Нам улууһугар Намнааҕы “Олимпик” спортивнай оскуола атырдьах ыйын 23 күнүгэр аһыллан үлэлээбитэ лоп-курдук 7 сыл буолла. Үөрэх тэрилтэтэ спортивнай оскуола буоларын быһыытынан, бастакы уочарат болҕомтотун маассабаска уурар. Хамаҕаттаҕа олохтонон үлэлиир “Олимпик” улаатан эрэр оҕолор бириэмэлэрин халтай ыыппакка күүстэрин бүтүннүү туһалаахха, наадалаахха ууралларыгар элбэх үөрэнээччини түмэр, хабар соруктаах. Санатан эттэххэ, “Олимпик” спортивнай оскуолаҕа Афанасий Назаров, Петр Попов директордаан ааспыттара.
“Олимпик” спортивнай оскуоланы саамай уустук кэмҥэ, 2020 сылларга Сунтаар улууһугар олимпийскай эрэллэр оскуолатыгар директоры бастакы солбуйааччынан үлэлээбит Юрий Балаганскай салайбыта. Ол курдук, 2020 сылтан Саха сиригэр пандемия биллэриллибитэ: үлэҕэ, үөрэххэ, спорка дьиэттэн куйаар нөҥүө (дистанционнай) үлэ, үөрэх саҕаламмыта. Маннык үөрэнэн күттүөннээх билиини иҥэриммэккин. Арай, дуобакка, саахымакка ыраах кытыы дэриэбинэ оҕолоро онлайн дьарыктаммыттара төттөрүтүн, тренер туһатыгар барбыт.
“Билигин да өйдүүбүн, балаҕан ыйын бастакы күнүгэр “Олимпик” спортивнай оскуолаҕа бары үлэһиттэр бастакы мунньахпытын ыыппыппытын. Ханна да үлэлээтэрбин, үлэбин сөбүлүүбүн, таптыыбын! Биир сиргэ тэпсэҥнээн олорон хаалбакка, инним диэки баран иһиэхпин баҕарабын.
Маҥнай директорынан ананарбар алта көрүҥ баара – чэпчэки атлетика, гиревой спорт, бокс, дуобат, саахымат уонна төрүт ох саанан ытыы”, – диир Юрий Балаганскай.
Директор бастакы сылыгар тэрилтэҕэ эбии тренер миэстэтин киллэрэн кикбоксинг көрүҥүн арыйбыттара. Онтон биир сылынан, өссө икки тренер миэстэтэ тахсарын ситиспиттэрэ. Билигин спортивнай оскуолаҕа кикбоксаҕа, боксаҕа иккилии тренер баар. Аны былырыын сэттис көрүҥүнэн футбол көрүҥэ баар буолбута.
Хас биирдии көрүҥү олоххо киллэрэргэ барыта ырытыллан быһаарылларын директор этэр. Ол курдук, 2020 сыллаахха нэһилиэнньэҕэ, төрөппүттэргэ “оскуолаҕа эбии ханнык көрүҥ баар буолуон баҕараҕыт” диэн ыйытык, куоластааһын буолбут. Остуол тенниһиттэн, тхэквондоттан, мас тардыһыыттан бастакы миэстэҕэ футбол тахсыбытын салайааччы саныыр.
Оҕо үтүө түмүгү ситиһэригэр элбэх күрэхтэһиигэ кыттан уопутурарыттан тутулуктаах. Биллэн турар, барыыга-кэлиигэ үп-харчы ирдэнэр. Күрэхтэһиилэринэн сылдьалларыгар уустуктары “бу быһыыттан-майгыттан хайдах тахсабыт, маны хайдах көннөрөбүт” диэн салайааччы киһи төбөтүн арахсыбат толкуй кууспут. Уустук соругу көннөрөр туһуттан, улуус баһылыгар сөптөөхтүк быһааран, кэпсээн баһылык өйөбүлүн ылбыт: “Развитие детского спорта” муниципальнай программа үлэлээн саҕалаабыт. Онтон ыла харчы көрүллэр, барыы-кэлии кэҥиир.
Көрүҥнэртэн дуобаты ылан көрдөххө, улуус дуобатыттан саҕалаан сотору-сотору күрэхтэһииттэн күрэхтэһиигэ айанныыллар. Бу туһата – Россияҕа миэстэлэһии. Быйыл эмиэ былаан киэҥ.
Ити курдук, 2020 сыллаахха 243 оҕолоох оскуола күрэстэһиини бэйэтин иһиттэн саҕалаан таһымнаах күрэхтэһиилэргэ тиийэ таһаарар. Үлэ тиһигэ үчүгэйдик барарын ахсаан кэрэһэлиир – бүгүҥҥү күҥҥэ 402 иитиллээччи. Уһуйааччы эбээһинэһэ – сорудах чопчу этилиннэ, күүһүн ону толорорго ууруу. Саамай сүрүнэ, бэйэлэригэр кыаллыбат соруктары туруорбаттарын Юрий Сергеевич бигэргэтэр.
Сүрүн үөрэх биэрэр билии дьиэтигэр, эбии үөрэхтээһин оскуолаларыгар араас олохтоох, иитиилээх оҕолор үөрэнэллэрэ кистэл буолбатах. Көнөтүнэн эттэххэ, бэрээдэгэ суох, идэ талалларыгар муммут, саараабыт оҕолору төһөлөөх элбэх уһуйааччы – тренер, педагог сөптөөх суолунан ыыппыта буолуой.
