Быыбар үлэтэ улахан эппиэтинэһи эрэйэр

Таисия Николаевна быыбар хамыыһыйатыгар Савва Петрович Корякин баһылыктыырын саҕаттан өр сыл үлэлээбит.

Ону Киин быыбардыыр хамыыһыйаттан Москва куораттан улахан суолталаах Бочуотунай грамота ылбыта туоһулуур.

Салбаҥнааҕы УИК-ка 5 эбэтэр 6 киһи буолан үлэлиир эбиттэр: Т. Н. Аргунова, Г. Р. Николаева, З. А. Голикова, А. В. Павлова, И. А. Посельскай уонна Таисия Николаевна. Бииргэ үлэлээбит кыргыттара бары да суруксут, буочардара барыларын киэнэ үчүгэйэ, грамотнайдара, түргэн-тарҕан туттуулаахтара, оттон Иннокентий уһаныы өттүгэр саамай наадалаах киһи, суоппар, бары сэргэх хамыыһыйа буолан үлэлээбиттэр. Өр сыл үлэлээбиттэрин тухары биирдэ да алҕаһы, сокуону кэһиини таһаарбатахтар.

Үксүгэр Тамара Николаевна председателинэн үлэлээбит. Кини сүрдээх ирдэбиллээх, сокуону тутуһан үлэлииллэрин, сокуону ааҕалларын олох ирдиир эбит.
Быыбарга үлэлиир кэмнэригэр нэһилиэк дьоно нэһилиэк баһылыгын талыыга 96% быыбардаабыт, бу саамай улахан көрдөрүү буолар.

Быыбар кэмигэр көрдөөх түгэннэр эмиэ тахсаллар эбит, ол курдук, биирдэ маннык буолбут. Сарсын быыбар буолар күнэ. Кулуупка хос иһигэр испииһэктэринэн үлэлии олорбуттар. Анастасия Васильевна көрүдүөргэ тахсан, быыбар муннугун көрө турдаҕына, армян курдук 3 омук дьоно кэлбиттэр. Онуоха Анастасия хараҕын төп- төгүрүгүнэн көрөн, хоско көтөн түспүт уонна: «Даа, омуктар кэллилэр, хайдах гынабыт?»- диэбит.

Таисия Николаевна «уой» диэн ыксаабыт, «испииһэккэ хайдах киллэрэбитий» диэн санаабыт, Намҥа быыбардарга эрийэн ыйытыахха дии олордоҕуна — омуктара бу киирэн кэлбиттэр. Онтуойдара баара — олох да бэйэлэрин оҕолоро эбиттэр, уолаттар улахан бөҕөлөр, бытык бөҕөлөр, кырдьык даҕаны, омуктар курдуктар эбит. Онтон биир киһи хас быыбар аайы (үксүн улахан быыбардарга) быыбар бүтүө 2-3 мүнүүтэ хаалбытын кэннэ быыбардыы киирэн кэлэр идэлээх эбит.

Таисия Николаевна быыбар үлэтэ наһаа эппиэтинэстээҕин, сыыһа-халты туттуу олох суох буолуохтааҕын бэлиэтээн туран, быыбар этэҥҥэ ааһарыгар эрэнэрин этэр.

Татьяна Касьянова, Салбаӈ

Читайте дальше