Бүгүн М.К. Аммосов аатынан култуура Дыбарыаһыгар Нам улууһун «Туллук хаара» ырыа айааччыларын түмсүүтэ тэриллибитэ 45 сылыгар анаммыт үөрүүлээх тэрээһин П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлин экспозиция саалатыгар быыстапканы арыйыыттан саҕаланна. Мустубут дьон улууспут мелодистара бу кэм устата айбыт үлэлэрин сырдатар баай-талым матырыйаалын кэрэхсии көрдүлэр.
Ол кэнниттэн ырыа айааччылар, Дьокуускай куораттан кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттар, ырыаны сэргиир дьон үбүлүөйдээх тэрээһин чэрчитинэн ыытыллар «Саха ырыата уонна сахалыы ырыа» төгүрүк остуолга муһуннулар. Музыковед, искусствоведение кандидата, доцент, СӨ композитордарын эппиэттээх сэкиритээрэ, М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж преподавателэ, СӨ култууратын туйгуна Чаянда Скрыбыкина «Саха ырыата уонна сахалыы ырыа уратылара: Валерий Ноев ырыаларын ладовай оруна» бэрт интэриэһинэй тиэмэни сырдатта. Билигин Нам улууһун ырыа айааччыларын «Туллук хаара» түмсүүнү СӨ култууратын туйгуна, Нам улууһун, Ленскэй, Хатыҥ-Арыы нэһилиэктэрин Ытык киһитэ, РФ суруналыыстарын, СӨ ырыа айааччыларын сойуустарын чилиэнэ Андрей Замятин салайар.
Төгүрүк остуолга мустубуттар иһитиннэриилэр кэнниттэн саха ырыатын, саха муусукатын билиҥҥи туругар, инники сайдыытыгар санаа атастастылар. Инникитин саҥа сүүрээнинэн дууһаны, сүрэҕи долгутар ырыалары өссө да бэлэхтии туруохтара.
Оттон киэһэ 17:00 ч. улууспут ырыа айааччылара, биллэр ырыаһыттара, «Дьүөгэлэр» норуот ансаамбыла, «Намылы» трио, «Ил Куо», «Махсыым уолаттара», «Ай-ыллаа», «Алгыстаана» ырыа ансаамбыллара уонна үҥкүү кэллэктииптэрэ кыттыылаах улахан кэнсиэр күүтэр. Улууспут олохтоохторо кэрэ түгэни мүччү туппакка, астына-дуоһуйа сынньаныҥ.
Касьян Олесов-Олук