Буойун дойдутуттан күүс ыла кэллэ

Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо Евгений Мохначевскай сынньалаҥар кэлэ сылдьар. Евгений Вячеславович биир дойдулаахтарын кытта мобилизация кэмигэр байыаннай дьайыы буола турар сиригэр аттаммыта.

Ленскэй нэһилиэк олохтооҕо билигин 64-с мотострелковай биригээдэ разведкалыыр батальон 1 ротатын разведчик-снайпера. Өстөөҕү чуҥнуурга (разведка) Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи уонна Нам улуустарыттан бэһиэлэрин, кыайыы кэлиэр диэри туруулаһар бойобуой санаалааҕын этэр.

Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников сынньалаҥҥа кэлбит саллааттары дьаһалтаҕа ыалдьыттатар, көрсөн кэпсэтэр үгэстээх. Баһылыктан өрө көтөҕүллүүнү, харысхал ылбыт саллааттар аҕа табаарыстарыгар санааларын аһаҕастык этэллэр.

“Ийэлээх аҕабар соҕотох оҕобун. Бэйэм кыыс оҕолоохпун. Олохтоох дьаһалтаҕа, улуустааҕы спорт управлениетыгар үлэлээбит киһи буоламмын, хайа баҕарар балаһыанньаҕа чугас дьоммор көмөлөһөллөрүгэр сүүс бырыһыан эрэллээхпин.

Сэлиэнньэбит баһылыга Петр Григорьевич байыаннай дьайыыга барыахпыттан куруук сибээһин тутар. Кини быһаччы уонна чопчу туох көмөҕө наадыйарбытын, хайдах сылдьарбытын суруйан туоһулаһар. Кэпсэтиигэ аһаҕас баһылык саллааттары барыларын кытта билсэр”, – диэн кэпсиир Вячеслав Мохначевскай.

Харысхан Попов