Ытыктабыллаах бэчээт уонна сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Национальнай бэчээт күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Национальнай бэчээт күнэ –  2020 сылга олохтоммут саҥа бырааһынньык –өрөспүүбүлүкэбит норуоттарын култуураларын уонна тылларын чөл хаалларарга сүҥкэн суолталаах. Бу күн 1907 сыллаахха оччотооҕу кэм интеллигенциятын бас-көс киһитэ Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр көҕүлээһининэн «Саха дойдута» хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыта. Ол национальнай суруналыыстыка үөскүүрүгэр уонна литературабыт тыла сайдарыгар олук буолбута.

Бүгүн эрэгийиэн олохтоохторо төрөөбүт тылларынан хаһыаты, кинигэни, куйаар ситимин ааҕар, тэлэбиидэнньэни көрөр, араадьыйаны истэр кыахтаахтар. Билигин өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларынан сонуну киэҥник тарҕатар 208, ол иһигэр 32 электроннай, 92 бэчээттэнэн тахсар уонна 84 ситим сириэстибэтэ баар.

«Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын чөл хаалларыы уонна сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагырааманан Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар тылларынан «Илкэн.новости» сонуннар порталлара үлэлиир, улуустардааҕы таһаарыылар үлэһиттэрэ тутталларыгар «Тирэх тылдьыт» тиэрмин глоссарийа ырытыллан оҥоһулунна. Оҕолорго төрөөбүт тылларынан туспа контент баар буолла. Ол курдук, бэс ыйын 1 күнүттэн «Тооку» оҕо ханаала үлэлээтэ.

Суруналыыстар гражданин быһыытынан бигэ көрүүлэрэ, дириҥ билиилэрэ уонна дойду олоҕор истиҥ сыһыаннара баар чахчыны биллэрэргэ, дойдубут кэлэр кэскилин иһин туруулаһыыга кыайыыга итэҕэлбитин бөҕөргөтүүгэ төһүү буолар. Өрөспүүбүлүкэбит байыаннай корреспонденнара инники кирбииттэн Саха сирин буойуннара хайдах сулууспалыы сылдьалларын туһунан сырдаталлар, кинилэр хорсун быһыыларын уонна эр санааларын туһунан кэпсииллэр. Биһиги байыастарбытыгар кинигэни-хаһыаты тиксэрэ тураллар, уолаттарбыт төрөөбүт дойдуларын кытта бу ситимнэрэ санааларын бөҕөргөтөр, күүстэригэр күүһү эбэр.

Бу үтүө күн бэчээт бэтэрээннэригэр, суруналыыстарга, полиграфистарга  сыралаах үлэҕит, саҥа көлүөнэни иитэн таһааргаргыт иһин дириҥ махталбын биллэрэбин.

Эһиги сатабылгыт, идэҕитигэр бэриниигит, эппиэтинэскит инникитин даҕаны элбэх омуктаах Сахабыт сирин суруналыыстыката уонна бэчээтин дьыалата сайдарыгар туһуланыаҕа диэн эрэнэбин.

Күндү доҕоттор! Кэрэхсэбиллээх бырайыактаргыт олоххо киирэллэригэр, ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны уонна айымньылаах үлэни, эйэни уонна үтүөнү, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                             А.С. Николаев

Читайте дальше