Хаалыктаах хаамыы — туһалаах дьарык

Бүгүн Дьокуускайга «Олоххо 10 000 хардыы» диэн дойду үрдүнэн хаалыктаах хаамыы акцията буолан ааста. Манна Наммыт улууһуттан Ленскэй нэһилиэктэн «Хардыы» скандинавскай бөлөх, Үөдэй нэһилиэгиттэн Сардана Яковлева уонна Аппааны нэһилиэгиттэн «Тэтим » бөлөх кыттыыны ыллылар.

Наммыт улууһун хотугу хаалыктаах хаамыы Федерациятын председателэ Дмитрий Елисеев хаама кэлбит дьоҥҥо намнар ааттарыттан оонньуу ыытан, кыайыылаахха салгынынан үлэлиир наушник туттарда. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Хотугу хаамыы председателэ Матвей Лыткин кэлбит дьоҥҥо маастар кылаас көрдөрдө, хаамыы туһалааҕын эттэ.

Хаалыктаах хаамыы дьоҥҥо барытыгар (сааһыттан тутулуга суох) туһалаах дьарык буолар. Ыраас салгыҥҥа хаамыы туох буортулаах буолуой?! Оттон сөпкө туттан-хаптан, хамсанан-имсэнэн хаамыы доруобуйаҕа өссө ордук туһалаах.

Биһиги 15-20 мүнүүтэ да дьарыктанар буоллахпытына, сөпкө хамсана-имсэнэ сатыахтаахпыт. Үгүс киһи наһаа кэтэмэҕэйдиир. “Хаалыктаах хаамыы тиэхиньикэтин үчүгэйдик билбэппин” диэн куоһурданан хаампакка сылдьааччы олус элбэх. Хаалыгы тутаат да, хаампытынан барыахха сөп. Саамай сүрүнэ – хаалыгынан анньынаргар илииҥ, тоҥолоҕуҥ көнөн иһиэхтээх. Итинник гымматаххына, дьарык туһата кыра.

Киһи сиһэ 29 тоноҕостоох, олор бары үлэлиэхтээхтэр. Сис былчыҥнара, ньиэрбэлэрэ сөпкө хамсаныыттан уһукталлар, тымырдарынан, хорук тымырдарынан хаан хачайданара, эргийэрэ күүһүрэр. Хаалыктаах хааман иһэн анньынаргар тоноҕосторуҥ эргичиҥнэһэллэр, ол аата сөпкө үлэлииллэр. Тоноҕос икки ардыгар баар ньиэрбэлэр үлэлэрэ эмиэ күүһүрэр. Ол дьайыыта сүрэххэр, эккэр-сииҥҥэр – барытыгар тарҕанар.
Түгэнинэн туһанан, саас кэлбитинэн өрөбүллэргэ доруобуйаны тупсарар хаалыктаах хаамыыны бука бары баһылыаҕыҥ диэн ыҥырабыт.

Лена Корякина