэ тахсан, саҥаны-сонуну киллэрэн иһиэ диэн бигэ эрэллээхпит. Тус көрүүлэрэ, санаалара, туруоруммут сыала-соруга барыта олоххо киирэн истин диэн баҕа санаабыт бастыҥын тиэрдэбит.
Екатерина Эверстова, Үөдэй