Үтүө дьыала умнуллубат

Үөдэйгэ “Саха сирин выпускниктара” диэн  өрөспүүбүлүкэтээҕи общественнай хамсааһын  бөлөҕө субуотунньуктаан, күүс-көмө буолан кэлэн барбыта.

Маннык көмө-субуотунньук кэлбититтэн, бастатан туран, улууспут баһылыгар Юрий Иннокентьевич Слепцовка уонна нэһилиэкпит аҕа баһылыгар Иван Васильевич Гаврильевка олохтоохтор махтаналлар. Инники сылларга Үөдэй нэһилиэгэ сылын аайы халаан уутугар улаханнык эмсэҕэлиир буолан, уу аҕалбыт бөҕүн-сыыһын ыраастыырга, бэйэ күүһүнэн, олохтоох нэһилиэнньэ түмсүүтүнэн күүстээх субуотунньуктар ыытыллан ааспыттара. 2013 сыллаах улахан уу кэнниттэн Үөдэйтэн төрүттээх ыаллыы олорор 1-Хомустаах нэһилиэгин олохтоохторо улахан көмөнү оҥорбуттарын күн-бүгүҥҥэ дылы умнубаппыт. Ити курдук үтүө дьыаланы оҥоруу умнуллубат бэлиэ түгэнинэн буолар.

Ол курдук, саха сирин выпускниктарын түмсүүтэ 21 буолан нэһилиэнньэни ыраастаһыҥҥа көхтөөх кыттыыны ылан, Ядреева-Буллуку, Туора-Тиит, Набережная, Мира, Лесная уулуссалар улахан бөҕүн-сыыһын ыраастаан, урукку сылларга халаан уутугар эмсэҕэлээн көтүллүбүт дьиэлэр ордон хаалбыт улахан мастарын өрө тардан хомуйдулар. Маны таһынан, олохтоох библиотека ууттан эвакуациялаабыт фондаҕа баар 6 тыһыынча кэриҥэ кинигэлэрин библиотека дьиэтигэр таһан улахан көмөнү оҥордулар.

Олус көхтөөх, бэһиэлэй хамаанда, урукку эдэр саас эрчимнээх, күүрээннээх саастарын санаан күргүөмүнэн үлэлээн-хамсаан, быыһыгар ыллаан-туойан күннэрэ бүтэ охсубутун билбэккэ хааллылар.

Нэһилиэк дьаһалтата, спорт, култуура үлэһиттэрэ, нэһилиэк түөлбэлэрэ биир хамаанда буолан көмөҕө кэлбит бастыҥ ыалдьыттары сахалыы сиэринэн ис миининэн, алгыстаах алаадьынан, итии үүттээх чээйинэн күндүлээтилэр. “Ийэҕэ албан аат” музейга ыалдьыттаан, нэһилиэк историятын кытта ыкса билсэн аастылар.  Ону таһынан, “Тиһэх чуораан” тэрээһинигэр сылдьан оскуоланы бүтэрэр выпускниктарга баҕа санааларын тиэрдэн, олохторун суолугар ситиһиилэри баҕардылар. Көмөҕө кэлбит көхтөөх бөлөх баһылык Иван Васильевич Гаврильевка, нэһилиэк дьаһалтатыгар, оскуола коллективыгар, тырахтарыыс уолаттарга олус тэрээһиннээхтик көрсөн истиҥник, сылаастык көрсүбүттэригэр махтаннылар.

“Музейы олус интэриэһиргээтибит, өссө анаан-минээн көрө-истэ кэлиэх санаа киирдэ. Үөдэй дьоно үлэҕэ күүстээх, көхтөөх эбит уонна наһаа ыраас дэриэбинэ эбит” диэн олус истиҥник санааларын этэн үөрэн-көтөн бардылар.

Нэһилиэк олохтоохторун аатыттан “Саха сирин выпускниктара” общественнай хамсааһын бөлөҕөр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Инникитин да  сибээстэһэ туруохпут диэн үөдэйдэр эрэнэ, күүтэ хааллыбыт.

Екатерина Эверстова

 

Читайте дальше