Ахсынньы 7-9 күннэригэр кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарыгар Е.М. Ларионов аатынан Салбаҥ орто оскуолатын английскай тыл учуутала, кылаас салайааччыта Дмитрий Григорьевич Местников кыттан кэллэ.
Дмитрий Григорьевич, «Мастер слова» анал ааты ылбыккынан эҕэрдэлиибин. Куонкурус туһунан сырдата түһэргэр.
Куонкуруспут 4 түһүмэхтээх: бэйэни билиһиннэрии, «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» кылаас чааһа, маастар-кылаас, ыйытыыларга хоруй. Дьүүллүүр сүбэ састааба күүстээх, бэйэлэрэ психологтар, кэпсиэхтээх тиэмэҕин курдары көрөн олороллор, бэлэм шаблонунан дуу, сценарийынан дуу буолбакка, педагог быһыытынан маастарыстыбаҕын, төһө дириҥҥин, дьиҥ бэйэҕин ыйааһын бэскитигэр уура олороллор. Үлэҥ тас өттүн (шоу, подача) көрбөттөр, ис өттүн, тутулун кичэйэн көрөллөр. Биир күдьүһү (однообразиены) сэргээбэттэр, холобура, кылаас чааскар туттубут ньымаҕын маастар-кылааска туттубаккын. Бэйэҕин араас өттүттэн көрдөрөрү сэҥээрэллэр. Кыттааччылар, сүнньүнэн, иитии өттүгэр бэйэлэрин предметнэй уобаластарыгар чугас тиэмэлэри талаллар эбит, холобура, муусука учуутала — муусуканы, география учуутала — географияны. Онон, дьүүллүүр сүбэҕэ кылаас чааһы көрдөрөр, маастар-кылааһы ыытар — бэйэтэ туспа туругу эрэйэр.
Кыттааччылар бары олус талааннаахтар: ырыаһыттара, хоһоонньуттара, артыыстара. Үлэлэригэр биографическай матырыйаалы — бэйэлэрин улуустарын, нэһилиэктэрин тумус туттар дьонун — олохтоох компонент быһыытынан киллэрэллэр.
Маннык профессиональнай куонкуруска кыттан киһи элбэҕи билэр, үөрэнэр. Конкурсаннар бэйэ-бэйэбитин кытта билистибит, уопуппутун атастастыбыт, күөн көрсө буолбакка, бары биир буолан хааллыбыт.
Татьяна Касьянова