Нам улууһугар СӨ правительствота 2023 сыллааҕы үлэтин отчуоттуур

Нам улууһугар СӨ правительствотын 2023 сыллааҕы үлэтин отчуота олунньу 27 күнүттэн саҕаланна. Отчуот икки бөлөҕүнэн үлэлиир. Уһук Илин федеральнай уокурукка СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Ким Борисов салайааччылаах бөлөх бэҕэһээ Арбын, Көбөкөн, Фрунзе олохтоохторун кытта көрүстэ. Бу бөлөх эппиэттээҕинэн Нам улууһун баһылыгын э.т. Анатолий Павлов буолар.

Иккис бөлөҕү СӨ тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларын министрэ Гаврил Кириллин салайар. Бөлөх эппиэттээҕэ — Нам улууһун баһылыгын тыа хаһаайыстыбатыгар солбуйааччы Филипп Николаев. Кинилэр бэҕэһээ Кыһыл Дэриэбинэҕэ, Граф Биэрэгэр, Аппааныга отчуоттаатылар.

КЫҺЫЛ ДЭРИЭБИНЭ

Гаврил Витальевич Ил Дархан Ыйааҕынан 2024 с. Нам улууһугар кураторынан ананан нэһилиэнньэни кытта бастакы көрсүһүүтэ буолар.

Правительство үлэтин видеонан сырдатыы уонна кини иһитиннэриитин кэнниттэн ыйытыыларга, этиилэргэ киирии саҕаланна. Олохтоохтортон биэрэги бөҕөргөтүү дамбатыгар шлюз тутары, «Экосети» региональнай оператор бөх туочукаларын элбэтэрин, Нам-Кыһыл Дэриэбинэ икки ардыгар асфальт суолу өрөмүөннүүрү, автобус тохтобулун тутары, улуустааҕы киин балыыһаҕа кардиолог быраас хаһан үлэлиирин о.д.а. боппуруостары туруорустулар. Утары хоруйдары иһиттилэр, сүрүннэрэ боротокуолга киирдэ. Мунньахха 23 киһи кытынна. Олохтоохтор Правительство отчуотун биһирээтилэр.

ГРАФ БИЭРЭГЭ

Граф Биэрэгин олохтоохторо иккис бөлөх салайааччыта Гаврил Кириллин СӨ Правительствотын 2023 с. үлэтин отчуотун истэн баран кэпсэтиигэ киирдилэр.

Нам техникумун дириэктэрэ Ньургустан Жирков кэскиллээхтик үлэлииллэрин ахтан туран, ааспыт отчуокка курдук, саҥа корпус тутулларын, Затон оскуолатын дириэктэрэ Сергей Андреев кыра комплектаах оскуолалар учууталлара хамнастара кыратын этэн туран, ааҕыы ньыматын көрөн үрдэтэри, «Самородок» КДь дириэктэрэ Анна Охлопкова култуура дьиэтигэр капитальнай өрөмүөнү туруорустулар.

Олохтоохтор Аппааны-Граф Биэрэгэ икки ардынааҕы суол өрөмүөнүн ыытары, уу ылар сиригэр дьиэни туттууну, искусственнай ардах содулун, гаас счетчигын туруоруу тоҕо төлөбүрдэммитин о.д.а. ыйытыылары биэрдилэр. Онуоха эппиэттээх үлэһиттэр хоруйдары, быһаарыылары оҥордулар. Сүрүннэрэ боротокуолга киирдэ.

Мунньах кыттыылаахтара Правительство отчуотун биһирииллэрин биллэрдилэр. Түмүккэ Гаврил Витальевич мустубуттарга махтанна. Мунньахха 52 киһи сырытта.

АППААНЫ

Иккис бөлөх салайааччыта Гаврил Кириллин үһүс нэһилиэккэ, «Хатыҥ Арыы» МТ киинигэр, Аппааны олохтоохторун иннигэр СӨ Правительствота 2023 с. ыыппыт үлэтин иһитиннэрдэ. Ааспыт сыл отчуотугар 9 ыйытыы киирбититтэн иккитэ туолбутун, атыттарга үлэ барарын аҕынна.

Быйыл да аппаанылар «Озернай» кыбаарталга оскуола-сад тутулларын, дамбаны бөҕөргөтөрү, кыра оҕолорго «Пушкинскай карта» үлэлиирин, спортсаала эргэрбитинэн саҥа тутулларын, бөһүөлэк иһигэр Интернет үлэтин тупсарары, улуус иһинэн ааһар Нам-Дьокуускай трасса асфальт суола өрөмүөннэнэрин, 2026 с. И.Е. Винокуров 130 үбүлүөйдээх сыла бэлиэтэнэринэн Правительство хамыыһыйатын тэрийэн үлэни саҕалыыры, уот остуолбалара эргэрэн сууллалларынан уларытары о.д.а. туруорсуулары оҥордулар, ыйытыылары биэрдилэр. Итиннэ туһааннаах тэрилтэлэр эппиэттээх үлэһиттэрэ хоруйдаатылар, оруннаахтара боротокуолга киирдилэр. Кэпсэтии аһаҕастык барда. Аппаанылар СӨ Правительствотын ааспыт сыллааҕы үлэтин биһирээтилэр. Мунньахха 31 киһи сырытта.

