Нам сэлиэнньэтин олохтоохторо баанньык хаһан үлэлиирин сураһаллар. Ол ыйыталлара оруннаах. Күһүн сибикитэ биллэн, ардахтаах силбик күннэр үүннүлэр. Үөрэхпит дьыла да саҕаланара чугаһаата.
Биһиги Намнааҕы киин баанньык хаһан үлэлиирин ыйыттыбыт да, чопчу хаһан арылларын эппэтилэр. Кэлэр нэдиэлэҕэ билсээриҥ диэтилэр. НПК (педколледж) баанньыга эмиэ үлэлии илигин эттилэр. Чугастааҕы нэһилиэктэртэн Аппааны баанньыга эмиэ үлэлии илигин биллибит.
1 Хомустаах баанньыга
Арай, 1 Хомустаах баанньыга үлэлии турар эбит. Субуотаҕа кэрэ аҥаардар, бүгүн, баскыһыанньаҕа, эр дьон суунар күннэрэ диэн олохтоохтор иһитиннэрдилэр. 1 Хомустаах баанньыгын өҥөтө 200 солк.
Лена Ноговицына