Нам улууһугар барыта 26 оскуола, 29 оҕо уһуйааннара, 5 эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ үлэлииллэр. Улуус үрдүнэн тэриллибит межведомственнай хамыыһыйа атырдьах ыйын 1 күнүттэн 15 күнүгэр диэри үлэлээн, үөрэх бары тэрилтэлэрин бэлэмнэрин көрдө-иһиттэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ бары үөрэх тэрилтэлэрэ саҥа үөрэх дьылыгар үөрэхтээһини тэрийэргэ бэлэмнэр.
Бүтүн Арассыыйатааҕы федеральнай «Модернизация систем школьного образования» программанан М.К. Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатыгар капитальнай өрөмүөн ыытылынна. Былырыын ити программанан И.С. Гаврильев аатынан Нам 1 №-дээх орто оскуолатыгар уонна Н.С. Охлопков аатынан Нам улуустааҕы гимназиятыгар ыытыллыбыта. Ону тэҥэ улууспут дьаһалтата үп-харчы көрөн, кэккэ үөрэх тэрилтэлэригэр тутуулар, өрөмүөннэр эмиэ ыытылыннылар.
Быйылгы үөрэх дьылыгар улууспут үрдүнэн барыта 4420 үөрэнээччилээхпит, ол иһигэр аан маҥнай оскуола боруогун 365 оҕо атыллаан, 1 кылааска үөрэнэ киириэхтэрэ, үөрэх-билии киэҥ аартыгын арыйыахтара. Улууспутугар быйыл үрдук үөрэх кыһатын саҥа бүтэрбит 8 эдэр учуутал үлэлии кэллэ.
Улууспут бары оскуолалара учебниктарынан 100% хааччыллан олороллор. Хас биирдии үөрэх тэрилтэлэригэр иитии-үөрэтии чааһыгар анал тэрээһиннээх, былааннаммыт үлэлэр бара тураллар. Быйылгыттан оҕону үлэҕэ сыһыаран үөрэтии бырайыагын чэрчитинэн технология уруоктарыгар, үөрэх таһынан эбии үөрэхтээһиҥҥэ, волонтерскай хамсааһыннарга, агро хайысхалаах оскуолалар үлэлэрин нөҥүө ыытыллара былааннанар. Быйылгы үөрэх дьылыттан 10 уонна 11 кылаас үөрэнээччилэригэр ОБЖ уруоктарыгар, кибербезопасноска үөрэхтээһини тэрийии буолуоҕа.