Касьян Олесов — Олук

 

АРБЫН

Ааспыт сылга арбыннар уопсайа 17 боппуруоһу туруорсубуттарыттан 3 быһаарыллыбыт, 3-гэр үлэни ыыта сылдьаллар, оттон ордуга болҕомтоҕо баар диэн иһитиннэрдилэр. Сүрүн туруорсууларынан ФАП, элбэх өҥөнү толорор киин дьиэтин туттарыы, суол өрөмүөнэ, Хатыыстаах үрэххэ муоста оҥотторуу буолар.

Олохтоохтор сир баайын, Лена өрүскэ тутуллар муоста үбүгэр, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үгүс ыйытыыны биэрдилэр. Убаҕас тобоҕу оботторуу кыһалҕатын эттилэр, үрдүк салалта өттөөһүнү сөргүтэргэ үлэлэһэллэригэр туруорустулар.

Отчуоту 31 олохтоох кэлэн иһиттэ. СӨ ситэриилээх былааһын ааспыт 2023 сыллааҕы үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.

КӨБӨКӨН

СӨ ситэриилээх былааһын ааспыт 2023 сыллааҕы үлэтин бастакы бөлөҕө Көбөкөн нэһилиэгин дьонун-сэргэтин иннигэр отчуоттаата. Ааспыт сылга көбөкөннөр уопсайа 13 боппуруостара боротокуолга киирбитин ырыттылар. Сүрүн туруорсууларынан хаһыс да сылын оскуола тутуута сытыытык турар. 2026 сылтан тутуу үлэтэ саҕаланыахтаах.

Иккис хочуолунайы тутары, баһаарынай чаас (ДЕПО) тэриллэрин, Көбөкөнтөн 2 Хомустаахха диэри суол оҥорууну туруорустулар. Отчуот хамыһыйата сыллата уларыйа сылдьыбата буоллар диэн эттилэр. Оскуолаҕа үөрэх кинигэтинэн хааччыллыы туһунан ыйыттылар. Кыһын буор уута дьиэҕэ киирэрин өссө төгүл санатан туран, чинчийэр үлэни ыытарга туруорсаллар.

Педагогическай үлэһиттэргэ коммунальнай өҥөнү толойуу төлөбүрүн тарыып үрдүү турарынан улаатыннарарга үлэ ыыталларыгар эттилэр. Бу да сырыыга өрт боппуруоһа умнуллубата.

Олохтоохтор СӨ ситэриилээх былааһын ааспыт 2023 сыллааҕы үлэтин сыаналыырга 3 киһи туттунарын биллэрдэ.

ФРУНЗЕ

СӨ ситэриилээх былааһын ааспыт 2023 сыллааҕы үлэтин бастакы бөлөх састааба Фрунзе нэһилиэнньэтигэр отчуоттаата. Бөлөх салайааччыта Ким Борисов бары салаалары хабан туох үлэ ыытыллыбытын иһитиннэрдэ. Отчуокка 17 олохтоох сырытта.

Ааспыт сыллааҕы отчуокка олохтоохтор 6 туруорсуулара боротокуолга киирбит. ФАП дьиэтигэр өрөмүөн ыыта сылдьаллар, саҥа тэриллэри, миэбэллэри ылбыттар. Фрунзеттан 2 Хомустаахха диэри суол оҥорууну туруорсубуттар, билигин да туруорсаллар.

Нэһилиэнньэ кытаанах тобоҕу быраҕар реформа олоххо киирэн эрэринэн, өрүһүнэн айан тохтуур кэмигэр уонна сайын «Якутэкосети» ХЭТ маны хайдах дьаһайарын долгуйа саныылларын биллэрдилэр. Ойуур баһаарын кэмигэр хорутуллубут балаһаны тоҕо көннөрбөттөрүн туоһуластылар. Өртөөһүн үлэтин ыытарга үлэлэһэллэригэр, оскуола-сад капитальнай өрөмүөнүн түргэтэтэри, суотабай сибээс, интернет мөлтөҕүн эттилэр. Хатырыкка эбэтэр Маймаҕаҕа сапараапка станциятын туттарары туруорустулар.

Семен Аргунов

Читайте дальше