Былыр-былыргыттан саха киһитэ сүөһү иитиитинэн дьарыктаммыт омук. Инньэ гынан, сүрүн аспыт барыта бэйэбититтэн буолара. Сарсыарда аайы ийэҥ күөрчэх ытыйар тыаһыттан уһуктан, тото-хана килиэби кытта мотуйан баран, оскуолаҕар барарыҥ. Оччолорго, оскуола оҕото үксүн кэриэтэ хотоҥҥо сылдьан дьонугар илии-атах буола улаатан, хара үлэҕэ сыстаҕас, бүгүрү буоларбыт.
Бастакы Хомустаах нэһилиэгэр хойукка диэри сүөһүлэрин эспэккэ тутан олорбут Соловьевтар дьиэ кэргэн буолаллар. Уоллара Федот ынах-сүөһү ииттэн 2022 сыл түмүгүнэн оттоһуҥҥа былаанын 374 % толорон “Сыл бастыҥа” ааты ылар чиэскэ тиксибитэ.
-Федот, эн бу эдэр киһи, хайдах бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, сүөһү көрүүтүнэн дьарыктаммыккыный?
— Аҕалаах ийэм, тыа дьонун быһыытынан, бэйэбин өйдүөхпүттэн, чааһынайдарыгар сүөһү иитиитинэн дьарыктаммыттара. Онон оҕо эрдэхпиттэн хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи кытта ыкса алтыһан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри бэриниилээхтик үлэлиибин. 2012 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн, армияттан кэлэн баран, 2013 с. бааһынай хаһаайыстыба буолбутум. Аҕам ыарахан үлэттэн чаҕыйбат буолууга, соругу тиһэҕэр тириэрдэргэ, хаачыстыбалаахтык үлэлииргэ такайан, иитэн таһаарбыт үөрэҕэ билигин миэхэ эргийэн, үлэлиирбэр төһүү күүс буолар. Ол гынан баран, бастаан саҕалыырбар ыарахан этэ, таайым Иннокентий Колесов уола Ильялыын күүс-көмө буолбуттара. Ийэм бииргэ төрөөбүт бырааттара, чуолаан, Данил Соловьев уонна аймахтарбыт көмөлөспүттэрэ.
— Билигин төбөтүнэн аахтахха хас сүөһүлээххиний?
— 70 төбөлөөхпүн, мин санаабар, бу аҕыйах, сүүһүнэн ахсааннааҕы тутуохха наада. Сүөһүм ахсаанын элбэтэр курдук, аллараа сирбэр улахан хотон туттар баҕалаахпын. Ыанарынан билигин 10-тан тахса ынах баар, ньирэйдэр төлөһүйэ улааталларыгар, эттэрин-сииннэрин туталларыгар хааччаҕа суох эмтэрэбин. Былырыыҥҥы ньирэйдэрбин, кыһын устата көтөхтөөрү гыммыт 1-2 борооскуну хотон иһигэр ыытан биэрэбин, талбытынан аһаан, хааман хамсанан, хааннарын эргиирэ түргэтээн, ыйааһыннарын түргэнник ылаллар, оччотугар төттөрү баайабын уонна атыны ыытан биэрэбин. Ынах кыһын тымныыга быдан элбэҕи аһыыр, саас буолла да аччатан кэбиһэр.
— Эбии өссө тугу иитэҕин?
— Дьоммун кытта 2017 сыллаахха саас Мархаттан сибиинньэ атыылаһан иитэ сылдьыбытым, 100 төбөҕө тириэрдибиппит. Бастаан саҕалыырбытыгар 1 атыыр уонна 4 тыһы сибиинньэ ииппиппит, төрүөхтэрэ олох үчүгэй буолан түргэнник тэнийбиттэрэ. Оҕолорун Уус-Алдантан тиийэ кэлэн атыылаһаллар этэ, онтон кэккэ биричиинэнэн 4 сыл иитэн баран эспиппит. Санаабар иитэргэ суххай соҕус буолуо диэн ылсыбытым, маны тэҥэ сүөһүлэрбин эмиэ тэҥҥэ тутан олорбуппут.
— Бэйэҕин кытта тэҥҥэ сылдьан үлэлэһэр көмөлөһөөччүлээххин дуо?
— Үөдэйтэн Алексеев Данил иккис сылын көмөлөһөр. Сүөһү көрүүтүгэр өрөбүл, бырааһынньык күнэ көрүллүбэт, ынах күн аайы аһыан, уулуон, сааҕа күрдьүллүөн, ыаныан наада. Арай, туох эмит докумуон эккирэтэрдээх эрэ буоллахпына барыахпын-кэлиэхпин сөп.
