Сайыҥҥы кэм — ыам кэмэ, кыралыын-улаханныын ынах ыыллар, үүт туттараллар эбэтэр арыы таптайаллар, сүөгэйдээн-күөрчэхтээн оймууллар.
Салбаҥ собуотугар эмиэ үлэ күөстүү оргуйар. 12 ыал үүт туттарар, күҥҥэ 478 киилэ үүт туттарыллан, 49 киилэ сүөгэй сүүрдүллэр.
Үүт туттарааччылар — оҕолор, сайыҥҥы өрөбүллэригэр дьонноругар, эбэлээх эһэлэригэр көмөлөһөн бөдүөннээх үүтү соһоллор.
5 саастаах Кэрэ Куо Мааны диэн ынаҕын олус таптыыр, хаһан кэлэрин күкүргэ олорон, кэтэһэн чоҕулуҥнуур.
Ынаҕа кэллэр эрэ ыыр аатыгар түһэр, ынаҕа кыыска сымнаҕас, туран биэрэр, эмиийэ да дьөллөккөйө, киһи эрэ ыах курдук.
Ийэтэ биэс ынаҕы ыар диэри, Кэрэ Куо иһитин аҥарынан ыыр.
Бу курдук үрүҥ илгэни дэлэтэргэ оҕолор көмөлөрө үгүс.
Татьяна Касьянова