Нам улууһа өрөспүүбүлүкэ эдэр атлеттарын түмтэ

Нам улууһугар Ньургун Тимофеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи Олимпийскай эрэл спорт оскуолата чэпчэки атлетикаҕа үөрэнээччилэргэ аһаҕас күрэхтэһии тэрийдэ.

Аан дойду дьахталларын күнэ буолуон иннинэ, Нам улууһугар кулун тутар 7 күнүгэр, таһымнаах күрэхтэһиигэ 200 кыттааччылаах 13 хамаанда кыттыыны ылбытын өрөспүүбүлүкэтээҕи Олимпийскай эрэл спорт оскуолатын методиһа Любомира Овчинникова этэр.

Ол курдук, Дьокуускай 1, 4 нүөмэрдээх спорт оскуолалара, Манчаары Баһылай аатынан “Модун” киин, Нерюнгри, Амма, Горнай, Өймөкөөн, Хаҥалас, Сунтаар, Кэбээйи, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Нам улуустара 2011-2014 сыллаах төрүөх спортсмен оҕолорун күрэхтэһиннэрбиттэр.

Ньургун Тимофеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи Олимпийскай эрэл оскуолатын иитиллээччилэрин ситиһиилэрэ:

2013-2014 сыллаах төрүөхтэргэ. 60 м сүүрүүгэ Охлопков Вова – 3-с миэстэ; 400 м сүүрүүгэ Попов Артём – 2-с миэстэ; уһуну ыстаныыга Охлопков Вова – 1 миэстэ.

Эстафетаҕа Нам улууһун хамаандата кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт.

2012-2011 сыллаах төрүөхтэргэ. 60 м уонна 200 м сүүрүүгэ Христофорова Ксюша кыһыл көмүс мэтээллэри ылары ситиспит. Уолаттарга Жирков Кирилл 200 м эмиэ кыһыл көмүс мэтээл кэтэн үтүө түмүгү көрдөрбүт.

Оттон эстафетаҕа Нам улууһун оҕолоро бочуоттаах 3-с миэстэҕэ тахсаллар.

“Оҕолорбут бүгүн үчүгэй көрдөрүүнү ситиспиттэринэн, тренердэр үлэлэрэ сыаналаммытынан эҕэрдэлиибит. Кэрэ куолары, Далбар Хотуттары кэлэн иһэр сааскы бырааһынньыгынан!” – диир Любомира Юрьевна.

Харысхан Попов

Читайте дальше