Бартыһааҥҥа олох тыынын тула кэпсэтии тэрилиннэ

Бэҕэһээ олус сонун сахалыы тыын биһиги нэһилиэккэ киирдэ.  Сэһэнньит Александр Протодьяконов эмиэ да билэрбитин, эмиэ да олох  аахайбатахпытын  кэпсээн ааста.

«Олох-тыына» диэн духуобунай эйгэбитин  чинчийэр-сырдатар бырайыак. Бу бырайыак  духуобунай эйгэбит туругун, кыһалҕаларын өйдүүргэ-билэргэ, сахалыы тыыммытын уһугуннарарга,  духуобунай эйгэбит кыһалҕаларын быһаарарга көмөлөһөр сыаллаах-соруктаах бырайыак.

Олох суола диэн билиҥҥи олоххо хайдах табыгастаахтык, дьоллоохтук олоруохпутун  духуобунай эйгэбит» ол эбэтэр, өйбүт-санаабыт,  сиэрбит-майгыбыт, бэйэ-бэйэбитигэр  сыһыаммыт  туһунан кэпсэттибит.

Духуобунай эйгэбитин хайдах сайыннарыахпытын сөбүн туһунан саҥа санааларбытын-көрүүлэрбитин үллэһиннибит,  санаа атастастыбыт.

Сэһэнньит Александр Протодьяконов  билиҥҥи кэмҥэ табыгастаах араас ньымалары кэпсээтэ. Түмүгэр,  духуобунай  эйгэбитин  сайыннарар  тосхоллору  кэпсэттибит.

Сарсыарда 10  чаастан  киэһэ  19:00  диэри  бириэмэбит  да тиийбэтэ  дии  санаатыбыт.

Биэс  тэрилтэҕэ  үлэһиттэргэ,  нэһилиэнньэҕэ  аахта,   санаабытын иһиттэ.

 

П. Скрябина

 

Читайте дальше