Нам улууһугар Хамаҕаттаҕа ахсынньы 16-17 күннэригэр Н.П. Габышев аатынан “Эрчим” спорт саалаҕа мини-футболу төрүттэспит Егор Сидоров-Пеле кэриэһигэр “Пеле Кубога” буолбута.
“Күрэхтэһии көрдөрбүтүнэн, Нам хамаандатыгар үс сыллааҕы тохтобул биллэ охсон таһаарда. Өрөспүүбүлүкэҕэ футбол таһыма биллэрдик үрдээбит”, – диир тэрийээччи Иван Яковлев.
Ленскэй нэһилиэк тэрийбит өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас турнирыгар барыта 14 хамаанда кэлэн күрэхтэстэ. Мини-футбол иккис күнүгэр 8 күүстээх хамаанда кыайыы аҥарыгар тахсарга, Горнайтан Аһыма Никольскайдыын, Уус Алдантан “Мүрү” “Эстурионнуун” (Дьокуускай), Намтан “Геопрайм” УФКИМС (Дьокуускай), Горнай “Слободалыын” (Амма).
Нам хамаандата “Геопрайм” УФКИМС хамаанданы кытта сүрүн бириэмэҕэ 3:3 оонньообут уонна пенальтига хотторон күрэхтэһииттэн туораабыт. Инньэ гынан, түөрт бастыҥнарга киирбэтэх. Оттон өрөспүүбүлүкэ билиҥҥи чөмпүйүөнэ, Саха сирин VIII Спортивнай оонньууларын кыайыылааҕа күүстээх “Мүрү” хамаанда финалга тиийбэтэҕэ, Саха сиригэр мини-футбол биир сиргэ турбата көстөр. Биһиги Наммыт улууһа эмиэ финал аҥаарыгар киирбэтэҕиттэн, мини-футболга улахан хамсааһын барбатаҕа билиннэ. Ол иһин, салалта уолаттарга сотору-сотору күрэхтэһии тэрийиэхтээх, дьарыктаан таһаарга сыал-сорук туруорунуохтаах.
«Олимпик» спорт оскуолаҕа мини-футболга билигин кыра уолаттарга уонна улаатан эрэр уолаттарга бөлөхтөр бааллар. Дьарыктар, оонньуулар ыытыллаллар эрээри, күрэхтэһиилэр аҕыйахтар. Холобура, улуус оскуолаларын үөрэнээччилэрэ мини-футболга сылга иккитэ-үстэ көрсөн күрэхтэһэллэр.
Бэйэм мини-футбол хайдах оонньонуллуохтааҕын бастакы күҥҥэ “Слобода” уонна “Эстурион” хамаадаларга көрбүтүм. Холобура, Амма уһун уолаттара бэрт чэпчэкитик куруук сүүрэ сылдьыбыттара. Бу көрсүһүүгэ биир да ордук хоһу туттунуу, мээчиги аҥаар кырыытынан тэбии суоҕа. Оонньуулара икки өттүттэн барыта толкуйдаммыт салайыынан, биир хамаанданан барбыта. Инньэ гынан, “Слобода” уонна “Эстурион” көрсүһүүлэрэ 3:3 ахсааҥҥа тэҥнэһиинэн түмүктэммитэ.
Быйыл саҥалыы хомуллубут УФКИМС хамаандата “Слобода” оонньооччуларын 3:1 ахсаанынан хаалларан “Пеле Кубога” хаһаайынынан буолбут. Үһүс миэстэ иһин Аһыма уонна “Эстурион” кыайыыга дьулууру толору футбол хонуутугар уурбуттар. Ол курдук, хамаандалар сүрүн бириэмэҕэ 5:5 ахсаан оҥороннор тэҥ оонньууну көрдөрбүттэр. Пенальти серията даҕаны туоһулуур: 5:4 ахсаан. Дьэ, кырдьык тыҥааһыннаах оонньуу буолбут диэн ааттыахха сөп. Сыралаах оонньуу кэнниттэн, Аһыма хамаандата хара көлөһүнүнэн ситиспит боростуойа суох кыайыытынан үһүс миэстэтин ылбыт.
2024 сылга Егор Сидоров 65 сыллаах үбүлүөйүнэн, кини төрөппүт кыыһа “Перелетные птицы” турфирма генеральнай дириэктэрэ Анна Сидорова тэрилтэтэ 10 сыла буоларынан ситимнээн Нам улууһугар үбүлүөйдээх “Пеле Кубога” күрэхтэһии буолара былааннаммыт. Хамаандалар бары кэлэллэрин биллэрбиттэр.
Кэлэр сылга Хамаҕатта спорт саалата бэйэтин өрө тардыннаҕына табыллар буолбут. Холобура, Саха сириттэн кэлээччи футболистар бу сырыыга таһырдьа чараас таҥастаах сүүрэкэлээтилэр уонна саалаҕа булгуччу сырдатыы уоттара чөлүгэр түһэриллэрэ кэлбит. Тоҕо оннук буоллай? Саала уота баччааҥҥа диэри оҥоһуллубат; суунар, чэпчэтинэр сир уута-хаара көрүллүбэт. Бу диэн эттэххэ, саалаҕа толору уот суоҕуттан ох саанан ытааччылар ыарырҕаталлара эмиэ этиллэр. Саала салалтата, олохтоох дьаһалта тугу эрэ тобулар, үлэ ыытар кэмнэрэ кэлбит.
“Күрэхтэһии түмүгүнэн таһыччы футболистарга биэс анал аат олохтонно. Егор Сидоровы кытта оонньообут “ГИОС” хамаанда ветеран оонньооччулара хас биирдии анал ааты ылбыкка 5 тыһыынча уу харчы туттарбыттара. “ГИОС” хамаандаҕа улуус баһылыга Слепцов Юрий Иннокентьевич оонньуурун санатабын.
Сидорова Анна Егоровна дьиэ кэргэнинээн туруорбут 50 тыһ. солк. уу харчы бирииһинэн кыайыылаах УФКИМС хамаанда наҕараадаланна. Күрэхтэһиигэ өйөбүл буолбуттара, спонсордарбытыгар махтанабыт”, – диэн кэпсиир Иван Васильевич.
Намнар энтузиаст Егор Сидоров “Пеле” аатын уйан мини-футболга ааппытын Саха сиригэр хаттаан төнүннэриэхтээхпит. Кини суолун салҕаабыт Иван Яковлев 2000 сыллар саҕаланыылара Иван Васильевич уолаттарга мини-футболга элбэх күрэхтэһии тэрийэн кэлбитин санатабыт. Бу хайаатар да төннүөн наада.
Харысхан Попов