Сааскы сынньалаҥы туһалаахтык атаар

Үөрэнээччилэр үһүс чиэппэрдэрэ бүтэн сааскы сынньалаҥнара саҕаланна. Дьиэлэригэр олорон хаалбаттарын туһугар оскуолалар, эбии үөрэхтээһин кииннэрэ араас дьарыктары ыыталлар. Ол курдук, 2024 сыл РФ Дьиэ кэргэн, СӨ Оҕо саас, Нам улууһугар Оҕо спордун сылларын чэрчитинэн З.А. Тихонова аатынан Намнааҕы «Түөлбэ» оҕо киинигэр маастар-кылаастары ыыталлар.

Бүгүҥҥүттэн, ол эбэтэр кулун тутар 25 күнүттэн кулун тутар 29 күнүгэр диэри идэҕэ туһаайар «Кидбург» куруһуок уонна «Сайдыс» бизнес-инкубатор педагогтара 1-10 кылаас үөрэнээччилэригэр олус интэриэһинэй, умсугутуулаах дьарыктары тэрийиэхтэрэ.

Бүгүн сарсыарда Екатерина Дьячковская «Пальчиковые куклы» диэн маастар-кылааһыттан саҕаланна. Күн иккис аҥарыгар, 3 чаастан Мария Сыромятникова суши оҥорууга үөрэтиэҕэ.

Күн аайы араас темаҕа оҕолору сибэкки олордуутугар, сувенирдары оҥорууга, оһуокай тылын этиигэ, пластилинынан арааһы оҥорууга, модельер буолууга үөрүйэхтэри иҥэриэхтэрэ. «Мин дьиэ кэргэним» уруһуй конкурсун ыытыахтара.

Итини таһынан педагогтар Намнааҕы 11-с №-дээх «Сулусчаан», 1-кы №-дээх «Солнышко» уһуйаан иитиллээчилэригэр кумааҕынан оҥоһуктары оҥорууга, оһуокай тылын этиигэ, тарбахтарын, өйдөрүн сайыннаран пластилинынан арааһы оҥорууга маастар-кылаастары ыытыахтара.

Төрөппүттэр, учууталлар оҕолоргут, үөрэнээччилэргит сааскы сынньалаҥнарын туһалаахтык атааралларыгар «Түөлбэ» оҕо киинин педагогтара ыҥыраллар.

Семен Аргунов