Саламаат саха төрүт аһа

Ыһыахха бэлэмнэнии, бу ураты туһунан түбүк буоларын дьахтар аймах бары да билэбит. Саламаат астаан, алаадьы буһаран, быырпах ытыйан күммүт күөрчэхтии эргийэр.

Бэс ыйын 7 күнүгэр Н. М. Рыкунов аатынан Нам киин библиотекаҕа «Эбээ сүбэтэ» диэн ааттаах саламаат астыырга маастар кылаас буолла. Саламааты астаан көрдөрдө уонна бэйэтин кистэлэҥнэрин кытта үллэстэргэ Кристина Попова.
Сахалар саламааты үксүн дьиэ малааһыныгар, үбүлүөйгэ, урууга оҕо төрөөтөҕүнэ астыыллар. Аныгы үйэҕэ идэтийбит ас астааччылар саламаат көрүҥүн элбэттилэр, ол курдук эттээх, балыктаах, тыллаах, отон арааһын кутуохха эмиэ сөп.

Саламаакка бурдугу кыра-кыра кутар ордук. Маныаха түргэнник туттуохха наада, бытааннык булкуйдаххына, хомуоктанан хаалар.

✅Үүтүҥ төһөнөн сыалаах да, саламаатыҥ соччонон минньигэс буолуо.

✅Чугуун иһиккэ буспут саламаат ордук минньигэс.

✅Арыыта аллан таҕыстаҕына, ол аата үтүөнү түстүүр, үчүгэй бэлиэ.

 


Лена Корякина