Буолаары буолан, өйө-санаата уларыйан эрэр оҕолору кытта үлэлэһэр наһаа чэпчэкитэ суоҕун Юрий Балаганскай чопчулуур. Ити курдук, ыарахан майгылаахтары көннөрөр чараас үлэ – уһуйааччы идэтэ.
Күүстээх үлэһиттээх коллективка түбэһии, ол салайааччы дьоло, табыллыыта. Тренердэрим үксүлэрэ бэйэбин үөрэппит дьон. Холобура, Черноградскай Дмитрий Валентинович оскуолаҕа үөрэнэр сылларбыттан учуутал. Оттон Касьянов Айсен Александрович Оҕо спортивнай оскуолатыгар тустуунан дьарыктанар эрдэхпинэ, саахыматка тренер этэ. Өссө миигин дьарыктаабыт буолуохтаах.
Биһиги коллективка футбол көрүҥүн тренерэ эдэр Валерхан Охлопков киирбитэ сыл эрэ буолла. Кини номнуо бэйэтин көрдөрөн, баарын биллэрэн эрэр. Ол курдук, республикаҕа хайдах оонньуулларын, оҕолорун кытта хайдах сибээс тутарын көрбүтүм. Иитиллээччилэр номнуо тренердэрин тылын истэллэр, өйдүүллэр. Холобура, уулуссаны мээрэйдээбит оҕоҥ саалаҕа кэллэҕинэ, тренер кини төбөтүн көннөрөн, сөптөөх хайысхаҕа туруор. Дьарык саҕаланнаҕа ол.
Быйыл “Спортивные якутяне” Саха сирин үөрэнээччилэрин спартакиадалара ыытыллыбыта. Ил Дархан уурааҕынан оҕолор спартакиадалара аны хас сыл аайы ыытыллар буолуохтааҕын директор этэр.
Таһымнаах спартакиадаҕа “Олимпик” спортивнай оскуола алта көрүҥтэн биэс көрүҥҥэ кыттыбытын үрдүнэн, ситиһиилээхтик күрэхтэспитэ. Кикбоксаҕа бастакы, боксаҕа үһүс, дуобакка үһүс, саахымакка, футболга алтыс. Нам улууһун олохтооҕо толкуйдаабыта, санаабыта дуо?! Аны хаһан кикбоксаҕа, боксаҕа бастыҥнар кэккэлэригэр киириэхпитий диэн… Тус бэйэм директор санаатыгар кыттыһабын – үтүө түмүк. Бу буолар Нам оҕолорун ситиһиилэрэ! Бу буолар Нам инникитэ!
Спортивные якутяне” кыттаммыт туохха мөлтөһүөрбүтүн биллибит. Аны ханнык көрүҥнэри (остуол тенниһэ, классическай ох саанан ытыы) ылсан эбиэххэ наадатын уонна ол көрүҥнэр баар буолалларын ситиһии үлэтин саҕалыыр сыал-сорук турар.
Саамай боксаттан үөрбүтүм. 11 ыйааһынтан аҕыһыгар финалга тахсыы иһин көрсүһүүлээх этибит. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ лидердэрин кытта тэҥҥэ киирсэр таһымҥа тахсыбыттар эбит. Эчи, грамотнайдык охсоллоруттан астыммытым. Балтараа сыл анараа өттүгэр, бу боксаласпыттарбыт түөрт муннуктаах рингэҕэ боксалаабакка бэһис муннугу көрдүү сылдьыбыттара. Итиччэлээҕи көрбүт киһи тренердэргэ сөбүлээбэтэхпин аһаҕастык эппитим. Тренердэр онно кыһамматахтара. Дьарык, үлэ сөптөөх сүнньүнэн баран иһэрин быктара уонна дакаастаһа барбатахтарын быйыл көрдүм.
Маны таһынан, 2024 сылга Саха сиригэр “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулар буолуоҕа. Спортивнай оонньууларга кыттар иһин сүүмэрдиир күрэхтэһиигэ “Олимпик” 23 иитиллээччитэ Уһук Илин боксалаһан 22 мэтээллээх кэлбитин өссө төгүл санатабыт. Билигин Намтан Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар 8 оҕо киирэн турар.
Таһымнаах күрэхтэһиигэ биир эмэ оҕо миэстэлэһэн ааны арыйдаҕына, ол көрүҥҥэ үгүс призер элбиир, миэстэлэһиилэрэ биллэ тахсар. Үчүгэй оонньуулаах, ситиһиилээх оҕо аатын чорботон ыһа-тоҕо кэпсиир төрүт наадата суох. Бэйэтэ аатын-суолун, кыайыытын уйар буоллаҕына, барыта кэмигэр толору ситтэҕинэ, ааттар иһиллиэхтэрэ, биллиэхтэрэ.
Хамаҕаттаҕа саҥа оскуола арыллан иитиллээччилэрбит дьарыктара өссө күүһүрдэ. Оскуола директора спортивнай хайысханы талан, сайын устата бары көрүҥмүтүнэн саҥа оскуолаҕа баазаланан лааҕырдары үлэлэтэммит үөрэ сылдьабыт.
Биир-биэс тыла суох оҕолорбунан уонна тренердэрбинэн киэн туттабын! Тренердэрим уоттаах харахтарын көрөн, кыахпытыгар эрэнэбин, күүс-уох, эрчим ылабын.
Харысхан Попов