— Ынахтарыҥ сыл аайы төрүөх биэрэллэр?
— Атыыр оҕустаахпын эрээри, 10-тан тахса ынаҕым сүүс бырыһыан төрүөх биэрбэттэр, кытарыыллар. Субайдары күһүн туттабын, бааһынай хаһаайыстыбаттан, чааһынай дьонтон эбии ньирэй атыылаһабын. Сүөһүлэрин эһэр дьон баар буоллахтарына, кууһунан барыларын ыла сатыыбын. Саас уу кэлэн ааһыар диэри сүөһүлэрбин далга тутабын, ыыталаабаппын, субайдарым үөрүйэҕэ суох буолан ыһыллан хаалбытыннарын курдук үөрдүүбүн. Ыанар ынахтарбын сайынын “Илгэ Хотун” кооперативка туттарабын.
— Оттуур сиргит, ходуһаҕыт чааһа хайдаҕый?
— Сайын устата 300-тэн тахса туоннаны оттуубун, от үүнүүтүттэн эмиэ тутулуктаах, техника барыта баар. Арыыга оттуу поруомунан эрэ киирэҕин, иллэрээ сылга диэри поруом кыһалҕата буолар этэ. Былырыын Үөдэй хаһаайыстыбалара поруом атыылаһан абыраатылар. Ол иннинэ торуойдары, аппаанылары көрдөһөр ыарахаттардаах буолара. Өр кэтэһиилээх, сороҕор ардах да атахтаан, күһүн киирэн оттуу сылдьыбыттаахпыт.
— Оккутун арыыттан хайдах тиэйэн таһаараҕыт?
— Саамай эрэйдээҕэ поруомунан туоратыыта буолар уонна өрүс туруор диэри ол оппун сиэтэбин. Өрүс турда да, от тиэйэр кыһалҕата быһаарыллар, тыраахтарынан аҕалабыт.
— Эйиэхэ эбии ким көмөлөһөрүй?
— Саамай эрэнэр дьонум табаарыстарым, доҕотторум буоллаҕа. Саас хаар түһэриитигэр, ыам ыйыгар субайдарбын аттыырбар, бэчээттээһиҥҥэ, күһүн сүөһү көрдөөһүнэ, сайылыкка илдьээһин-аҕалааһын барытыгар уолаттарым көмө буолаллар. Онон, түгэнинэн туһанан, аймах дьоммор, уолаттарбар барыларыгар махталбын тириэрдиэм этэ. Ол курдук, утарыта бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөбүт уонна бэйэ-бэйэбититтэн үөрэнэбит.
— Атын туох дьарыктааххыный?
— Бириэмэ баар буоллаҕына, массыына оҥоробун, кырааскалыыбын. Билигин күн уһаан хотоммуттан бүттүм да, сөбүлүүр үлэбинэн дьарыктанан саҕалыам.
— Билиҥҥи туругунан хаһаайыстыбаҕар туох кыһалҕа баарый?
— Биир сытыы кыһалҕа хотон буолар, ити турар хотонум эргэ, уруккута кооперативтар хотонноро. Үрдэ иккитэ сууллан, өрөмүөн күүһүнэн эрэ тураахтыыр, билигин да кутталлаах хотоҥҥо сүөһүлэрим тураллар. Бэйэм үлэттэн чаҕыйбаппын, куттаммаппын. Киһи бу сиргэ үлэлээри, хамсанаары кэлэр буоллаҕа, ол барыта кыаллар, өскөтүн баҕа эрэ баар буоллаҕына.
— Дьиэ кэргэниҥ?
—Кэргэним Модуттан төрүттээх Александра Валентиновна, «Мичийээнэ” оҕо уһуйааныгар мед. үлэһит, икки кыыстаахпыт, улахаммыт 4-с кылаас, кырабыт ууйаан иитиллээччитэ.
Эдэр эрэ киһи барыта дьарыктаммат үлэтин Федот Ядреев бэйэтин күүстээх санаатынан, баҕатынан ылсан, оскуола кэнниттэн бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлии-хамныы сылдьара хайҕаллаах дьыала. Маннык үлэһит ыччаттарбытын күүскэ өйөөтөхпүтүнэ, кэнэҕэски ылсыан баҕарар ыччаттар, толлубакка хороҕор муостааҕы иитиэ эбиттэрэ буолуо диэн эрэнэбин.
Лена Корякина