Ыраастык олорорго кыһаллыахха

Нам улууһугар бөҕү-сыыһы тиэйиини “Эйгэ” ХЭТ толорор. Бастатан туран, үлэһиттэр тутуу тобоҕун, оту-маһы, тимири тиэйбэттэрин тэрилтэ толорооччу дириэктэрэ Алексей Сысолятин этэр.

Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата “Якутскэкосети”, “Эйгэ” тэрилтэни кытта бөҕү тиэйии туһунан мунньах оҥорбута. Инникитин өҥөнү оҥорооччулар хайдах быһыылаахтык үлэлииллэрин туһунан кэпсэтии барбыт. Ону тэҥэ, нэһилиэнньэ өттүттэн өйдөспөт быһыы-майгы тахсара этиллэр.

“Бөҕү быраҕар туочукаларга баар билиҥҥи улахан тимирдэри, онтон да атын бөхтөрү бүтэһик тиэйии буолуоҕа. Инникитин улахан бөх ТКО-ҕа (твердые коммунальные отходы) киирсибэтинэн сибээстээн, олохтоохтор сөпкө өйдөөн бырахпаккытыгар ыҥырабыт”, – диир Алексей Алексеевич.

Нам сэлиэнньэтиттэн бөх күн аайы тахсар. Холобура, сэлиэнньэттэн күн устата икки аҥаар массыына бөх тахсыахтаах эбит буоллаҕына, бүгүҥҥү күҥҥэ “Эйгэ” ХЭТ массыыналара 6 сырыы оҥороллор эбит. Ону ааһан, үлэһиттэр толору баахтартан бөхтөрү тиэйбиттэрин үрдүнэн, киэһэриэр диэри баахтар төттөрү туолаллара бэлиэтэнэр.

“Бөх-сыыс элбэх тахсар. Нам иһигэр 50-тэн тахса туочука баар. Биллэн турар, сааскы, күһүҥҥү кэмнэргэ суол өттүгэр кыһалҕалары көрсөбүт. Холобура, тиийиэхтээх сиргэр аара суолга харгыстары көрүстэххинэ балачча бириэмэни сүтэрэҕин”, – диэн быһаарар “Эйгэ” ХЭТ толорооччу дириэктэрэ Алексей Сысолятин.

Баахтарга алдьаныы-кээһинии, суол устун бөх ыһыллыыта тахсара өйдөнөр. Манна буруйдааҕы көрдүүр сатаммат. Ырыта, хостуу сатаатахха элбэх холобуру аҕалыахха сөп. Судургутук, бөҕү быраҕааччылар иһинэн-таһынан тамнаабакка ыраастык туттуохха-хаптыахха. Онуоха улуус депутата Кира Аммосова баахтар туолбуттарын, бөхтөр ыһыллыбыттарын туһунан сырдатан турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Намҥа 8 баах алдьаммыта биллэр. Сайын устата МАУ АРТ үлэһиттэрэ алдьаммыт баахтары көннөрүөхтэрэ.

Билиҥҥитэ улууска үс массыына бөҕү тиэйэр. Ол курдук, “Эйгэ” ХЭТ массыыналара күн өрүү-өрүү Үөдэйтэн саҕалаан Хатырыкка диэри сүүрэллэр. Бэлиэтээн эттэххэ, тэрилтэҕэ суоппардар тиийбэттэрэ үлэни атахтыыр эбит. Ол курдук, 70 тыһ. солк. хамнастаах суоппар үлэтигэр дьон өр буолбатын быһаарар уустук.

Нэһилиэнньэҕэ хайаатар да, өйдөтүү үлэтэ ыытыллыан наада. Холобура, улахан нэһилиэктэртэн 1 Хомустаахха бөҕү быраҕар туочука элбэҕин үрдүнэн, олохтоохтор бөх тиэйээччилэри утары көрсөннөр интэриэһэргиир ыйытыыларыгар хоруй ылаллар эбит. Ону тэҥэ, ыарахан үлэҕэ сылдьааччыларга Хатырык нэһилиэнньэтэ сиэрдээхтик сыһыаннаһара чопчуланар.

Харысхан Попов