Ленскэй нэһилиэккэ Мүрү дьаһалтата уопут атастаһа кэлэ сырытта

Нам улууһун сиригэр-уотугар кулун тутар 29 күнүгэр Уус Алдан Мүрү нэһилиэгин уонна Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалталара көрсүбүттэрэ. Ыаллыы олорор сэлиэнньэлэри биир санаа сүрүннүүр – үлэ.

Нам сэлиэнньэтин баһылыга Петр Сокольников уонна Мүрү нэһилиэгин баһылыга Прокопий Румянцев инникитин биир санаалаах үлэлииргэ, санаа атастаһарга илии тутуспуттара этиллэр.

“Сэлиэнньэлэр, нэһилиэктэр хайдах быһыылаах үлэ ыытар тиһиктэринэн, нэһилиэнньэни хамсатар ситимнэринэн уратылаһаллар”, – диир баһылык Петр Сокольников.

Ол да иһин олохтоох дьаһалталар доҕордоһуу сыһыаны оччоттон-баччаҕа диэри олохтоон кэллэхтэрэ. Биир санааны, тылы булууттан киэҥ хардыылар, сайдыылар үөскээн тахсаллар.
Бу көрсүһүүгэ Мүрү олохтоох дьаһалтата Ленскэй нэһилиэккэ МАУ АРТ үлэтэ хайдах барарын туоһуласпыттар, интэриэһэргээбиттэр.

Дьаһалталар үлэ араас салааларыгар, хайысхаларыгар хайдах быһаарыныы ылыналларын, туоруулларын үллэстиэхтэрэ, бэйэ-бэйэлэригэр илиилэрин утары уунуохтара.

Харысхан Попов

Читайте дальше