Партизан нэһилиэгин «Хомус» фольклор дьиэтигэр Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо сылларынан сэрии, тыыл, үлэ, сыана бэтэрээннэрэ Күүстээх Ньукулай, Тойуктаах Настаа талааннарын үйэтитэр кэнсиэри дуоһуйа көрдүбүт. Сэргэх кэнсиэргэ оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, кийииттэрэ, күтүөттэрэ кыттыыны ыллылар.
Нэһилиэкпит Аҕа баһылыга Алексей Зырянов эҕэрдэ тылын этэн туран, наҕараада туттарда. Улуус мунньаҕын депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Винокуров Күүстээх Ньукулай, Тойуктаах Настаа урукку сыаҥкаларын ахтан-санаан ааста, эҕэрдэ тылын бар дьонугар анаата уонна наҕараада туттарда.
Нэһилиэкпит дьоно, ыалдьыттара кэнсиэри астына-дуоһуйа көрдүлэр, уруккуну санаан-ахтан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Полина Скрябина