Кырачааннар харыйаларын уотун сандаартылар

Сахабыт сирин үрдүнэн 2010 сылтан тыйыс тымныы кыһыммытынан киэн туттар, саха норуота ыалдьытымсаҕын туоһулуур «Кыһын Саха Сириттэн саҕаланар» бэстибээл ыытыллар буолбута.

Бэстибээл чэрчитинэн, ахсынньы 1 күнүгэр үгэскэ кубулуйбут харыйа уматыыта элбэх дьону, оҕону түмэр. Бүгүн сарсыарда Хатыҥ Арыытааҕы «Хатыҥчаана» оҕо сайдар киинин иитиллээччилэрэ, төрөппүттэрэ оҕо саадтарын иннигэр дьэрэкээнник симэммит харыйабыт уотун үөрэ-көтө чаҕылыччы сандаартыбыт. Мантан ыла хас сарсыарда аайы бырааһынньыктааҕы сүргэни көтөҕөр чаҕылыйар уоттаах харыйалара көрсүөҕэ. Оскуолаҕа бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччилэрэ уһуйааннарыгар киирэн тутатына харыйаларын уруһуйдаан быыстапка истиэндэтигэр ыйаатылар.

Билигин өрөспүүбүлүкэбит хайа баҕарар олохтооҕуттан кыһын хантан саҕаланарый диэн ыйыттахха, бары «Саха сириттэн» диэн киэн тутта этэр буоллубут. Маннык үтүө санааны кыра оҕо эрдэхтэринэ саҕар тоҕоостоох. Оҕо кыра сааһыттан төрөөбүт дойдутун уратыларын, үгэстэрин билэ-көрө, истэ улааттаҕына төрөөбүт дойдутунан киэн тутта улаатыаҕа диэн эрэнэбит.

Варвара Аргунова, иитээччи