Бэс ыйын 12 күнүгэр Россия күнүгэр анаан Граф Биэрэгин «Самородок» культура дьиэтэ, дириэктэр Анна Охлопкова, хаартыска күрэҕин тэрийэн ыытта.
Күрэх сыала: биир сомоҕо күүс буоларбытын көрдөрөр, бэйэлэрин национальнай көстүүмнэрин кэтэн түспүт хаартыскалары ыытыы. Дьиэ кэргэн культуратын, ис туругун, духуобунаһын көрдөрүү.
Уопсайа күрэххэ 25 үлэ киирдэ, ол курдук: «Ивушка» вокальнай ансаамбыл, «Ситии» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ, «Албан» олоҥхоһуттар түмсүүлэрэ, «Сыдьаайа» үҥкүү бөлөҕө, Граф Биэрэгиттэн Егор, Тамара Колесовтар, Ираида Баишева, Яков Олесов, Аппааныттан Василий, Татьяна Алексеевтар, Сахаяна Петухова дьиэ кэргэттэрэ кытыннылар. Аппааныттан Александра Алексеева, Анна Габышева, Варвара Слепцова, Виктория Слепцова, Граф Биэрэгиттэн Роза Павлова, Анна Сыромятникова, Аксинья Константинова, Марфа Сыроватская, Татьяна Карамзина, Любовь Сосина, оҕолор Василиса Бетюнская, Петя Бережнев, Кыьыл Дэриэбинэттэн Айыллаана уонна Вова Уваровскайдар. Хаартыска күрэҕэр араас омуктар: саха, нуучча, молдован, хакас, татар, казах, чуваш, эвенки, чукча бэйэлэрин национальнай көстүүмнэрин көрдөрдүлэр.
Муҥутуур кыайылаахтарынан Егор, Тамара Колесовтар буоллулар уонна сыаналаах бириһиинэн наҕараадаланнылар.
Надежда Сивцева