Сааскы кэрэ күн кэрэнэн сыдьаайбытыттан үөрэбит. “Ипподром” түөлбэ саамай көхтөөх Далбар Хотуттара, күүстээх аҥардар, кэнчээрилэрбит өрөбүл күннэрин туһалаахтык атаардылар. Ол курдук, бука бары тахсаннар Оҕо оонньуур былаһааккатын халыҥ хаарын ыраастаатылар.
Хаар чигди буолан ыраастыырга кэккэ ыарахаттардаах. Бары күүскэ үлэлээн оҕолорбут оонньуур сирдэрэ ып-ыраас гына ыраастанна. Сылаас күҥҥэ дьону кытта бииргэ сылдьан үлэлиир көхтөөх бэһиэлэй буолар. “Ипподром” түөлбэ сэргэх дьонноох буолан үлэ тэтимнээхтик барар.
Өрөбүл күҥҥэ сибиэһэй салгыҥҥа көхтөөхтүк үлэлээбит, барыга-бары бииргэ тутуһан сылдьар түөлбэ олохтоохторугар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Мантан саас биһигини аны да элбэх субуотунньуктар, үлэлэр күүтэллэр. Маны этэн туран, Оҕо былаһаакката толору ситэри оҥоһуллан, үчүгэйкээн оҕо таптаан мустар сирэ буоларын ситиһиэхтээхпит. Бары түмсэн биир санаалаах үлэлээтэхпитинэ, ситиэҕэ, табыллыаҕа.
Бастакы сааскы субуотунньукка көхтөөхтүк кыттыбыт дьоммутугар өссө төгүл махтанабыт, киэн тутта астынабыт, үөрэбит. Бука бары көхтөөх буоларгытыгар актив эрэнэр, ыҥырар.
Татьяна Осипова, “Ипподром” түөлбэ салайааччыта